Георгий Васильев – Мандар: “Эдэр сылдьан кинигэбин былдьыахтарыгар диэри ааҕар этим”
СӨ Национальнай библиотекатыгар суруналыыс, суруйааччы, Бэчээт Туйгуна, СӨ култууратын Үтүөлээх үлэһитэ Георгий Никитич Васильев – Мандар кэлэ сылдьыбытын тутан сэһэргэстибит.
Ол курдук 44 сыл устата суруналыыстаабыт, Россия суруйааччыта урут кинигэтин былдьатыар диэри ааҕарын кэпсээтэ.
“Мин эдэр сылдьан, туох баар кинигэни барытын ааҕар этим. Аһыы олорон, үлэлии сылдьан куруук ааҕан тахсар этим. Кинигэбин былдьыахтарыгар диэри. Нуучча классиктарын А.С. Пушкин, М.Ю. Лермонтов, А.И. Куприн, Л.Н. Толстой айымньыларын, омук суруйааччыларын кинигэлэрин эмиэ сөбүлүүрүм. Туох даҕаны былаана суох барытын ааҕар этим. Саха суруйааччыларыттан Н.Е. Мординов - Амма Аччыгыйа, П.А. Слепцов - Ойуунускай айымньыларын сөбүлээн ааҕарым.
Национальнай библиотекаҕа нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ хайаан даҕаны сылдьабын, манна киһи үлэлиир турукка киирэр. Дьиэбэр үлэлиир хостоохпун даҕаны, дьиэ аата дьиэ буоллаҕа”, - диэн суруйааччы кэпсиир.
Мандар билиҥҥи ыччат аахпат буолан иһэр диэн санаатын эттэ. Ол аан дойду кыһалҕата буолбутун бэлиэтээтэ.
“Билигин дьон олох аахпат буолла. Интэриниэти, ватсабы көрөллөр. Бу аан дойду үрдүнэн кыһалҕа буолла. Интэриниэккэ ким баҕарар суруйар, кырдьык-сымыйа буоллун, аҥаар кырыытыттан онно уган иһэллэр. Ону билбэт киһи итэҕэйэр. Оттон ватсап диэн ыал икки ардынан кэпсээн буоллаҕа дии, тугу толкуйдаабыттарын, сымыйанан суруйа-суруйа ыыталлар. Ол гынан баран дьону кытта кэпсэтэргэ-ипсэтэргэ эмиэ туһалаах”, - диир Мандар.
Мандар кинигэ таһаарыытыгар ыкса үлэлэспит киһи быһыытынан, хаһыат туһунан санаатын эттэ:
“Улуустарынан сылдьан көрдөхпүнэ, үгүс ыал “Кыымы”, “Туймааданы”, “Саха сирин” сурутар. Дьон үксүн кутталлаах кэпсээннэри, абааһыны, ойууну, иччини, криминалы ааҕар", - диэн кылгас кэпсэтиибитин түмүктээтибит.