Сунтаар улууһугар «Уол Дуолан бухатыыр олоҥхону дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт» күрэс тэрилиннэ
Быйыл, Сунтаар улууһун кииннэммит бибилилэтиэкэлэрин ситимигэр дьиэ кэргэн ааҕыытын сылын чэрчитинэн, СӨ “Олоҥхо” ассоциацията, СӨ “Олоҥхо” ассоциациятын Сунтаардааҕы салаата, Сунтаар улууһун кииннэммит бибилэтиэкэлэрин ситимэ, С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинэ “Уол Дуолан бухатыыр” олонхону дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт” күөн күрэс тэрийдилэр. Олоҥхо ааптара Кутанаттан төрүттээх Митрофан Захарович Мартынов. Бастакы түһүмэх олунньу 13 күнүттэн ыам ыйын 15 күнүгэр диэри нэһилиэктэргэ ыытылынна. Барыта 152 ыал, 613 кыттааччы хабылынна. Улуустааҕы түһүмэххэ 60 ыал киирбититтэн 10 бастыҥ ыал талылынна.
Иккис түһүмэх улуустааҕы тэрээһинэ бэс ыйын 18 күнүгэр Сунтаар уйгулаах ыһыаҕын чэрчитинэн буолла. Улуус үрдүнэн 8 ыал (34 киһи): Сунтаартан Тимофеевтар, Хороттон Сековтар, Элгээйиттэн Еремеевтар, Бүлүүчээнтэн Степановтар, Морозовтар, Күүкэйтэн Алексеевтар, Куокунуттан Николаевтар, Михалевтар дьиэ кэргэттэрэ талыллан киирэн кыттыыны ыллылар. Икки ыал кэккэ биричиинэнэн сатаан киирбэтилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ Кондратьева Мария Васильевна (Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала), Алексеева Анна Анатольевна (Сунтаардааҕы 3-с №-дээх орто оскуола саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала), Сафонова Кристина Вильямовна (Оҕо ускуустубатын оскуолатын фольклорга уһуйааччыта) үлэлээтилэр. Хас биирдии дьиэ кэргэн 10 мүнүүтэ устата төрөөбүт тылбыт күүһүн-уоҕун, баайын көрдөрдүлэр, көрө-истэ мустубут дьон-сэргэ олоҥхону куппутугар, эппитигэр-хааммытыгар, дууһабытыгар иҥэриннибит.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаахтарынан: I-кы үрдэл Морозовтар (Бүлүүчээн ), II-с үрдэл Тимофеевтар (Сунтаар), III-с үрдэл Николаевтар (Куокуну), ону таһынан Степановтар (Бүлүүчээн) “Тэтимнээх олоҥхону ааҕааччы дьиэ кэргэн”, Михалевтар (Куокуну) “Сэһэннээх олоҥхону ааҕааччы дьиэ кэргэн” анал ааттары, биһирэбил бириистэри Сековтар (Хоро), Еремеевтар (Элгээйи), Алексеевтар (Күүкэй) ыллылар. Тэрээһиҥҥэ Үөһээ Бүлүүгэ буолар Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн ыытыллар Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун уһун тыыннаах ааҕыытыгар талыллан киирбитин туһунан ыҥырыы уонна туоһу суруктары Августина Денисовна Платоноваҕа, Кириэстээх нэһилиэгин “Саргы түһүлгэтэ” КК уус-уран салайааччытыгар, Елена Николаевна Андрееваҕа, Тойбохой нэһилиэгин С.Г.Кривошапкин аатынан тулаайах оҕолорго көмө оҥорор киин иитээччитигэр туттардылар. Тэрийээччилэр ааттарыттан кыйыылаахтары эҕэрдэлиибит, кыттыбыт ыалларга улахан махталбытын тириэрдэбит.
Бырайыак үһүс түһүмэҕэ балаҕан ыйын 1 күнүттэн сэтинньи 25 күнүгэр диэри салҕанар. “Уол Дуолан бухатыыр” олоҥхону дьиэ кэргэнинэн уус-ураннык ааҕыы видеокиинэ Олоҥхо күнүгэр сүрэхтэнэрэ, күрэскэ кыттыбыт дьиэ кэргэттэри бэлиэтээһин, чиэстээһин, наҕараадалааһын , бэлиэ анал ааттары иҥэрии, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ видеороликтар диискэлэрин туттарыы буолар. Ону таһынан кыттыбыт ыаллар “Олоҥхолоох айан” улуустааҕы бырайыакка кытталларын эрэнэ, долгуйа күүтэбит.
А.П.Портнягина,
Сунтаар улууһун кииннэммит бибилэтиэкэлэрин ситимин сүрүн мэтэдьииһэ