Брайль шрибинэн тахсыбыт хоһоон хомуурунньуга сүрэхтэннэ
22.11.2023
Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, СӨ Национальнай библиотекатыгар Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ, Хаҥалас улууһун уран тарбахтаах норуот маастара, Күөрдэм нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Галина Иванова – Айтыына Уран «Үөрүөх, бу баар олохтон...» диэн хоһоонун хомуурунньуга Брайль шрибинэн оҥоһуллан, тиһиллэн тахсыбытынан үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна.
Айтыына Уран 2018 сыллаахха тахсыбыт «Үөрүөх, бу баар олохтон...» хоһоонун хомуурунньугар оҕо саас сырдык ахтылҕана, оскуола, эдэр саас кэмнэрэ, таптал иэйиитэ, ону сэргэ үлэни өрө тутар, олоҕу туойар, айылҕа кэрэтин хоһуйар уонна анабыл хоһооннор киирбиттэрэ.
Кинигэ анал шрифкэ көһөрүгэр киэбэ улаатта, уопсайа 140 сирэйтэн турар. Кинигэни Брайль шрибигэр педагогическай наука кандидата, ХИФУ инклюзивнай үөрэхтээһин сайдыытыгар Хотугулуу-Илиҥҥи научнай-инновационнай киин дириэктэрэ Пантелеймон Егоров көһөрдө.
Брайль шрибинэн тахсыбыт хомуурунньук мөлтөхтүк көрөр уонна көрбөт ааҕааччыларга ананан таҕыста.
Галина Иванова –Айтыына Уран хоһоонноро 2015 сылтан өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, «Чолбон», «Күрүлгэн», «Чуораанчык» сурунаалларга, «Өлүөнэ очуостара» хомуурунньукка бэчээттэнэн саҕаламмыттара. Ырыалара дойду, айылҕа, алгыс, барҕарыы, доҕор, эдэр саас, таптал, оҕо, үөрэх, билии кыһата барыта ырыа буолан дуорайаллар. Төрөөбүт Хаҥалаһын улууһугар эбии үөрэхтээһин, 2-с Дьөппөн оскуолатын үөрэнээччилэрин, Тумул нэһилиэгин, култуура үлэһиттэрин гимнэрин тылларын уонна музыкаларын ааптардара буолар.
Саҥа сүрэхтэммит кинигэни СӨ Национальнай библиотекатыгар уонна Өрөспөбүүлүкэтээҕи көрбөттөр уонна мөлтөхтүк көрөр оскуола-интернакка туттарыахтара. Бу туһунан сөбүлэҥҥэ СӨ Национальнай библиотекатын дириэктэрин солбуйааччыта Светлана Попова уонна ХИФУ инклюзивнай үөрэхтээһин сайдыытыгар Хотугулуу-Илиҥҥи научнай-инновационнай киин дириэктэрэ Пантелеймон Егоров илии баттаатылар.
«Мөлтөхтүк көрөр оҕолорго үчүгэй литература билиҥҥи кэмҥэ элбэх буолбатах. Кэлэр күһүҥҥүттэн оҕолор сахалыы үөрэнэр кыахтаннылар диэн үөрүүлээх сонуну истибитим. Маннык айымньылаахтык үлэлиир, уһуйар дьон баарын тухары оҕо дьылҕата этэҥҥэ салаллан иһиэҕэ диэн эрэнэбин», - диэтэ суруналыыс, суруйааччы Евдокия Иринцеева-Огдо.
Галина Иванова - Айтыына Уран кинигэтин аныгылыы үйэ сиэринэн сыыппараҕа көһөрөн, СӨ Национальнай библиотекатын уонна Хаҥалас улууһун электроннай библиотекаларын пуондатыгар киирэн, хас биирдии ааҕааччыга тиийиэҕэ.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр «Үөрүөх бу олохтон» быыстапка турда.
СӨ Национальнай библиотекатын Медиа киинэ.
Рубрики