Идэлээх сойуус - көмускэл мэктиэтэ
Киһи төһө оҕуруктаах өйдөөҕө, билиилээҕэ-көрүүлээҕэ биллэн турар элбэҕи ааҕарыттан, билиэн-көрүөн баҕата улаханыттан тутулуктаах. Маныаха билиҥҥи кэмҥэ информацияны киэҥ куйаартан төһөнү кыахтааххынан сомсон ылар кэмиҥ кэлэн турар. Онтон ааспыт үйэҕэ бу куйаар куугунуу сайда илик кэмигэр хайдах этэй? Дьоннор хантан, хайдах наадалаах информацияларын булаллар этэй? Биллэн турар – библиотекаттан.
Биһиги Бүлүүбүт улууһугар, библиотека ааспыт үйэ киэҥ уорҕаларын анараа өттүгэр тэриллэн бэйэтин үлэтин саҕалаабыта. Ол курдук быйыл баай историялаах, ааспыт үйэттэн силистээх-мутуктаах библиотекабыт 120 сылын бэлиэтээтибит.
Бу кэм усталаах туоратыгар төһөлөөх элбэх киһи үлэлээн ааспыта буолуой?! Төһөлөөх элбэх ааҕааччы кэлэн ааҕан сайдыы суолугар үктэммитэ, үөрэхтэммитэ буолуой?!
Тэрилтэ инникитин таһаарыылаахтык үлэлииригэр, биллэн турар үлэһиттэриттэн улахан тутулуктаах. Онтон үлэһит бары өттүнэн харысхаллаах буоларыгар идэлээх сойуус чилиэнэ буолара хайаан да наада дии саныыбын. Идэлээх сойуус – үлэһиттэр интэриэстэрин уонна бырааптарын көмүскүүр аналлаах.
Бүлүүтээҕи киин библиотекаҕа үтүө суобастаахтык, үлэлэрин өрө тутан үлэлии сылдьар далбар хотуттар үгүстэр. Бары талыллыбыт курдук үлэлэригэр бэриниилээх, идэлэрин таптыыр үлэһит үтүөлэрэ.
Биир оннук киһиннэн буолар биһиги ытыктыыр, убаастыыр өрүү сүбэ-ама ылар наставникпыт, культура эйгэтин идэлээх сойууһун биир эрэллээх чилиэнэ, «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэ хаһаайката, Саха Республикатын культуратын туйгуна, культура бэтэрээнэ, кыраайы үөрэтиигэ библиотекарь – Матрёна Петровна Дмитриева. Кини үлэлиир сылларын тухары библиотека сайдар саҕаҕын барытын тэҥҥэ арыйсыбыт киһиннэн буолар.
Мин кини тус санаатын билэргэ, кылгастык кэпсэтэргэ сананным.
- Матрёна Петровна культура идэлээх сойууһугар хаһан киирбиккиний? Уонна наадалааҕынан ааҕаҕын дуо идэлээх буолуу сойууһун?
М.П. - 1974 сыллаахха Хабаровскайдааҕы культура институтун бүтэрэн баран үлэбин саҕалыыр сылбар идэлээх сойуус чилиэнэ буолбутум. Сэбиэскэй сойууска төрөөбүт киһи буоларым быһыытынан пионерияҕа, онтон комсомолга киирбитим. Онон булгуччу тэрилтэлээх буолуохтаахпын диэн өйдөбүллээх этим. Тэрилтэлээх буолар олох үчүгэй үлэҕэ, көргө-нарга барытыгар күргүөмүнэн элбэх буолан сылдьарбыт. Элбэх буоллаххына үлэ барыта түргэнник кыайыллар.
- 80-90 сылларга профсойуус хайдах этэй? Ол саҕана биһигиттэн председатель ким этэй?
М.П. - Өр сылларга, библиотекабыт идэлээх буолуу сойууһун председателинэн Анисия Михайловна Томская үлэлээбитэ. Элбэх сокуону билэрэ, чахчы үлэһиттэр бырааптарын көмүскүүрэ уонна көмүскэллээх буолууларын хааччыйара. Үлэлээбит кэмэ да оннук буолуо - биир киһилии, бары биир санааннан сылдьарбыт. Тэрилтэбит иһигэр араас хабааннаах күрэхтэһиилэри тэрийэрбит: саахымат, дуобат, остуол тенниһыгар, о.д.а. спорт көрүҥнэригэр куоталаһарбыт. Сир аһа буоллун, субуотунньук буоллун - барытын идэлээх сойуус көҕүлүүрэ уонна салайара.
- Профсойуус нөҥүө Москва куоракка «Бэс чагдаҕа» баран сынньанан кэлбиккин. Ол туһунан кылгастык кэпсиэҥ дуо?
М.П. - Культура министиэристибэтэ уонна идэлээх буолуу сойуус нөҥүө путевканнан 2016 сыллаахха Москва куоракка баар «Бэс Чагда» профилакторийга сынньанан кэлбитим. Биллэн турар харчытын улахан аҥаарын кинилэр уйуммуттара. Сахабыт сирин араас муннуктарыттан культура үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ буолан барбыппыт. Санкт-Петербурга кытта бара сылдьыбыппыт. Дьэ, чахчы кыраһыабай куорат эбит. Бэйэбит саастыылаахтарбытын кытта ирэ-хоро кэпсэтэн, дуоһуйа сынньанан кэлбиппит. Билигин да ватсап ситимигэр группалаахпыт, бары билсэ турабыт.
- Билиҥҥи профсоюз үлэтин хайдах сыаналыыгын?
М.П. - Бүгүҥҥү күҥҥэ профсойууспут үлэтин үчүгэйинэн сыаналыыбын. Нууччалыы эттэххэ «грамотно» үлэлииллэр. Сөптөөх хамсааһыны таһаараллар дии саныыбын. Онон эдэр дьоннор кытаатан идэлээх буолуу сойууһа ыытар бары тэрээһиннэригэр кыттыһан, көмүскэллээх, эрэллээх курдук сананаргыт булгуччулаах дии саныыбын. Билиҥҥи олоххо профсойууһу чахчы наадалааҕынан ааҕабын.
Матрёна Петровна санаатын иһиттибит. Чахчы даҕаны билиҥҥи уустук олохпутугар көмүскэллээх буоларбыт ордук курдук. Үөһэттэн этиҥ эттэҕинэ, аллараттан аргыар аргыйдаҕына биһигини идэлээх буолуу сойууһа эрэ интэриэспитин уонна бырааппытын көмүскүүр кыахтаах. Үөрүүлээх үбүлүөйгэ да өрүү бэйэтин көмөтүн тиэрдиэ, көмөлөһүө турдаҕа.
Кэпсэттэ: Мария Иванова, КОО кыл. бибилэтиэкэрэ, Бүлүү к.