Бэс ыйын 1 кунэ — Аан дойду үрдүнэн Оҕо кɵмүскэлин күнэ
Иккис аан дойду сэриитин дуораана сүтэ илигинэ, 1949 сыллаахха Аан дойду дьахталларын федерацията Париж куоракка бэс ыйын 1 күнүгэр Оҕо кɵмүскэлин күнүн бэлиэтииргэ уураах ылыммыта. Бу күн Сахабыт сиригэр самаан сайын саллаллыыта, оҕо барахсан олоҕу салҕааччы, норуот кэскилэ, кэнэҕэски ыччата буоларын түстүүр биир бэлиэ бырааhынньыгын үɵрүүлээх быhыыга-майгыга бэлиэтиибит.
Выпускники Октемской семилетней школы, 1953 г.
Үйэлэри уҥуордаан Саха сиригэр олорор омуктар ситэн-хотон, уларыйан-тэлэрийэн, XХ үйэҕэ автономнай республикаламмыппыт, XXI үйэни Россия иhигэр киирэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ буолан кɵрүстүбүт.
Саха сиригэр оҕоҕо туһуламмыт үлэ
Оҕо көмүскэлэ, оҕо харыстабыла диэн тугуй? Бу сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох, киэҥ өйдөбүллээх, улахан суолталаах көстүү. Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыбытын кэнниттэн Саха Сиригэр оҕоҕо туһаайыллыбыт үлэ-хамнас хабаанынан ылан көрүөххэ. Сэбиэскэй Сойуус курдук, киһи олоҕун туох баар өрүтүгэр туһаайыллар анал үлэни ыытар улуу судаарыстыба суох буоларын кытта оҕоҕо үгүс тэрилтэлэр, хамсааһыннар, тэрээһиннэр эмиэ суох буолбуттара. Итинник уустук кэмнэргэ Саха Сиригэр ыччаты, оҕону, дьиэ кэргэни кытта үлэ Сойуус да кэминээҕэр күүскэ, тэрээһиннээхтик ыытыллыбыта дииргэ хас даҕаны төрүөт баар. Онуоха СӨ бастакы Президенэ М.Е.Николаев улахан оруоллаах.
Бастатан туран, Саха сиригэр биир да оскуола, биэбэйик (оҕо саада) сабыллыбатаҕа. Төттөрүтүн, тыа сиригэр таас оскуолалар тутуллар буолбуттара. Саҥа үйэ ирдэбилинэн кэллиэстэр, лиссиэйдэр аһыллыбыттара. Үөрэҕин бүтэрбит оҕолору киин куорат үрдүк үөрэх кыһаларыгар, омук сирдэригэр үөрэттэрэр анал Департамент тэриллибитэ. Департамент чэрчитинэн “100 аспирант” диэн программа ылыллан, учууталлар научнай истиэпэннэнэн үлэлии-хамныы сылдьаллар.
Иккиһинэн, оҕо уонна ийэ доруобуйатын харыстабылыгар сүҥкэн суолта бэриллибитэ. Ийэ уонна оҕо эмтэнэр киинэ арыллыбыта. Кыһыл оҕону, саҥа төрөөбүт, төрөөрү сылдьар ийэни эмтиир саҥа ньымалар олоххо киирбиттэрэ.
Үсүһүнэн, оҕо, дьиэ кэргэн туруга, олоҕо-дьаһаҕа судаарыстыба сүрүн соруга буоларын бэлиэтиир “Оҕо уонна спорт сыллара” бигэргэнэн, онно сөп түбэһэр элбэх тэрээһин, үөрэххэ сыһыаннаах тутуулары ыытарга, үөрэҕи, оҕо иитиитигэр сыһыаннаах үлэни үбүлүүргэ анаммыт “Барҕарыы”, “Кэлэр көлүөнэлэр”, “Саха-Азия оҕолоро”, “Арктика оҕолоро” диэн анал пуондалар тэриллибиттэрэ.
