Саха бастакы снайпера Дмитрий Гуляев – 100 сааһа
Сэтинньи 21 күнүгэр Бүлүүтээҕи киин библиотекаҕа, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии арҕааҥҥы фронугар снайперскай хамсааһыны тэрийсибит, саха бастакы снайпера, хорсун буойун Дмитрий Алексеевич Гуляев төрөөбүтэ 100 сааһыгар анаан тахсыбыт М. Е. Тимофеев «Бастакы снайпер» сэһэнин нууччалыы тылбааһын - «Первый снайпер» кинигэтин билиһиннэрии буолла.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр эдэриттэн кырдьаҕаһыгар диэри дьон мустан, кинигэ тула киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтии ыыттылар.
Саха народнай поэта, П. А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, СР «Өрөгөйүн ырыатын» тиэкиһин ааптардарыттан биирдэстэрэ Михаил Елисеевич Тимофеев, Д. А. Гуляев туһунан «Бастакы снайпер» документальнай сэһэнэ 1971 с. 10000 экземплярынан бэчээттэнэн тахсыбыта, ааҕааччы биһирэбилин ылбыта. Ол эрээри кинигэ, 50-ча сыл устата сүтэн-оһон, алдьанан сэдэх кинигэлэр ахсааннарыгар киирэн турар.
Онтон 40 сыл буолан баран, 2011 с., кинигэ матырыйаала эбиллэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар 2-с төгүлүн тахсыбыта. Ол саҕана куорат баһылыгынан үлэлээн олорор, С.Н.Винокуров кинигэ тахсыытыгар көмөлөспүтэ, Д. Гуляев аатын үйэтитиигэ элбэх үлэни ыыппыта, өйөөбүтэ махталлаах.
Дмитрий Гуляев төрөөбүтэ 100 сааһын көрсө, кинигэ 3-с төгүлүн «Первый снайпер» диэн нууччалыы тылбаастанан күн сирин көрдө.
Кинигэ нуучалыы тылынан тахсыбыта үөрүүлээх түгэн - ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тарҕанан ааҕыллыа турдаҕа. Биһиги, сэмэй биир дойдулаахпыт, саха аатын хайдахтаах курдук үрдүккэ таһаарбытай... Кини үтүө аата симэлийэн сүтүө суоҕа, кэлэр көлүөнэ ыччакка холобур буолуо, бэйэлэрин дьоруойдарынан киэн туттуохтара. Маннык кинигэлэр суолталара туохха да кэмнэммэт...
Кинигэни нууччалыы тылбаастаата суруналыыс Н. Н. Петров.
Саҥа кинигэ ис тутулун, ис хоһоонун билиһиннэрдэ киин библиотека кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэрэ М. П. Дмитриева.
Кэмигэр бу кинигэ сөптөөх сыанабылы ылбыта дуо? Дмитрий Гуляев аатын уйэтиппит Михаил Елисеевич Тимофеевка сөптөөхтүк махтанныбыт дуо? Бүлүү ыччата геройга холоонноох киһибит туһунан билэр дуо? Билэр буоллаҕына бу кинигэттэн туох саҥаны иитиэхтээн таһаарарый, билбэт буоллаҕына Дмитрий Гуляев аатынан киэн туттар гына хайдах дьаһанабытый?
Маннык ис хоһооннох уонна кинигэ ис хоһоонун тула кэпсэтиигэ кыттыыны ыллылар: Бүлүү улууһун дьаһалтатын социальнай боппуруостарга отделын начальнига А. А. Кудайбердиева, Бүлүү улууһун спортка отделын салайааччыта Г. С. Евсеев, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарын байыаннай комиссариатыттан Е. Г. Чурукова, улуус ыччат уонна дьиэ кэргэн отделын начальнига Т. В. Федорова, Бүлүү куоратын дьаһалтатын аатыттан Г. Н. Николаев, Кыргыдай нэһилиэгин баһылыга С. С. Григорьев, Бороҕон нэһилиэгин баһылыга А. И. Иванов, Дмитрий Гуляев аймаҕа Х. Н. Чемпорова, Д. С. Седалищев, Бүлүү улууһун дьахталларын сэбиэтин общественнай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ М. Т. Иванова кэлэн тыл эттилэр.
Түмүккэ Кыайыы 75 сылын көрсө Дмитрий Алексеевич Гуляев аатын үйэтитэр үлэҕэ улуус общественноһын түмэр наадалааҕын бэлиэтээтилэр.
«Күүһүм, кыаҕым, дьоҕурум баарынан...» диэн кинигэ быыстапката тэрилиннэ.
Бу күн, салгыы, Д. А. Гуляев 100 сааһыгар анналлаах тэрээһиннэр «Алгыс” сынньалаҥ киинигэр буоллулар.
Бүлүүтээҕи киин библиотека