Национальнай библиотека суруйааччы, журналист, спортсмен Степан Иннокентьевич Юмшанов туһунан быыстапканы бэлэмнээтэ

Виртуальнай быыстапка С.И.Юмшанов 75 сылыгар ананар

31.08.2020
72984e48-93ed-4f11-80ff-985ca76ee3b3.jpg

Юмшанов Степан Иннокентьевич -  поэт уонна прозаик-очеркист, спортсмен, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ.

1945 сыллаахха атырдьах ыйын 31 күнүгэр Үөһээ Дьааҥы улууһун Табалаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Верхоянскай куорат орто оскуолатын 1963 сыллаахха, Дьокуускайдааҕы педагогическай училище физкультура отделын 1967 сыллаахха, СГУ история уонна тыл факультетын 1976 сыллаахха үөрэнэн бүтэртээбитэ. Өр сылларга төрөөбүт улууһугар учууталынан, оройуоннааҕы спорткомитет, райпотребсоюз уонна Верхоянскай куорат норуодунай депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1996 с. «Саха сирэ» хаһыат аналлаах корреспонденынан ылыллыбыта. Бу сылларга суруналыыс быһыытынан чаҕылхай талаана арыллыбыта, сиппитэ-хоппута. Бастыҥ журналистар ахсааннарыгар киирэ охсубута. Президент Гранын ылбыта, Журналистар, Суруйааччылар союзтарыгар чилиэнинэн киирбитэ.

"Саха сирэ" хаһыакка "Чысхаан" диэн балаһаны арыйан хотугу улуустар экономикаларын уонна төрүт культураларын ааҕааччы сэргиэн курдук суруйбута, кэпсээбитэ. Өссө уутуйан, өссө иэйэн суруйар баҕалааҕа уонна олус сөбүлээбит коллективыгар махтанара.

С.И. Юмшанов айар үлэҕэ дьоҕурдааҕа оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар биллибитэ, поэт М.Д.Ефимов тэрийбит литературнай куруһуогар дьарыктаммыта. Бастакы хоһоонноро 1991 с. «Түһүлгэҕэ түмсүү» диэн хомуурунньукка бэчээттэммиттэрэ.

Быыстапкаҕа Степан Юмшанов хоһооноро, прозата, ырыалара, ону тэҥэ спорт туһунан суруйуулара, журналистскай очеркалара киирдилэр.

Виртуальнай быыстапканы кытта ссылканан билсиҥ: «Дьааҥы Табалааҕын талба талааннааҕа» 


Рубрики