Оҕо бибилэтиэкэтин сэргэх тэрээһинэ
Дириҥ билиилээх-көрүүлээх, үөрэхтээх, духуобунай өттүнэн баай эрэ киһи билиҥҥи балысхан сайдыылаах кэмҥэ бэйэтин миэстэтин булар кыахтаах. Кинигэни аахпакка, аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаһар киһи буолбаккын. Оҕо арыллар, ааҕар киинин үлэтин сүрүн сыалынан кинигэҕэ тапталы саҕыы, умсулҕаны иҥэрии буолар.
Балаҕан ыйын 19 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ Оҕо арыллар, ааҕар киинин үлэһиттэрэ А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия 10 «а» кылааһын үөрэнээччилэригэр анаан Антуан де Сент-Экзюпери «Кыра тыгын» айымньытынан интерактивнай квиз-оонньуу ыыттылар. Аан дойдуга аатырбыт айымньы быйыл суруллубута 80 сылын бэлиэтээбитэ. Бу кинигэ ааҕааччыны сааһыттан тутулуга суох дириҥник толкуйдатар сүдү күүстээх.
Үөрэнээччилэр икки хамаандаҕа арахсан билиилэрин-көрүүлэрин тургутан көрдүлэр. Айымньы ис хоһоонун бииргэ олорон ырытыстылар, сөптөөх хоруйдары тобуллулар. Ол кинилэр айымньыны ымпыгар-чымпыгар диэри аахпыттарын, дириҥ ис хоһоонун өйдөөбүттэрин туоһулуур. Күрэх түмүгүнэн хамаандалар бааллара тэҥнэһэн, бары бибилэтиэкэ аатыттан кинигэ бириис ылан үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бэлиэтииллэринэн, интерактивнай квизбук билиҥҥи кэмҥэ оҕону ааҕарга угуйууга саамай көдьүүстээх ньыма. Бу оонньуу билиҥҥи оҕо интэриэһин ордук тардар, дириҥник толкуйдатар үтүө өрүттээх эбит.
Оонньууну алтынньы ый саҕаланыыта «Саха» НКИХ саҥа «Сайдыс» биэриитигэр көрүөххүтүн сөп.
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин иһинэн Оҕо арыллар, ааҕар киинэ.