«Ырыа чыычаах» сахалыы саҥарда
Сунтаар улууһун С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Норуот айымньытын киинигэр "Чалыкушу (Ырыа чыычаах)" кинигэни билиһиннэрэр тэрээһин буолан ааста.
Бу "Чалыкушу (Ырыа чыычаах)" диэн кинигэ Турция биллиилээх суруйааччыта Решад Нури Гюнтекин 100 сыл анараа өттүгэр айан хаалларбыт, аан дойдуга биллибит "Птичка певчая" айымньытын тылбааһа.
Аатырбыт арамааны Суруйааччылар Саха Сиринээҕи, Арассыыйатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы сойуустарын чилиэнэ, прозаик, публицист, тылбаасчыт, Сунтаардааҕы "Ньургуһун" литературнай уонна иистэнньэҥнэр "Ситии" түмсүүлэрин сүрүннүүр сүбэһиттэрэ, ырыаһыттар "Үс кут" түмсүүлэрин салайааччы, өрөспүүбүлүкэ уус-уран оҥоһуктарын маастара, "Көмүс куолас" номинация хаһаайката Валентина Григорьевна Дьячковская-Хара Көмүс тылбаастаата.
Тэрээһин Решад Нури Гюнтекин биир дойдулааҕа, тыл үөрэхтээҕэ, эдэр кэскиллээх учуонай Хасан Хайырсевер Венгрияттан Интэриниэт көмөтүнэн ыыппыт эҕэрдэтинэн саҕаланна. Омук киһитэ диэтэххэ, уу сахалыы тылынан ыраастык саҥарарын бары да соһуйа уонна үөрэ иһиттибит.
-Туроктар сүдү суруйааччыбыт Решад Нури Гюнтекин "Птичка певчая" айымньыта "Чалыкушу (Ырыа чыычаах)" диэн ааттанан, сахалыы тылынан тылбаастаммытын олус үөрэ истибитим.
Решад Нури Гюнтекин уонна кини кинигэтин туһунан аҕыйах тылынан ахта түһүүм. Биһиги дойдубут Турция өрөспүүбүлүкэтэ 1923 сыллаахха төрүттэммитэ. Ол саҕана Решад Нури эдэр кэскиллээх суруйааччылартан биирдэстэрэ этэ. Кини идэтинэн учуутал, үлэтинэн үөрэҕирии инспектора буолан, тыа сирин элбэхтик кэрийэрэ. Олох таһыма хайдаҕын билэрэ. Ол иһин Стамбулга олорор суруйааччылардааҕар норуокка чугас киһи этэ. Кини бу айымньытын көмөтүнэн эдэр өрөспүүбүлүкэ инники олоҕо ханнык хайысханан сайдыан сөбүн этэ сатаабыта. Кинигэ бастаан утаа 1921 с. “Время” хаһыакка бэчээттэммитэ. Кэлин аан дойду үрдүнэн үгүс тылынан тылбаастанан тарҕаммыта.
Мин тус бэйэм уонна норуотум аатыттан күндү Валентина Григорьевнаҕа - Хара Көмүскэ улаханнык махтанабын. Билиҥҥи кэмҥэ мин Венгрияҕа научнай үлэнэн дьарыктана сылдьабын. Бу ахсынньы ыйга дойдубар тиийдэхпинэ, онно миигин күүтэн сытар сахалыы кинигэни илиибэр тутуоҕум. Төрөөбүт тылбынан суруллубутун аахпытым уонна илиибиттэн араарбат кинигэлэрбиттэн биирдэстэрэ буолар...
Филологическай наука дуоктара, профессор Варвара Окорокова айымньы тылбааһын олус үрдүктүк сыаналаан, видеоҕа санаатын устан ыыппытын көрдүбүт.
--Валентина Григорьевна Дьячковская-Хара Көмүс туроктар аатырбыт арамааннарын сахалыы тылынан саҥарта. Хара Көмүс олус бэркэ тылбаастаабыт. Айымньы интонациятын, настарыанньатын таба тайаммыт. Сүрүн дьоруой Чалыкушу кыыс эрэйдээх-муҥнаах олоҕо, кини олоххо тардыһыыта, юмора, майгыта-сигилитэ ситэри ойууламмыт. Хайдах эрэ, тылбааһы буолбатах, сахалыы кинигэни ааҕа олорор курдук турукка киирэҕин. Ол иһин биир тыынынан ааҕан кэбистим. Оннук курдук тылбаас наһаа табыллыбыт...
Салгыы саха, нуучча тылларын учууталлара, үөрэнээччилэр, айар үлэнэн дьарыктанааччылар санааларын үллэһиннилэр.
Түмүгэр төгүрүк остуол кыттыылаахтара бу айымньыны кытары эдэр дьон билсэрэ хайаан да туһалаах буолуоҕун, сахалыы тыллаах киинэ буолан, күн сирин көрүөн сөбүн, норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан сымныырыгар төһүү күүс буолар кыахтааҕын туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
"Чалыкушу (Ырыа чыычаах)" кинигэ 500 сирэйдээх, баара-суоҕа 100 ахсаанынан таҕыста. Ол олус кэмчи. Кэлэр өттүгэр тустаах кинигэ кыһалара болҕомтолорун уураллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Тэрээһин түмүктэниитэ тылбаас ааптара да, кыттааччылар да өттүлэриттэн итии-истиҥ махтал тылларын сэргэ “Үс куттар” кэнсиэр бэлэх ууннулар. Ырыаһыт уолаттар Егор Третьяков, Афанасий Алексеев толоруулара, Хара Көмүс ырыалара дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланнылар.
Кинигэ биһирэмин үөрүүлээх түгэнигэр ырыаһыттарбыт солбуллубат музыканнара Е.Е. Третьяковка “Сцена бэтэрээнэ” диэн түөскэ анньыллар бэлиэни туттардылар.
Тылбаас ааптара В.Г. Дьячковская-Хара Көмүс уонна "Үс кут" ырыаһыт уолаттара Е.Е. Третьяков, А.К. Алексеев тэрээһиҥҥэ кыттыбыт бар дьонноругар махталлара улахан.
Мин үлэлиир оскуолам үөрэнээччилэрэ сахалыы тылынан ааҕалларыгар кыһанабын. Онон бу кинигэни көҕүлээн аахтарыам. Эдэр ыччат дьон ааҕарыгар анаммыт айымньы. Оҕолору элбэххэ үөрэтииһи.
Изабелла Третьякова,
Кутана, Сунтаар.