Олоҥхо ыһыаҕар хоһоон күрэҕэ
Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн Нам улууһун киинигэр “Эҥсиэли” култуура-сынньалаҥ пааркатыгар кэнники сылларга үгэскэ киирбит “Литературнай пикник” ыытылынна. Быйылгы тэрээһин “Көмүс долгуннаах хоһоон түһүлгэтэ” диэн ааттанна уонна Нам улууһуттан төрүттээх суруйааччылар, тылбаасчыттар Ефрем Степанович Сивцев- Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 110, Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 105 сылларыгар ананна.
Олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтигэр киирээри туран. Хаҥастан: Р.Н. Каженкин-Арчы Уола, А.А. Васильева, В.В. Ильина – СӨ НБ үлэһитэ, С.С. Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ, Л.И. Кычкина, М.А. Решетникова-Арылы Дуйдаах.
Маннык тэрээһини бастаан Уран сурук сылыгар түөрт сыллааҕыта СӨ Национальнай библиотеката СӨ култуураҕа уонна айылгыга министиэристибэтин уонна “Саха сирин суруйааччылара” холбоһук, С.А. Новгородов аатынан “Бичик” КНК өйөбүллэринэн ыытан турар.
Эҕэрдэлээһин. Хаҥастан: М.Р. Софронова – Нам улууһун библиотекаларын ситимин дириэктэрэ, Л.И. Кычкина – СӨ НБ национальнай-кыраайы үөрэтэр пуонда салаатын сэбиэдиссэйэ, Н.К. Петрова – Үөһээ Бүлүү улууһун библиотекаларын ситимин дириэктэрэ, О.Н. Павлова – Уус Алдан улууһун киин библиотекатын кыраайы үөрэтэр салаатын сэбиэдиссэйэ, А.К. Билюкина – Таатта улууһун библиотекаларын ситимин дириэктэрэ
Бу сырыыга СӨ Национальнай библиотеката, “Саха сирин суруйааччылара” холбоһук, Нам улууһун култууратын-айылгытын саламтата, Нам улууһун кииннэммит библиотеката уонна Бөтүҥ нэһилиэгин дьаһалтата тэрийдилэр.
Кыайыылаах Екатерина Евстафьева (Нам) Чаҕылҕан аймахтарын аатыттан кылаан бирииһи тутта
Дьокуускайтан уонна тоҕус улуустан – Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Сунтаар, Таатта, Томпо, Хаҥалас, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү – 40-тан тахса киһи кытынна.
“Күрүлгэн” сыл аҥаардаах сурутуутун З.Л. Санникова (Таатта) ылла
Тэрээһин саҕаланыытыгар Нам улууһун баһылыгын солбуйааччыта Пётр Абрамов эҕэрдэ тыл эттэ, кыттааччыларга уонна дьүүллээччилэргэ бэлиэ өйдөбүнньүктэри туттарда.
Күрэх түөрт түһүмэҕинэн барда. Бастакы эрдэттэн биллэриллибит, кэтэхтэн дьүүллэммит “Үчүгэй Өлүөнэ ырыаһыта” түһүмэххэ кыттааччылар Саха сирин ытык эбэтин туһунан айбыт хоһооннорун дуораччы ааҕан иһитиннэрдилэр. Иккискэ тута хоһуйууга күрэхтэстилэр. Үһүскэ Таллан Бүрэ уонна Чаҕылҕан хоһооннорун сахалыыттан нууччалыы тылбаастаатылар. Төрдүскэ күрэхтэһээччилэр туһааннаах поэттар хоһооннорун дорҕоонноохтук аахтылар.
Күрэх дьүүлүгэр быһаччы уонна кэтэхтэн үлэлээтилэр: Л.М. Сабарайкина – филология билимин кандидата, суруйааччы, тылбаасчыт, С.С. Спиридонова- Кэрэмэс Кийиитэ – суруйааччы, А.Е. Шапошникова – “Саха сирин суруйааччылара” холбоһук сүбэһитэ-методиһа, суруйааччы, тылбаасчыт, суруналыыс, А.Г. Гуринов-Арчылан – “Күрүлгэн” сурунаал дьаһабыла, суруйааччы, тылбаасчыт, суруналыыс, М.А. Решетникова-Арылы Дуйдаах – суруйааччы, А.А. Васильева – ХИФУ ХИНТуоКИ стилистикаҕа уонна тылбааска кафедратын доцена, филология билимин кандидата. Суруйааччы Р.Н. Каженкин-Арчы Уола түһүлгэҕэ быһаччы үлэлээбит дьүүллүүр сүбэни салайда. Оттон СӨ Национальнай библиотекатын национальнай-кыраайы үөрэтэр пуондатын салаатын салайааччыта Л.И. Кычкина итини барытын сүрүннээтэ.