Төрдүһүнэн, оҕоҕо, ыччакка аналлаах араадьыйа уонна тэлэбиидэнньэ биэриилэрэ, “Үүнэр көлүөнэ” тыйаатыра, Саха циркэтэ тэриллибиттэрэ.
Бэсиһинэн, үөрэххэ, култуураҕа, спорка норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах олимпиадалар, күрэхтэһиилэр, фестиваллар ыытыллыбыттара. Москваҕа, Дьокуускайга, Мирнэйгэ, Нерюнгрига, Бүлүүгэ, Чурапчыга, Алдаҥҥа, о.д.а. сирдэргэ уонтан тахса саҥа үрдүк уонна орто анал үөрэх кыһалара аһыллыбыттара. СГУ материальнай базата бөҕөргөтүллүбүтэ.
“Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕолоро” диэн президентскэй программа 1995 с. ылыллыбыта. Саҥа олоххо үктэнэр оҕолорбутун араҥаччылыырга туhуламмыт программа инбэлиит оҕолорго, тулаайахтарга, талааннаахтарга анаммыта. Кинилэри сɵптɵɵх аhылыгынан, сынньалаҥынан хааччыйыыны, дьарыктаах буолалларын, чэбдигирэллэрин тэрийиигэ кɵдьүүстээх үлэни ыытарга анал министиэристибэлэр эппиэтинэстэрэ үллэhиллибитэ. Программа дьиҥ олоххо киирэрин туhугар оскуолаларга, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор иитиллэр уhуйааннарыгар Саха сирин куораттарыгар, нэhилиэктэригэр үлэ күɵстүү оргуйбута.
Тылга анаммыт тэрээһиннэр, дьаһаллар
Саха сирин бастакы Президенэ М.Е. Николаев үлэлиир сылларыгар оҕону тɵрɵɵбүт тылынан иитиигэ улахан болҕомто ууруллубута. Ол курдук, олунньу 13 күнэ Ийэ тыл күнүнэн биллэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэбит дьаралыга да тɵрүт омуктар бары ураты тыллаах, суоллаах-иистээх дьон буоларбытын кэрэhилээбитэ. Ону сэргэ оҕоҕо кэрэхсэнэр, сɵбүлэтэр, оҕо ааҕар, кɵрɵр-билэр, санаа үллэстэр баҕатын толорорго олук ууран, билиҥҥи саастаах дьон бары ааҕан улааппыт “Бэлэм буол” хаhыаппыт 90-с сыллартан ааттыын да саҥардыллан, “Кэскил” диэн буолбута уонна эбии “Юность Севера”, “Учуутал аргыhа”, “Учительский вестник” диэн хаһыаттар тахсар буолбуттара. “Кэскили” таптыыбыт, иитиллэр биhикпит, ааҕабыт”, дэhэллэр оҕолорбут барахсаттар. Оттон учууталлар “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттары эрэллээх аргыстарынан, кɵмɵлɵhɵɵччүлэринэн ааттыыллар!
“Оҕо бырааптарын” ылыныы туһунан
Оҥоhуллубут үлэни түмэн, дьоммутугар сырдатар СӨ бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев Архыып-бибилэтиэкэтин саайтыгар www.nikolaevcentre.ru ссылканан киирэн, суруллубут кинигэлэри, ыстатыйалары, атын да докумуоннары кытта сиhилии билсиэххитин сɵп. Олор истэригэр социологическай наука дуоктара, профессор Ульяна Алексеевна Винокурова СӨ бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев политическай уонна судаарыстыбаннай деятель быhыытынан киэҥ ɵрүттээх үлэтин сырдатыга анаммыт сахалыы тылынан аан бастакынан тахсыбыт кинигэтин ааҕан, ырытан кɵрдɵххɵ, бу курдук: саха омуга бэйэтин ис кыаҕыгар, күүhүгэр тирэҕирэн, омук быhыытынан сайдарыгар судаарыстыбаннай суверенитет туhунан Декларация ылыныллыбытын кэнниттэн, оҕоҕо туhаайыллыбыт анал политика “Оҕо бырааптара” диэн анал сокуону ылыныыттан саҕаламмыта.
