Василий Борисов: «Электроннай библиотеканан хас биирдии киһи туһанарыгар дьулуһабыт»

“Саха” НКИХ “Сэһэн сирэ” биэриитигэр СӨ Национальнай библиотекатын дириэктэрин солбуйааччыта Василий Борисов библиотека үлэтин-хамнаһын, сайдар кэскилин туһунан кэпсээтэ.

22.01.2021
188941aa-c836-4ad8-8742-bf86f440c86f.jpeg
Билигин Электроннай библиотекаҕа 50 тыһыынча кэриҥэ кинигэ харайыллан сытар, ону таһынан библиотека өҥөнү оҥорууга үлэтин сайыннарар.

Электроннай библиотекаҕа ааҕааччыга анаан хас даҕаны сегмент баар буолбута, холобур, оскуола оҕотугар, төрөппүттэргэ, наука үлэһиттэригэр, Кыайыы 75 сылыгар уо.д.а.

“Наука үлэтэ аан маҥнай ыстатыйаттан саҕаланар. Онуоха информационнай системаларга ыстатыйаны киллэрии туспа үлэни эрэйэр. Маныаха библиотека техническэй үлэтин оҥорорго көмөлөһөр. Суруйар дьоҥҥо анаан “Электроннай таһаарыы” диэн сегмент баар, дьон айымньытын биһиэхэ ыытар, туспа хамыыһыйа көрөн баран таһаарар”, - диэн Василий Борисович кэпсээтэ. 

2020 сыл кулун тутар ыйыттан “Тус библиотекарь” диэн бырайыак үлэтин саҕалаабыта. 

“Тус библиотекарь диэн бу дьаҥ кэмигэр баар буолбута. Онно кэтээн көрдөххө, Электроннай библиотеканы туһанар дьон син биир аҕыйах эбит, маныаха Колл-киин тус библиотекары аныыр. Библиотекарь ааҕааччы кинигэ, ыстатыйа, хаһыат буларыгар көмөлөһөр, булан биэрэр”, - диэтэ Василий Борисов.

Салгыы “Сэһэн сирэ” биэриигэ көрүҥ.

Рубрики