Саха норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап төрөөбүт күнэ
«Тыаллаахха, тымныыга,
Муус күһүн,
Төрөөбүт үһүбүн.
Биир дууһа,
Биир киһи,
Биир саха - мин!»
Алтынньы 25 күнүгэр саха норуодунай бэйиэтэ, буойун суруйааччы, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүт күнэ. Бастакы «Колхозтаах Балбаара хоһооно» айымньыта Бүлүү улууһун «Колхоз суола» хаһыатыгар 1934 с. бэчээттэммитэ.
Аҕа Дойду сэриитин кэмигэр, төһө да ыарахан усулуобуйаҕа сырыттар, хоһооннорун «Кыым» хаһыакка бэчээттэтэрэ. Сэрии кэнниттэн учуутал Тобуроков саха литературатыгар оҕо суруйааччытын быһыытынан биллибитэ. 1947 с. Өктөөп 30 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттыыта улахан оруоллаах этэ. Онно кини «Буукубалар мунньахтара» поэмата уонна «Лыах» кэпсээнэ бастакы бириэмийэни ылбыттара.
Сиһилии Национальнай библиотека Электроннай библиотекатыгар хараллан сытар Петр Тобуруокапка анаммыт кэлиэксийэҕэ ааҕыҥ.