“ ...Онон алдьархайдаах ырыынак тоҕо ааҥнаан киирэн истэҕинэ, оҕону харыстыырга быhыт тэҥэ дурда-хахха тутуллубута. 38 ыстатыйаттан турар өрөспүүбүлүкэ оҕо кɵмүскэлигэр ылыммыт биир сис Сокуонун ис хоhоонун уратылара элбэхтэр. Бу Сокуон Аан дойду гуманитарнай быраабын оҥкулунан ылыллыбыт буолан, оҕо туhугар кыhамньы чаҕылхай кɵстүүтэ буолар диэххэ сɵп. Ол курдук, оҕо сайын туhалаах үлэлээх уонна сайыннарыылаах сынньалаҥнаах буолуутун хааччыйар өрөспүүбүлүкэ Сокуона Россияҕа эмиэ биир бастакынан ылыныллыбыта. Оҕо быраабын араҥаччылааhыҥҥа өрөспүүбүлүкэ олохтообут сүрүн балаhыанньалара – босхо иитии уонна үɵрэтии – халбаҥнаабакка тутуhуллар буолалларыгар үп кɵрүллүбүтэ, элбэх киhи кыhамньытын түмэрин эрэйбитэ. “Барыта – оҕо туhугар, барыта – кэскилбит туhугар” диэн истэ үɵрэммит тылбыт-ɵспүт ырыынак үйэтигэр хас биирдии оҕоҕо тиийэрин туhугар сорунуулаах дьаhаллар, ахсаабат болҕомто, дьиҥнээх истиҥ сыhыан наадалар. Ону ситиhэргэ Михаил Ефимович үлэлээбит уон сылыттан түɵрдүн чопчу Оҕо туhугар туhаайбыт сыллара чахчы кɵдьүүстээх буолбуттара,” – диэн бэлиэтиир Ульяна Алексеевна.
Сойууска да, Россияҕа да ылынылла илигэ
Бу Сокуон далынан хотугу сир эйгэтигэр улаатар оҕону арчылааhыны хайдах хааччыйыахха сɵбүн быhааран баран, эппиэттээх иитээччилэргэ толоруута үллэриллэр. Онно оҕо иитиитигэр, киhи быhыытынан сайдарыгар усулуобуйаларын тэрийиигэ судаарыстыба, тɵрɵппүттэр, араас тэрилтэлэр тус эбээhинэстэрэ чуолкайдык ыйыллыбыт. Ону сэргэ оҕо хара тɵрүɵҕүттэн 18 сааhын туолуор диэри ханнык бырааптааҕа, ону кимнээх, хайдах араҥаччылыыллара чопчу ыйыллар. Ону сэргэ, оҕо бэйэтин дьоhунун, олоҕун суолун тэлэр кыаҕын сайыннарарыгар олуктар эмиэ ууруллубуттар. Оҕоҕо ураты болҕомтону уурар, мэктиэлиир маннык сокуон урукку ɵттүгэр Сэбиэскэй Сойууска да, Россияҕа да ылынылла илигэ.
Ульяна Алексеевна суруйуутун салгыы анааран кɵрдɵххɵ маннык: “... саамай кыаллыбакка турар боппуруостарынан оҕо доруобуйата буолар,” – диэн суруйар. “... Манна аҥаардас судаарыстыба ылар дьаhаллара ситэри буолуохтарын сатаммат. Дэгиттэр сайдыылаах оҕону иитии тɵрдɵ-тɵбɵтɵ тɵрɵппүттэртэн улахан тутулуктааҕын, ылынарын ситиhэр туhугар киэҥ сырдатар үлэ барыахтаах ...,” диир уонна салгыыр: “ ... ону ɵйдɵтɵɵрү, батыhыннаран итии ньымаларын туhанаары Михаил Ефимович элбэх ɵрүттээх үлэни ыыппыта – генофонду харыстааhын, чɵл олох сиэрин тутуhуу, спортивнай объектары тутуу ... оскуолаларга физкультура уруоктарын элбэтии, физкультурнай институту арыйыы, “Оҕо уонна спорт сылларын” биллэрии курдук, о.д.а. дьаhаллары киэҥник ыыппыта.”