“Үчүгэй Өлүөнэ ырыаһыта” түһүмэх кыайыылааҕа Прасковья Байанаева
“Үчүгэй Өлүөнэ ырыаһыта” түһүмэххэ сойуустаах суруйааччыларга кылаан бирииһи Прасковья Байанаева (Нам) ылла. Михаил Санников-Уол Сарсын (Мэҥэ Хаҥалас–Дьокуускай) бастаата. Василий Ушницкай-Сэки (Нам) иккис буолла. Александр Дунаев (Нам) уонна Иван Бубякин-Чөҥөчөк (Нам) үһүс үктэли үллэһиннилэр. Ааттаммыт суруйааччылар бары Суруйааччылар сойуустарын дойдулар икки ардыларынааҕы түмсүүтүн, СӨ Суруйааччыларын сойууһун, “Саха сирин суруйааччылара” холбоһук чилиэннэрэ. Уонна Уол Сарсынтан атыттар Нам улууһун Александр Дунаев салайааччылаах “Отуу уоттара” айар-суруйар түмсүүтүн кыттыылаахтара.
Оттон сойууһа суох хоһоонньуттарга көрдөрүү маннык буолла: Светлана Самсонова-Сиибиктэ (Кэбээйи) – кылаан бириис, Иван Попов-Байдам (Чурапчы) – бастакы, Алексей Татаринов-Удьурҕай (Нам) – иккис, Пётр Атласов (Уус Алдан) – үһүс. Сэмсэ биһирэбили Николай Васильев-Харыйалаах Уола (Үөһээ Бүлүү) уонна Ньургустаана Дьяконова-Таана (Кэбээйи) туттулар.
Таллан Бүрэ уола, норуот үөрэҕин бочуоттаах мецената, СӨ бэчээтин туйгуна, Нам улууһун, Нам сэлиэнньэтин, Бөтүҥ нэһилиэгин ытык киһитэ интернационалист буойун, Вьетнам сэриитин бэтэрээнэ Т.Е. Сивцев эҕэрдэлиир
Тута хоһуйууга Пётр Самсонов-Бүөтүр Хара (Таатта) бастаата. Алексей Татаринов-Удьурҕай иккис буолла. Анна Канаева (Таатта) үһүстээтэ. Сэмсэ биһирэбили Владимир Федотов-Одуну уонна Татьяна Потапова (Дьокуускай) ыллылар.
И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан хоһооннорун уус-уран ааҕыыга Екатерина Евстафьева (Нам) Чаҕылҕан аймахтарын аатыттан кылаан бирииһи тутта. Иван Попов-Байдам (Чурапчы) – бастакы, Татьяна Петрова-Мойуу Кыыһа (Хаҥалас) – иккис, Луиза Мярина (Томпо) үһүс буоллулар. Сэмсэ биһирэбили Прасковья Байанаева (Нам) уонна Полина Винокурова (Нам) тутан үөрдүлэр.
Тута тылбаас күрэҕэр Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ (Дьокуускай) бастаата. Пётр Самсонов-Бүөтүр Хара (Таатта) иккистээтэ. Пётр Тумусов (Дьокуускай) үһүстээтэ. Сэмсэ биһирэбили Сардаана Сыроватская (Уус Алдан) уонна Екатерина Евстафьева (Нам) туттулар.
“Күрүлгэн” сурунаал биһирэбил быһыытынан туруорбут сыл аҥаардаах сурутуутун Тааттаттан кэлбит З.Л. Санникова ылла.
Күрэх түһүмэхтэрин быыһыгар кинигэ быыстапката уонна атыыта тэрилиннэ. Айар-суруйар холбоһуктар, түмсүүлэр бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Суруйааччылар автограф биэрдилэр, саҥа хоһооннорун аахтылар.
