«Саха дойдута» («Якутский край») бастакы хаһыат туһунан кылгастык
1905-1907 сыллардаах өрөбөлүүссүйэ дирбиэннээх түгэннэрэ Саха сирин хаһыаты таһаарар тэрилтэлэрин эмиэ таарыйбыта. Ол туоһутунан Сахабыт сиригэр хаһыат билиҥҥи өйдөбүлүгэр толору эппиэттиир бастакы хардыыны оҥорбут «Саха дойдута» диэн хаһыат тахсыбыта. Ол туһунан “Ил Түмэн” Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта А.Н. Жирков маннык бэлиэтээн турар: “ «Саха дойдута» («Якутский край») саха бэчээт туһунан өйдөбүл ханна даҕаны олохсуйа, анал сахалыы шрифт оҥоһулла илик кэмигэр, сахалыы хаһыаты төрүттээччилэр бу үлэни кыахтаахтык, дьулурҕатык саҕалаабыттарын уонна, бүгүҥҥү да күн таһымынан тэҥнээтэххэ, кинилэр бу үлэлэригэр улахан ситиһиилэммиттэрин көрдөрөр” (Жирков А.Н.). Кырдьык даҕаны, ол кэмҥэ «Саха дойдута» («Якутский край») хаһыат 1907 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр нууччалыы, сахалыы тылынан күн сирин көрбүт бастакы сахалыы сурук-бичик буолара саарбахтаммат. Ол төрүөтүнэн Саха сиригэр көскө кэлбит политическай сыылынайдар уонна саха бастакы үөрэхтээхтэрэ, интеллигенцията биир өйгө-санааҕа киирэн, төһө да ыарахаттары көрсөн “бэлитиичэскэй, уопсастыба уонна литератураҕа” сыһыаннаах Саха сирин бэчээтин историятыгар биир умнуллубат хардыы кэми үйэҕэ хааллардахтара.
XX үйэ саҕаланыытыгар олоххо уларыйыы бастакы хардыытыгар хаһан баҕарар сыыһа-халты баара чахчы. Ол курдук, хаһыат сүрүн эрэдээктэрдэринэн уонна элбэх интэриэһинэй ыстатыйалары бэлэмнээбит суруйар дьоҕурдаах политическай сыылкаҕа кэлбит дьон этилэр. Кинилэр олоххо демократическай уонна инникини көрүүгэ хоро түһүүлээх оччотооҕу бырабыытылыстыбаҕа утары туруорсар санаалаах көрүүлэрэ хаһыат ыстатыйаларыгар арылхайдык көстөрө. Бастакы сахалыы хаһыат тэриллиитигэр Россияҕа ыраахтааҕы былааһын утарар демократическай өй-санаа киэҥник тарҕаныыта, араас куораттарга дьон-норуот кыттыылаах хамсааһыннара төрүөт буолбута.
Онтон Сахабыт сиригэр өссө XIX үйэ 40-с сылларыгар латыын алпаабытын чэрчитинэн миссионердар уонна саха тылын академическай грамматикатын айбыт акад. О.Н. Бетлингк үлэлэригэр олоҕуран сахалыы суругу-бичиги ааҕар, суруйар дьон өйө-санаата уһуктан, киэҥ аартыктары тэлэн, хаһыат, бэчээт суолтатын өйдүүр уонна ону көҕүлүүр, тэрийэр, оҥорор кыахтаах үөрэхтээх баар буолбута сүрүн суолталаах.
Ити кэмтэн ыла саха маҥнайгы көлүөнэ суруйааччылара, бэйээттэрэ, драматуурдара бэйэлэрин айымньыларын сахалыы тылынан көҥүл бэчээттэтэр кыахтаммыттара, саха литературнай тыла сайдыытыгар улахан олук буолбута. 1908 сыл тохсунньу ый 29 күнүнээҕи Дьокуускай уокурук суутун уурааҕынан «Саха дойдута» («Якутский край») хаһыат сабылларга күһэллибитэ. Хаһыаты тэрийээччилэр ити сыл олунньу 16 күнүгэр саҕалаан «Якутская жизнь» («Саха олоҕо») диэн эмиэ нууччалыы уонна сахалыы тыллаах хаһыаты бэлэмнээн таһаарбыттара. Хаһыат 1909 сыл тохсунньу 12 күнүгэр диэри тахсыбыта. Бу икки хаһыат барыта 148 төгүл тахсыбыта, ол иһигэр сахалыы хаһыат — 74 төгүл. Сахалыы хаһыаттарга үлэлэспит дьон сүбэтигэр уонна уопуттарыгар олоҕуран, В.В. Никифоров 1912 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр саҕалаан «Саха саҥата» диэн сахалыы бастакы сурунаалы таһааран сахатын норуотугар бэлэх ууммута. Сурунаал 1913 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри сэттэ нүөмэрэ тахсан сахалыы тыллаах дьон сэҥээритин ылбыта.
Түмүкпэр А.Н. Жирков бэргэнник эппит тылын хатылыыбын: “Бэйэтин историятын хайдах баарынан көрдөрүү — норуот бэйэтин кыаҕын иһигэр баар. Кырдьыктаах, умсугутуулаах историялаах норуот күүстээх, дьулуурдаах буолар”.
Л.И. Кычкина,
СӨ Национальнай библиотекатын
национальнай уонна краеведческай
фонда салаатын сэбиэдиссэйэ