Поэзия күнүгэр Саргылаана Гольдерова - Саргы Куо саҥа кинигэтэ сүрэхтэннэ
Бүгүн, Аан дойдуга Поэзия күнүгэр, СӨ Национальнай библиотекатын Историческай саалатыгар Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо «Иэйиэхсит/Благословение» диэн саҥа кинигэтин сүрэхтээтилэр.
Кинигэ 700 экземплярынан тахсан, библиотекаларынан тарҕаныа диэн тэрийээччилэр эттилэр.
Саргы Куо саҥа кинигэтигэр хоһоонноро, поэмалара икки тылынан – сахалыы уонна нууччалыы тылынан таҕыста. Нууччалыы тылбааһын суруйааччы Ирина Ермакова, икки поэматын Михаил Дьячковскай-Көлбө тылбаастаабыттар.
«Саргы Куо аҕатын, поэт, суруйааччы Василий Федотович Голдьеров, суолун батыһан, күн бүгүн саха поэзиятыгар үлэлии сылдьар. Ол эмиэ бэйэтэ туспа ураты суол курдук. Василий Федотович Саргылана суруйар үлэтин быраҕан кэбиспэтин туһугар олус кыһаллар этэ. Аммаҕа олорор кэмигэр кыыһа суруйбут хоһооннорун хомуйан, хаһыакка бэчээттэтэ аҕалтыыр этэ. «Саргы хоһооннорун аҕаллым, хайыыгытый, көрүҥ», - диирэ», - диэн саха народнай поэта Наталья Харлампьева кэпсээтэ.
Гольдерова хоһооннорун подстрочнига, кинигэ сүрэхтэниитин күнүгэр эппиттэринэн, 40 сыл устата тахсыбатах. Маныаха Саха суруйааччыларын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров өйөөн, ыксатан, бу кинигэ күн сирин көрбүт.
«Бу кинигэбин барытын түһүмэхтэринэн арааран, билиҥҥи көрүүбүнэн тиэмэлэринэн наардаан таһаардыбыт. Ону таһынан таптал туһунан олус элбэх хоһооннорум киирдилэр, урут ханна да тахсыбатах айымньыларым эмиэ бааллар. Таптал өлбөт тыыннаах эйгэтинэн айыллыбыт поэзиям кэм тургутуутун ааһан, кинигэ буолан тахсар күннээх эбит», - диэтэ Саргылаана Гольдерова.
Саргылаана Гольдерова сахалыы тылынан тахсыбыт 11 хомуурунньуктаах. Кини араас тиэмэҕэ уонна жанрга суруйар поэт. Кэнники кэмҥэ поэт аан дойду, сир ийэ туһунан суруйар.
«Саргы Куо хоһоонноругар кини олоҕун бүтүннүү көрүөхпүтүн сөп. Ол курдук поэзиятын тыына, тиэмэтэ уларыйан, сайдан иһэр. Саргылана Васильевна хоһоон эйгэтигэр улааппыта. Олус элбэх поэт доҕоттордоохтор, поэт аймахтардаахтар. Онон хоһоон – кини олоҕо диэхпитин сөп. 42 тыһыынчаттан тахса строканы суруйбут, 72 поэмалаах, 900 хоһоонноох», - диэтэ ХИФУ профессора, тыл билимин дуоктара Варвара Окорокова.
Саргылаана Васильевна Гольдерова - Саргы Куо 1959 сыллаахха Амма улууһун Болугур сэлиэнньэтигэр учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Булуҥ улууһун Таймылыыр сэлиэнньэтигэр саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ, Анаабырга «Красная звезда» улуустааҕы хаһыакка суруйара, «Эдэр коммунист» өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыакка кэрэспэдьиэнинэн, Амма улууһугар телестудия редакторынан үлэлээбитэ.
Маҥнайгы хоһооно 1977 сыллаахха «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэммитэ. «Аһаҕас сурук» диэн маҥнайгы хомуурунньуга 1958 сыллаахха тахсыбыта. Россия уонна Саха сирин суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Аммаҕа уонна Дьокуускай куоракка олорор.
СӨ Национальнай библиотекатын Медиакиинэ