«Мин сахалыы саҥарабын!» дебакка күрэс туһунан
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, «Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин» кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ, «Мин сахалыы саҥарабын» төрөөбүт тылынан хомоҕойдук саҥарарга, уус-уран айымньыны иҥэрэн ааҕарга үөрэтэр маастар-кылааһы уонна сахалыы дебат күрэһин тэрийэн ыыттылар.
Бу тэрээһин Ил Дархан Гырааныгар кыайбыт ийэ тылы сайыннарыыга туһуланар бырайыак иитинэн буолла. «Төрөөбут тылынан ааҕыы уонна саҥарыы сатабыла» тиэмэҕэ маастар-кылааһы СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Варвара Прокопьевна Корякина ыытта.
«Сахалыы дебат» хамсааһынын сайыннарыы чэрчитинэн сахалыы тылынан бүтүн Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыалабыай оонньууну куйаар ситимин нөҥүө тыл билимин хандьыдаата Ангелина Афанасьевна Кузьмина, «Сыл бастыҥ учуутала» күрэх кыайыылааҕа Айаал Трифонович Мохначевскай ыыттылар.
Барыта алта хамаанда Сахабыт сирин араас муннуктарыттан кытыннылар. Түмүккэ кыайыылаах түөрт хамаанда (Майа, Маалыкай, Саһыл, Амма-Наахара оскуолаларыттан) аны финалга Дьокуускай куоракка кэлэн күрэхтэһэр буоллулар. Оонньуу түмүгүнэн «Бастыҥ испиикэрдэр» анал аат маннык оҕолорго иҥэрилиннэ:
- Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г.Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин 11 кылааһын үөрэнээччитигэр Захарова Вераҕа. Салайааччылар: Слободчикова Тамара Егоровна, Кычкин Андрей Владимирович;
- Амма улууһун П.И. Яковлев аатынан Амма-Наахара орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитигэр Мартынов Талбаҥҥа. Салайааччы: Григорьева Надежда Аркадьевна, Мартынова Алена Егоровна;
- Томпо улууһун Е.Е. Протопопов аатынан Саһыл орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитигэр Дьулус Хастаевка. Салайааччылар: Сидорова Сардана Константиновна, Ворогушина Татьяна Дмитриевна, Сырдык Айалхаана Баай.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Хаҥалас Бэстээх оскуолатын үөрэххэ дириэктэри солбуйааччы, устуоруйа уонна обществознание учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, өрөспүүбүлүкэтээҕи WSJ күрэс «Коммуникабельность» кэмпитиэнсийэҕэ кыайыылаахтарын тириэнэрэ Мария Антоновна Емельянова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г.Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин устуоруйа уонна обществознание үрдүкү категориялаах учуутала, «Саха сирин эрэлэ бэлиэ хаһаайына”, «Будущий дипломат-2018» дебат күрэһин кыайыылаахтарын тириэнэрэ Андрей Владимирович Кычкин, Дьокуускай куорат 26 №-дээх оскуолатын устуоруйа уонна обществознание учуутала, «Методист Якутии» бэлиэ хаһаайына Айаал Трифонович Мохначевскай.
Бырайыак чэрчитинэн, оҕолор бу иннинэ аман өс уонна уус-уран айымньыны айыы күрэһигэр кыттыбыттара. Уус-ураннык суруйуу, төрөөбүт тылынан тыл этии маастар-кылаастарыгар үөрэммиттэрэ. Айымньыны айыы күрэһигэр киирбит үлэлэр түмүктэринэн Саха сирин бары кыттыбыт олохтоох омуктар (дьүкээгир, эбээн, саха, долган, чукча, эбэҥки) төрөөбүт тылларынан кинигэ тахсара былааннанар. Маннык күрэс Саха сиригэр тарҕана илигин быһыытынан, саха тылын учууталлара күрэһи көрдүлэр, уопут ылан, маннык күрэс сайдыан наадатын уонна инникитин ыытарга үөрэммиттэрин бэлиэтээтилэр. Оҕо төрөөбүт тылынан саҥара-иҥэрэ үөрэнэригэр туһалаах билиҥҥи кэмҥэ сөптөөх ньыма буоларын эттилэр.
Василий Кузьмин,
sakhaetigentyla.ru саайт уобсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.