Өбүгэлэрбит кэппит кыһыҥҥы соннорун көрүҥ
Бүгүн, ахсынньы 2 күнүгэр, СӨ Национальнай библиотекатыгар «Олоҥхо таҥаһын алыптаах дьиктитэ» диэн төрүт өбүгэлэрбит кэппит кыһыҥҥы соннорун көрдөрдүлэр. Тэрээһин Олоҥхо декадатын уонна «Кыһын саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ыытылынна.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ Дьокуускайтан, Хаҥаластан, Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Сунтаартан саха мааны таҥаһын тигиитинэн утумнаахтык уонна ситиһиилээхтик дьарыктар иистэнньэҥнэр кытыннылар.
Тэрээһини «Уран иис» түмсүү салайааччыта, устуоруйа билимин хандьыдаата, ХИФУ дассыана Светлана Петрова уонна «Өбүгэ суола» билим-сырдатар түмсүү салайааччыта, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын үнүстүүтүн билим үлэһитэ Александра Прокопьева иилээн-саҕалаан ыыттылар.
«Иистэнньэҥнэрбит ааттара былыргы ааттаах иистэнньэҥнэр Чурапчыттан Наамайар Огдооччуйа уонна Уус Ылдьаана, Сунтаартан Уар кыыһа Маарыйа уонна Бортунуой Хабырылла курдук уос номоххо киириэхтэрэ диэн эрэнэбин. Саха таҥаһынан утумнаахтык дьарыктанар маастардар үлэлэрэ соторутааҕыта Африка курдук ыраах сиргэ быыстапкаҕа туран кэллилэр», - диэн Светлана Петрова кэлбит ыалдьыттарга иһитиннэрдэ.
Тэрээһиҥҥэ 19 үйэҕэ, 20-с үйэ саҕаланыытыгар кэппит эр киһи, дьахтар кыһыҥҥы мааны соннорун, бэргэһэлэрин, дьабакаларын, сутуруолаах этэрбэстэрин, буруо тириитэ үтүлүктэрин көрдөрдүлэр. Ол кэннэ сон иһинэн тугу кэтиэххэ сөбүн кэпсээтилэр. Биллэн турар, маанылаах халадаай уонна кэһиэччик, сайын ол таһынан оноолоох сон. Бууктаах, кытыылаах, оноолоох соннору кытта дьүөрэлии халадаайдаах, кэһиэччиктээх хаамтылар.
Маны таһынан «Уран Саха» ювелирнай фирма уонна аатырбыт уустар Иннокентий Егоров, Петр Алексеев үрүҥ көмүс, алтан киэргэллэрин, «Уран Иис» талааннаах иистэнньэҥнэрэ тикпит ат маанылаах симэхтэрин кэлбит дьон сөҕө-махтайа көрдүлэр.
Хаартыскалары бу сигэнэн киирэн көрүҥ.
Видеоҕа Варвара Степанова-Арчыына ырыата туһанылынна.
СӨ Национальнай библиотекатын Медиа киинэ.