«Ааҕар түһүлгэ» IV улуустааҕы литературнай күрэх

Муус устар  6 күнүгэр Нам улууһун 1 Хомустаах нэһилиэгэр Д.Ф. Алексеев аатынан 1 Хомустаах орто үөрэхтээһин оскуолатын кытары холбоһуктаах IV улуустааҕы «Ааҕар түһүлгэ» литературнай күрэхпит фронтовик суруйааччы Т.Е. Сметанин 100 сылыгар уонна Улуу Кыайыы 74 сылыгар ананан ыытылынна.

09.04.2019

KVVF8743.JPG

Уопсайа 3 түһүмэхтэн турар күрэххэ 8 хамаанда кыттыыны ылла. Ол курдук “Ыллык” (З.П. Саввин аат. Үөдэй ОО), “Күрэҥ ат уоланнара” (Москвитин аат. Искра ССОО), “Күөрэгэйдэр” (Д.Ф. Алексеев аат. 1 Хомустаах ОО), “Үс үскэ” (И.Е. Винокуров аат. Хатыҥ-Арыы ОО), “Доҕордуулар”(Е.С. Сивцев-Таллан Бурэ аат. Бөтүҥ ОО), “Чаҕылыс” (И. Винокуров-Чаҕылҕан аат. Нам АСО), “Чээрин сиэннэрэ” (М.В. Петрова аат. Таастаах ССОО), “Түмэн” (И.С. Гаврильев аат. 1 № Нам ОО) үбүлүөйдээх суруйааччы олоҕун олуктарын, кини айан хаалларбыт айымньыларын сиһилии ааҕан, үөрэтэн ох курдук оҥостон кэлбиттэр.

Бастакы түһүмэх «Т.Е. Сметанин-патриот, буойун, суруйааччы», Тимофей Сметанин олоҕун уонна айар үлэтин туһунан икки туртан турар литературнай турнир. Бу күрэххэ 1-кы миэстэни “Түмэн”, 2-с миэстэни “Күөрэгэйдэр”, 3-с миэстэни “Ыллык” хамаандалара ыллылар.

Иккис түһүмэх «Тимофей Сметанин – оҕолорго» айар үлэ күрэҕэ. Т.Е.Сметанин айымньыларынан аныгылыы лэп-бук оҥорон аҕалыы. Бу туһумэххэ “Күөрэгэйдэр”, “Доҕордуулар”, “Чаҕылыс” хамаандалар инники күөҥҥэ таҕыстылар.

Үһүс түһүмэх «Тимофей Сметанины ааҕан баран…» РФ театр сылынан Т.Е.Сметанин айымньыларынан уус-уран туруоруу. Бу күрэххэ 1-кы “Чаҕылыс”, 2-с “Чээрин сиэннэрэ”, 3-с “Түмэн” хамаандалар буоллулар.

LUDS1246.JPG

Күрэх уопсай түмүгүнэн 1-кы миэстэни “Чаҕылыс”, 2-с миэстэни “Түмэн”, 3-с миэстэни “Чээрин сиэннэрэ” ыллылар. Муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын 1 Хомустаах “Күөрэгэйдэр” хамаандата буолла. Быйылгы күрэххэ аан бастакытын Гран-при ааты ылан кубок тутар чиэскэ тигистилэр. Күрэх түмүгүнэн бары кыттааччыларга, салайааччыларга сертификаттар, кыайыылаахтарга Дипломнар, анал бириистэр туттарылыннылар.

Ол курдук суруйааччы кыыһын Т.Т. Сметанина анал бириистэрин туттулар Таастаах, 1 Хомустаах уонна Хатын Арыы оскуолаларын хамаандалара. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр - Т.Е. Сметанин төрөппүт кыыһа Т.Т. Сметанина, Намнааҕы оҕо библиотека сэб. В.Е. Бережнева, “Сайдыы” ОАДь методиһа А.В. Избекова, “Алгыс” НАК уус уран салайааччыта А.Г. Мылаханова, 1 Хомустаах оҕо искусствотын оскуолатын учуутала Ю.М. Иванова, 1 Хомустаах оскуолатын учуутала Т.А. Жиркова уонна библиотека үлэһиттэрэ Д.А. Павлова, Л.П. Сивцева, Н.Д. Жиркова Дьүүллүүр сүбэ сыаналаабыт көрүҥнэрэ - үлэни таба толоруу, тиэмэтин арыйыы, сонуннук таба көрүү, саҥалыы айыы, уус-уран ойуулааhын таhыма уонна толоруу хаачыстыбата.

PPLQ3757.JPG

Бу күн оскуолаҕа XIII республикатааҕы Олоҥхо ыһыаҕын Ытык бэлиэтин көрсүһүү үөрүүлээх түгэнэ буолла. “Ааҕар түһүлгэ” туһунан информация оҥоһулунна, “Үөскээбит Ленам биэрэгэр үөрүү иһиллэр буоллаҕына...” кинигэ быыстапката турда, күрэх туһунан буруолуу сылдьар “ШОК” хаһыат тахсан тарҕатылынна. Дьүүллүүр сүбэ үлэтин кэмигэр “Сирдьит” оҕо түмсүүтэ (сал. Ю. Г. Винокурова) оҕолорго араас оонньуулары тэрийэн ыыттылар. Күрэҕи «Мичээр» оҕо-үҥкүү народнай образцовай ансаамбылын, оҕо искусствотын оскуолатын эҕэрдэ үҥкүүлэрэ, 4 «а” кылаас уолаттарын ырыалара тупсаран, ситэрэн биэрдилэр. Эһиилги V төгүлүн ыытыллар “Ааҕар түһүлгэ” литературнай күрэх республика таһымыгар ыытыллара былааннанар.

 WSLT4873.JPG

 

1 Хомустаах модельнай библиотеатын сэбиэдиссэйэ Н. Д. Жиркова

Рубрики