Копыринскай дьыктааҥҥа 500 тахса киһи кытынна

01.12.2023
WhatsApp Image 2023-12-01 at 17.08.53.jpeg

Сэтинньи 30 күнүгэр Уус Алданнааҕы кииннэммит библиотека тиһигэ, Өнөр нэһилиэгин дьаһалтата  литературовед, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Уус Алдан улууһун уонна Өнөр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Николай Захарович Копырин төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан Копыринскай дьыктааны тэрийдилэр.

Дьыктаан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бары ааҕабыт» бырайыак чэрчитинэн ыытылынна. Барыта Саха сирин 19 улууһуттан, Дьокуускай куораттан уонна Уус Алдан 23 бөһүөлэгиттэн, маны таһынан Вьетнам Ханой куоратыттан 555 киһи дьыктааҥҥа көхтөөхтүк кытынна.

Бастыҥ көрдөрүүнү 14 кыттааччы ситистэ. Дьыктаан Николай Захарович Копырины кытта алтыспыт дьон биһирэбилин ылла, кинини долгуйа ахтан аһардылар.

«Биир бастакынан Сахалыы бикипиэдьийэни өйөөбүт ытык кырдьаҕас этэ. Саха тылыгар да, атын да омукка туһалаах буолуоҕа, кытаат», диэн миэхэ суруйара. Ол саҕана сааһыран дьиэтиттэн тахсыбат этэ, ол эрээри ыраас өйүн тута сылдьара», - диэн Сахалыы бикипиэдьийэ төрүттээччитэ Николай Павлов – Халан суруйар.

WhatsApp Image 2023-12-01 at 17.04.26.jpeg

Рубрики