Тэрис олоҕун, күүрээннээх үлэтин туһунан саҥа кинигэ сүрэхтэннэ

Филология билимин кандидата, биллэр дьайаанньыт, сахаһыт  Лазарь Афанасьев – Тэрис туһунан “Саха саарына Тэрис” диэн саҥа кинигэ сүрэхтэннэ.

15.01.2020
презентация.jpg

Тохсунньу 14 күнүгэр Национальнай библиотека Историческай саалатыгар “Саха саарына Тэрис” диэн кинигэ сүрэхтэннэ. Кинигэҕэ Айыы үөрэҕин түсчүтэ, 90-с сылларга общественнай-демографическай хамсааһын биир лидерэ Лазарь Андреевич Афанасьев -Тэрис туһунан биир санаалаахтарын, бииргэ үлэлээбит дьонун, доҕотторун, дьиэ кэргэнин истиҥ-иһирэх ахтыылара, ону сэргэ Тэрис күүрээннээх үлэтин кэрэһилиир матырыйааллар хомуллан киллэрдилэр.

“Бу кинигэ сүрэхтэниитэ Таҥха кэмигэр түбэстэ, тэрээһин онон “Төлкөнү ахтыы” диэн ааттаах. “Төлкөнү ахтыы” сэһэнэ икки улахан олуктаах, бастакыта – Лазарь Андреевич олоҕун уонна айымньылаах үлэтин туһунан, иккис түһүмэҕэ – “Тэрис философскай көрүүлэрэ” диэн”, - диэтэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Анатолий Павлов – Дабыл.

Лазарь Афанасьев – Тэрис (12.01.1952 – 29.12.2017) филология билимин кандидата, биллэр дьайаанньыт, сахаһыт. 1989 сылтан “Саха кэскилэ” общественнай-политическай хамсааһыны тэрийсэр уонна салайар. Суверенитет идеятын сайыннарыыга уонна туруулаһыыга элбэх сыратын биэрбитэ. Кини биир сүрүн үлэтин норуот утумнаах дириҥ санаатын үөрэтии этэ. Онуоха баҕалаахтары түмэн, “Кут-сүр” кыһаны төрүттээбитэ. Итинтэн ыла “Кут-сүр” оскуола, общественнай Академия үөскээн, саха улахан санаатын – Айыы санааны, тыыннаах олоххо сүгүрүйэр үгэһи үөрэтии саҕаламмыта. Бу түмүгэр тыыннааҕы өйдүүр дьоҕурбут – Айыы үөрэҕэ тиллибитэ.

Кинигэ матырыйаалларын учуонай Василий Илларионов уонна да атыттар хомуйан, бэчээттээн таһаардылар.



Рубрики