Нам олоҥхоһута Ньукулай Боллохо кыыһа Мария Елисеева Таллан Бүрэ тылыгар уонна бэйэтин мелодиятыгар “Кэллим кэпсээри” ырыаны толорбута биир бэлиэ түгэн буолла.
Илья Винокуров-Чаҕылҕан уонна Ефрем Сивцев-Таллан Бүрэ оҕолоро-аймахтара бэрт көхтөөхтүк кытыннылар, өйөөтүлэр. Ол курдук, Дьокуускайтан уонна улуустартан Чаҕылҕан сиэнэ Елена Леонидовна Иванова (Винокурова) уонна тастыҥ балта Лина Михайловна Сабарайкина, Таллан Бүрэ оҕолоро Айталы Ефремовна Дьяконова, Тиит Ефремович Сивцев, Софья Ефремовна Баямжина кэллилэр. Кинилэр, бэртээхэй биһирэбиллэри олохтоон, аймах аатыттан кыайыылаахтарга туттардылар.
Тус бэйэм “Үчүгэй Өлүөнэ ырыаһыта” түһүмэх дьүүлүгэр үлэлэстим. Кэтэхтэн. Онно олоҕуран тугу этиэхпин сөбүй?
Бастатан туран, сойуустаах суруйааччылар кыттыылара сэмэй диэххэ сөп. Холобур, Саха сирин суруйааччыларын сойууһуттан (сал. Н.И. Харлампьева) кыттааччы суох. СӨ Суруйааччыларын сойууһуттан (сал. И.В. Мигалкин) кыттыы балай да. Ол эрэн, М.С. Санников-Уол Сарсынтан уратылар бары – Намтан төрүттээх эбэтэр Намҥа олорор дьон. Ол эбэтэр, биир улуус дьоно. Кэлэр күрэхтэргэ итинник көстүүнү туоратар үлэ барара сөп этэ. Билигин баар сойуустарга, саба быраҕан, 250-тан тахса киһи баар. Ол аата, маннык өрөспүүбүлүкэ таһымнаах, саха уран суругар бэйэлэрин суолларын бигэтик хаалларбыт суруйааччылар ааттарын үйэтитэр соруктаах күрэххэ, кырата, 20-30 суруйааччы кыттыан сөп этэ. Онон, сойуустар салалталарын өттүттэн тэрийэр-көҕүлүүр үлэ барыахтаах.
Иккиһинэн, сорох кыттааччы хоһоонун сахалыы буукубаны туттубакка бэчээттээн ыытар эбит. Бу хайысхаҕа күүстээх өйдөтөр үлэ бардаҕына уонна кытаанах ирдэбил турдаҕына сатанар. Маннык күрэхтэр көмөлөрүнэн тыл-сурук үгэһин тутуһууну үрдэтэн иһиэхтээхпит.
Тута тылбаас түмүгүн биллэрии түгэнэ. Хаҥастан: П.Е. Самсонов-Бүөтүр Хара, Л.М. Сабарайкина, А.А. Васильева, А.Е. Шапошникова
Үсүһүнэн, сорохтор маннык хоһоон түһүлгэтэ улахан ыһыаҕы кытта бииргэ ыытыллара табыла суох уонна икки сылга биирдэ ыытыахха дииллэр. Биллэн турар, итинник этиигэ орун баар. Ол эрэн, ырытан-ырыҥалаан көрдөххө, ыһыаҕы кытта ыытылларыгар туһалаах өттө баһыйыах курдук. Дьиҥэр, алгыс, тойук, ырыа, олоҥхо – бары хоһоонунан айымньылар буоллахтара. Онон, ыһыах күн хоһооҥҥо болҕомто ууруллара сөп. Уонна ол болҕомтону күүһүрдэн, биһирэбил үбүн көбүччү оҥорон, хоһоон түһүлгэтин уус-уран таһымын, кэрэхсэбилин үрдэтэргэ дьулуһуохха. Ол тылга-сурукка үтүө сабыдыала лаппа күүстээх буолуоҕа. Оттон болдьоҕун туһунан эттэххэ, ыһыахха күүс-уох, ырыа-тойук күрэхтэрэ сырыы ахсын ыытыллаллар, онтон салгыбыт-сылайбыт суох. Онон, туругурдун хомоҕой хоһоон күрэҕэ!
Автор: Афанасий ГУРИНОВ-АРЧЫЛАН.
Источник: «Кыым»