Бүлүүтээҕи норуодунай библиотека төрүттэммитэ 120 сылын бэлиэтиир
Бүлүүтээҕи норуодунай библиотека төрүттэммитэ 120 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр, сэтинньи ый 9 күнүттэн саҕалланнылар.
Бу күн улахан кылаас оҕолоругар «Время связующая нить» диэн ТОК-оонньуу ыытылынна. Манна Бүлүү куоратын оскуолаларыттан 9-10-11 кылаас үөрэнээччилэрэ бөлөҕүнэн кэлэн кытыннылар. Түмүккэ 1 миэстэни Бүлүүтээҕи 1 № Г. И. Чиряев аатынан оскуола хамаандата хотто.
1898 с. Норуодунай бибилэтиэкэ бастакы бибилэтиэкэринэн, Бүлүүтээҕи хаһаактар оскуолаларын учуутала, П. Х. Староватов анаммыта.
Сэтинньи 12 күнүгэр П.Х. Староватов аатынан Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэлгэ бибилэтиэкэ үлэһиттэрин үлэлэрин «Умелых рук прекрасное творение…» диэн быыстапката туруоруллубута биир бэлиэ түгэнинэн буолла. Петр Хрисанфович Староватов – кыраайы үөрэтээччи, учуутал, Үлэ Геройа.
Сэтинньи ый 13 күнүгэр «Үбүлүөйдээх сыл бастыҥ ааҕааччыта» диэн улахан дьон ортотугар күрэх ыытылынна. Күрэххэ библиотека көхтөөх ааҕааччылара А. Е. Афанасьев — Бүлүү куоратыттан, Е. Н. Николаев — Бөтүҥтэн, К. Н. Николаева — Чочуттан, Л. Д. Протопопова — Чинэкэ нэһилиэгиттэн кытыннылар. Кыайыылааҕынан Михайлова Екатерина Прокопьевна Бүлүү куоратын ааҕааччыта таҕыста.
Оҕо бибилэтиэкэтин «Үбүлүөйдээх 2018 сыл бастыҥ ааҕааччыта» конкурска кытыннылар уонна номинациялар хаһаайыннарынан буоллулар — Григорьева Аня, Николаева Нелли (ВСОШ №1 оскуола 7 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ), Сыроватская Маша (ВСОШ №3 оскуола 6 «б» кылааһын үөрэнээччитэ), Иванова Динара, Акимова Аяна (ВСОШ №3). Кыайыылааҕынан таҕыста Лаврентий Кондаков аатынан Бүлүүтээҕи гимназия – 7 «а» кылааһын үөрэнээччитэ Федотова Юлиана.
Сэтинньи 15 күнүгэр В.О. Каратаев аатынан Олоҥхо дьиэтигэр тыа уонна куорат бибилэтиэкэрдэрин икки ардыларыгар «Лучший библиотекарь года-2018» диэн күрэх ыытылынна. Күрэххэ улууспут биэс бастыҥ библиотекардара кытыннылар.
Ол курдук В. В. Софронова Бүлүү куоратын, Г. В. Микулянич — Кысыл-Сыыр бөһүөлэгин оҕо бибилэтиэкэлэриттэн, Г. З. Колодезникова — Арыылаах, В. К. Васильева — Дьөккөн, С. П. Каратаева — Бороҕон нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэ бибилэтиэкэрдэрэ кытыннылар. Биэс түһүмэхтээх идэни, билиини, сатабылы тургутан көрүү түмүгүнэн, күрэх кыайыылааҕынан Бүлүүтээҕи оҕо бибилэтиэкэтин кылаабынай бибилэтиэкэрэ В. В. Софронова буолла.
Сэтинньи 16 күнүгэр Бүлүү улууһун Тоҕус нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ, СӨ култууратын туйгуна Анастасия Марковна Егорова «Ойор-тэбэр оҕо саас» диэн хоһооннорун, кэпсээннэрин, чабырҕахтарын кинигэтин сүрэхтэниитэ «Алгыс» СК буолан ааста. Кини хоһоонноро «Чуораанчык» оҕо сурунаалыгар, «Кэскил» оҕо хаһыатыгар элбэхтик бэчээттэммиттэрэ. Анастасия Марковна суруйбут анабыл хоһооннорун сэргээн, уһуйааннар үлэлэригэр туһаналлар, оскуола оҕолоро араас тэрээһиннэргэ сөбүлээн ааҕаллар. 20-тэн тахса хоһоонноругар истиҥ-иһирэх ырыалар айылыннылар.
Маны таһынан кэтэхтэн «Библиотека мин олохпор» диэн эссе күрэҕэ ыытылынна. Күрэх түмүгүнэн улахан дьоҥҥо Бүлүү куоратыттан А.Е. Афанасьев, эдэр дьоҥҥо М.В. Львова Бүлүүттэн, оҕолорго Яна Алексеева Бөтүҥ орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ бириистээх миэстэни ыллылар.
«Библиотека инникитэ мин харахпынан» диэн уруһуй күрэҕэ ыытыллыбыта. Барыта 28 үлэ киирбитэ. Түмүккэ кыайыылааҕынан Бүлүүтээҕи 1 №-дээх орто оскуола 3 кылааһын үөрэнээччитэ Михайлова Олеся, уонна 3 №-дээх орто оскуола 1 «б» кылааһын үөрэнээччитэ Михайлов Джастин 1 миэстэни ыллылар.
Сэтинньи ый 16 күнүгэр күнүс 4 чаастан «Библиотека, время и мы» диэн түмүктүүр тэрээһин ыытылынна. Өр сылларга үтүө суобастаахтык эҥкилэ суох үлэлээбит, үлэни өрө туппут, билиини кинигэ нөҥүө тарҕаппыт ытык мааны бэтэрээннэрбитин уонна билигин үлэлии сылдьар үлэһиттэрбитин чиэстээтибит.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна диэн үрдүк наҕарааданы Бүлүүтээҕи киин библиотека директоры солбуйааччыта М. Е. Егорова ылла. Бүлүү улууһун культуратын уонна духуобунаһын сайдыытыгар кылаатын иһин знагынан А. А. Роман Кысыл-Сыыр оҕо бибилиотекатын, А. М. Егорова – Тыымпы, Л. Г. Николаева – Кыргыдай бибилэтиэкэрдэрэ наҕараадаланнылар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын министерстватыттан Т. Н. Степанова бэлиэ суругу ылла. Маны таһынан хас биирдии бибилэтиэкэлэр үлэһиттэрин үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанан эҕэрдэ, махтал суруктары ыллылар.
Биһиги үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстэ, ыалдьыттыы, эҕэрдэлии кэлэ сырыттылар — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин кылаабынай библиограба, СӨ култууратын туйгуна Тамара Николаевна Семенова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо уонна ыччат киинин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ, СӨ култууратын туйгуна Татьяна Афанасьевна Никифорова — Тайаана.
Истиҥ махталбытын тиэрдэбит дьоро күннэрбитигэр кэлэн ыалдьыт буолбут, тэрээһиннэргэ кыттыбыт ааҕааччыларбытыгар, коллегаларбытыгар, тэрилтэ представителлэригэр.
Мария Иванова, КОО кыл. бибилэтиэкэрэ
Другие фотографии с юбилейных мероприятий вы можете посмотреть на сайте librvil.ru