Олонхону толорооччу ыччат десана «Олоҥхолоох айан: НОО!»

13.04.2022
«Олоҥхолоох айан: НОО!» олоҥхону толорооччу ыччат десана Бүлүү бөлөх улуустарынан нэдиэлэ кэриҥэ айаннаан кэллэ. Олоҥхо-тойук аргыстаах, кэскиллээх көрсүһүүлэр Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар буолан аастылар. Бу саҥа тэрээһин Култуура үйэлээх баайын сылыгар ананан, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин көҕүлээһинэн олоххо киирдэ. Айанньыттар “Олоҥхону истээччи эйгэтин хайдах кэҥэтэбит?” диэн тыын боппуруоһу ырытыһар, саҥа көрүүнү тобулар сыаллаах сырыттылар.


Рубрики