Оҕо-аймах көмүскэллээх, дуралаах-хаххалаах буоларын ситиспитэ
Михаил Ефимович Николаев оҕо-аймах кɵмүскэллээх, дурдалаах-хаххалаах буоларын ситиспит саха норуотун биир чаҕылхай салайааччыта. Ааспыт үйэ 80-с сылларыттан саҕалаан, салайар үлэтин чэрчитинэн, икки болдьоххо Президенниир кэмигэр Российскай Федерация Федеральнай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, Государственнай Дума депутатынан талыллан үлэлиир бириэмэтигэр, билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэhитэ буолан иитиэхтээн илдьэ сылдьар санаалара үүнэр кɵлүɵнэ инникигэ эрэллээхтик хардыылыырыгар олук уураллар, тирэх буолаллар.
Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сүбэhитэ Михаил Ефимович Николаев ɵйɵ-санаата, билиитэ-кɵрүүтэ, сүбэтэ – оҕолорбутун, ыччат дьоммутун муусука ураты тыыныгар угуттаан, уруhуй эйгэтигэр сыhыаран иитэн- такайан таhаарыыга туhуланар.
Оҕо тɵрүɵн инниттэн, биhигэр да сыттаҕына, кыра эрдэҕиттэн сайыннарыы—олохпут ирдэбилэ, быстыспат ситимэ буоларын ɵйдүɵх, торумнуох тустаахпыт. Михаил Ефимович ити санааларын дьоҥҥо-сэргэҕэ билиhиннэрэр суруйуулар, хардыыларын кɵрдɵрɵр соруктаах элбэх кэпсэтиилэр, кɵрсүhүүлэр, мунньахтар, Култуура уонна духуобунас, Үɵрэх уонна наука министиэристибэлэрин чэрчитинэн ыытыллаллар.
Сайдыыга саахымат оруола улаханын туhунан Михаил Ефимович элбэхтик этэр. Хас биирдии киhи логическай толкуйдаах, саҥаны кɵрдүүр, тирээн кэлбит боппуруостарга сɵптɵɵх быhаарыыныны ылынар аныгылыы ɵйдɵɵх дьон иитиллэн тахсалларыгар саахыматынан дьарык кɵдьүүстээҕин ыйар. Ону таhынан ахсаан, информатика, физика, химия курдук предметтэри оҕо үɵрэтэн ылынарыгар, омук тылын баhылыырыгар үɵhэ этиллибит ньымалар оҕо иитиллэр, үɵрэнэр уhуйааннарыгар, оскуолаларга иитэр-үɵрэтэр ньымаҕа кубулуйуохтааҕын туhунан бэлиэтээн этэр.
М.Е. Николаев оҕоҕо туhуламмыт үтүмэннээх үлэтин түмүктэрин ырытан, сыыппаранан бигэргэтэн, Ульяна Алексеевна Винокурова “Саха бастакы Президенэ” диэн кинигэтигэр “Оҕоҕо таптал – кэскили түстээhин” диэн публицистическай очеркатын ааҕан, ону тэҥэ Михаил Ефимович оҕону харыстыырга, араҥаччылыырга ылыммыт араас дьаhалларын, билигин ыытар судаарыстыбаннай политикатын Николаев-Киин сайтыгар сиhилии билсэн салайааччылар, общественнай хамсааhыннар эппиэттээх үлэhиттэрэ, учууталлар, иитээччилэр, тɵрɵппүттэр санаабыт сааhыланарыгар, толкуйбут тобулларыгар, соруктарбыт чопчуланалларыгар, тус олохпутугар тɵhүү күүс буоларын ылыныахха!
Оҕо харыстабыла диэн тугун бу күн эрэ буолбакка, кɵҥүлү уонна киhини талбыт бастакы Президеннээх Сахабыт Сирин олохтоохторо толору ɵйдүүргэ талаhыахха!
Наталья Капитонова,
СӨ бастакы Президенэ М.Е.Николаев Архыып-
бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