Бүөтүр Мохсунуоха «Дьиҥнээх доҕор» диэн кинигэтэ сүрэхтэннэ
24.11.2023
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, СӨ Национальнай библиотекатын Историческай саалатыгар суруйааччы Петр Томскай-Мохсунуоха саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт «Дьиҥнээх доҕор» диэн мүччүргэннээх түгэннэрдээх историческай романын сүрэхтэниитэ ыытылынна. Ааптары кытта көрсүһүү, санаа атастаһыыта буолла, ааптар илии баттааһыннаах кинигэтэ атыыланна.
Бу историческай роман Хотугу Муустаах байҕал кый ыраах саһан сытар арыылары баһылааһыны, чинчийиини кытта сибээстээх нуучча полярнай экспедициятын хорсун-хоодуот айанньыттарын уонна эрэллээх сирдьиттэрин туһунан сырдатар. Манна сүнньүнэн дьиҥнээхтик буолбут түгэннэр кэпсэнэллэр. Ол эрээри айанньыттар үгүс мүччүргэннээх сырыыларын уонна Уһук Хотугу айылҕа хатыламмат дьикти-кэрэ көстүүлэрин ааптар маннык буолуохтаах диэн өйүттэн оҥорон көрөн ойуулуур.
«Бу кинигэбэр дьиҥнээх доҕордоһуу туһунан кэпсэнэр. Сүрүн дьоруой - Хотугу Муустаах байҕал арыыларыгар үстэ киирэ сылдьыбыт, ол сырыыларыгар туундараҕа төрүт олохтоох сахалары, эбээннэри, дьүкээгирдэри, сахатыйбыт нууччалары кытта үгүстүк алтыспыт, бииргэ сылдьыбыт, доҕордоспут биллиилээх чинчийээччи, аатырбыт айанньыт, геология дуоктара Эдуард Толль», - диэтэ ааптар Петр Томскай.
Кинигэ Усуйаана былыргы устуоруйатын үөрэтээччилэргэ, өбүгэлэрин хорсун-хоодуот быһыыларын интэриэһиргээччилэргэ, Хотугу Муустаах байҕал кыылларын быһыыларын-майгыларын, айылҕатын уратыларын билиэхтэрин баҕарааччыларга туһуланар.
Петр Томскай «Дьиҥнээх доҕор» диэн саҥа кинигэтин СӨ Национальнай библиотекатыгар бэлэх уунна, сотору кэминэн уларсан ааҕыахха сөп буолуоҕа.
Петр Петрович Томскай — Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстарын, суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ. Кини суруналыыс быһыытынан үлэтэ 1980 сыллаахтан дойдутугар Усуйаана оройуонун икки тылынан тахсар «Заря Яны», «Дьааҥы сардаҥата» хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы быһыытынан саҕаламмыта. 2000 сыллаахха «Ил Түмэн» хаһыакка кэрэспэдьиэнинэн үлэлээн, Ил Түмэн А.П. Илларионов аатынан бириэмийэтин лауреата буолбута. 2002 сыллаахтан «Саха сирэ» хаһыакка кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбитэ. СӨ суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата.
Рубрики