Афанасий Ноев: «Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт кэмпириэнсийэ Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэргэ төһүү күүс буолла»
Өймөкөөн улууһун 2-с Бороҕон нэһилиэгэр Томторго Олоҥхо ыһыаҕар аналлаах научнай-методическай кэмпириэнсийэ үлэтин түмүктээтэ. Бүгүн, кулун тутар 17 күнүгэр, сарсыарда 9.00 чаастан Н.М. Заболоцкай аатынан орто оскуолаҕа норуот маастардарын оҥоһуктарын быыстапка-дьаарбаҥкаларыттан саҕаланна уонна мунньаҕынан түмүктэннэ.
Бу кэмпириэнсийэ уратыта диэн - Өймөкөөн улууһун киинигэр Уус Нераҕа уонна Томторго – икки сиринэн ыытылынна. Барыта 860-тан тахса киһи кытынна, элбэх кэпсэтиилэр, ырытыылар буолан аастылар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистири солбуйааччы Афанасий Ноев этэринэн, бу хас да күннээх киэҥ далааһыннаах кэмпириэнсийэ Олоҥхо ыһыаҕар күүскэ бэлэмнэнэргэ олук буолла.
«Тэрээһин Өймөкөөн улууһун дьонун-сэргэтин Олоҥхоҕо, саха тылыгар-өһүгэр, сахалыы толкуйга угуйарга төһүү күүс буолла уонна норуот кэскилин түстүүр араас таһымнаах кэпсэтиилэр олохтоохтор сүргэлэрин көтөхтө», - диэтэ Ноев.
Бу күннэргэ элбэх маастар-кылаастар, үөрэхтэр, быыстапкалар буолан аастылар. Холобур, Уус Нера олохтоохторо, төһө даҕаны нууччалыы тыллаахтарын иһин, ыытыллыбыт маастар-кылаастарга көхтөөхтүк кытыннылар, хомустуурга, саха инструменнарыгар оонньуурга, сахалыы таҥаһы тигэргэ үөрэннилэр, ону таһынан олоҥхону нууччалыы, сахалыы, английскайдыы хайдах үөрэтиэххэ сөбүн биллилэр.
Ыаллыыы сытар Сордоҥноох, Үчүгэй уонна Төрүт нэһилиэктэриттэн мас, тимир уустарыгар кэлэн, чороон, кытыйа оҥорорго, быһах охсорго үөрэннилэр.
«Мантан сиэттэрэн, Өймөкөөн улууһугар уһаныы сайдыа, биллэр-көстөр мас, тимир уустара баар буолуохтара диэн эрэнэбит. Бу Томторго эрэ буолбакка, ыаллыы сытар нэһилиэктэргэ олорор уһаныан баҕалаах эр дьон кэлэн, тимир уустарыгар дьарыктаннылар. Кэнники, холобур, кэлэр ыһыахтарга бэйэбит оҥоһуктарбытынан дьону-сэргэни соһутуохпут дэстилэр», - диэтэ Афанасий Ноев.
Барыта 16 улуустан уонна Дьокуускай куораттан кэлбит норуот маастардара, Олоҥхону чинчийэр учуонайдар, саха тылын, култууратын, таҥаһын-сабын чинчийээччилэрэ үгүс маастар-кылаастары биэрэн, Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэргэ күүскэ көмөлөстүлэр, сүбэ-ама биэрдилэр.
Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр «XVI Олоҥхо ыһыаҕа Өймөкөөҥҥө: Айыы санаа айана» диэн билим-методическай өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэ кулун тутар 16-17 күннэригэр, оттон Уус Нераҕа кулун тутар 14-15 күннэригэр буолан ааста.
Санатар буоллахха, XVI Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа 2023 сыл от ыйын 1-2 күннэригэр Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр «Көмүс күрүө» этнокультура комплексатыгар ыытыллыаҕа.
СӨ Национальнай библиотекатын Медиакиинэ