Варвара Окорокова айар үлэтигэр аналлаах төгүрүк остуол ыытылынна
Муус устар 18 күнүгэр СӨ Национальнай библиотекатыгар саха биллиилээх учуонайа, ХИФУ саха литературатын кафедратын профессора Варвара Окорокова айар үлэтигэр аналлаах төгүрүк остуол буолан ааста.
Тэрээһин сүрүн төрүөтүнэн саха маҥнайгы бэйиэт дьахтара Варвара Потапова айар үлэтин туһунан «Варвара Потапова Сир, Халлаан силбэһэр сүдү ырыата» диэн кинигэ бэчээттэнэн тахсыыта буолла. Варвара Окорокова үөһэттэн айдарыылаах, этиттэриилээх, дьиҥ талааннаах, ураты көрүүлээх, көҥүл тыыннаах саха бастакы поэтессата Варвара Потапова айар үлэтин туһунан кинигэ суруйан таһаарда. Ааптар бу кинигэҕэ Варвара Потапова уустук дьылҕатын, бэйиэт буолбут аналын, суолун анаарар уонна кини айар истиилин уратыларын, поэзиятын суолтатын ырытар, чинчийэр.
Тэрээһиҥҥэ тыл билимин хандьыдаата, саха литературатын кафедратын доцена, Арассыыйа ХИНтуоКИ билимҥэ солбуйааччы дириэктэрэ Матрена Попова, Варвара Потапова аата тиллиитигэр улахан үтүөнү-өҥөнү оҥорбут саха народнай артыыһа Зоя Багынанова кытыннылар. Поэт аата улаханнык ахтыллыбат кэмигэр кини кэргэнэ режиссер Федот Потаповтыын испэктээх тэрийэн оонньууллара, ону таһынан суруйааччы айымньытын туспа кинигэ оҥорон таһаарбыттаах.
Варвара Потапова айар үлэтин, олоҕун сиһилии көрдөрөр үс кинигэҕэ бүтүн бөлөх үлэлэспит. Түмсүү кыттыылаахтара бэлиэтииллэринэн, бу трилогия тахсарыгар профессор Варвара Окорокова үтүөтэ-өҥөтө бэрт үгүс.
Ону таһынан, саха тылын, литературатын үөрэтии методикатын кафедратын профессора, педагогика билимин дуоктара Евдокия Поликарпова, поэтесса Варвара Потапова сүгүрүйээччилэрэ - «Күннээх халлаан» диэн түмсүү аатыттан философия билимин дуоктара, ХИФУ философия кафедратын сэбиэдиссэйэ Андрей Саввинов эҕэрдэ тылларын, санааларын эттилэр.
Ил Түмэн мунньаҕын депутаттара Мария Христофорова, Владимир Федоров, Сунтаар улууһун култуура управлениетын информационнай методическай салаатын салаайааччыта Галина Самойлова, Ил Дархан дьаһалтатын уонна СӨ бырабыыталыстыбатын тылы сайыннарыы боппуруостарын дьаһалтатын салайааччыта Римма Жиркова, саха народнай суруйааччыта Андрей Кривошапкин, саха народнай поэта Наталья Харлампьева, саха народнай суруйааччылара Наталья Михалева-Сайа, Дмитрий Наумов, прозаик, суруналыыс, «Күрүлгэн» уус-уран сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ, Афанасий Гуринов-Арчылан, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр научнай институт фольклор уонна литература салаатын научнай үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата Саргылана Ноева, «Айар» кинигэ кыһатын редактора Алина Бурцева уонна үөлээннээхтэрэ, үөрэнээччилэрэ, уһуйбут магистраннара эҕэрдэлээтилэр.
Варвара Борисовна иилээн-саҕалаан, эрэдээксийэлээн, «Саха салаата. Үйэлээх өйдөбүллэр», «Самныбат саргылаах сахабыт салаата», «Наша гордость: энциклопедия выпускников якутского отделения» о.д.а. кинигэлэр күн сирин көрбүттэрэ. Варвара Борисовна билиҥҥи кэмҥэ саха литературатын чинчийиигэ күүскэ уонна таһаарыылаахтык үлэлиир учуонай буолар. Уопсайа 300-тэн тахса научнай үлэлээх, ол иһигэр 40-ча монографияны, 20 үөрэх кинигэтин, элбэх ыстатыйалар хомуурунньуктарын бэчээттэттэ. Онон кини өр сыллаах үлэтэ өрөспүүбүлүкэ дьонун-сэргэтин олоҕун култуурунай, духуобунай өрүтэ бөҕөргүүрүгэр улахан суолталаах. Варвара Борисовна саха поэзиятын, прозатын хорутуулаахтык ырытарын сэргэ хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар литератураларын үөрэтиигэ тарбахха баттанар чинчийээччи буолар.
Тэрээһиҥҥэ Варвара Потапова хоҺоонноруттан ааҕан иһитиннэрдилэр. Былырыын Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын режиссера Валентина Якимец туруоруутугар «Ойдом үүммүт хахыйах» диэн моно-ипсэктээх турбуттаах. Испэктээхтэн быһа тардыыны тыйаатыр артыыската Татьяна Хомподоева дьүһүйэн иһитиннэрдэ. Дьоро киэһэни муусуканан киэргэттилэр: виртуоз-хомусчут, СӨ үтүөлээх артыыһа Альбина Дегтярева, саха эстрадатын артыыската Варвара Аманатова уо.д.а.
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ, тыл үөрэҕин хандьыдаата, доцент Гаврил Торотоев уонна тыл үөрэҕин дуоктара, саха литературатын кафедратын сэбиэдиссэйэ, тыл билимин наука дуоктара Валентина Семенова киэһэни иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Варвара Потапова айар үлэтигэр интэриэс хаһан даҕаны уҕараабат, саҥаттан саҥа көлүөнэ ааҕааччылар, көрөөччүлэр кини айар үлэтин куруук сэргии-кэрэхсии тураллар. Кини төһө даҕаны олоҕо, дьылҕата ыараханын иһин, үйэлэри уҥуордуур өлбөт-сүппэт айымньылары оҥорон дьоллоох буолбута. Саха-аймах инники кэскилин туһунан толкуйдаабыт-санаабыт бэйиэт буолар. «Варвара Потапова поэзията иккистээн тиллэн, норуотугар эргиллэн, бүгүн биһигини бу саалаҕа хомуйан олордоҕо», – диэн Наталья Харлампьева этэр.
«Мин сырдык санньыарым сылытыа дьон дууһатын»