Афанасий Ноев: Олоҥхо ыһыаҕар аналлаах кэмпириэнсийэни Өймөкөөн олохтоохторо олус сэргээтилэр
Бүгүн, кулун тутар 14 күнүгэр, Өймөкөөн улууһун Уус Нера бөһүөлэгэр Олоҥхо ыһыаҕар аналлаах научнай-методическай кэмпириэнсийэ үлэтин саҕалаата. Тэрээһини үөрүүлээх быһыыга-майгыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистири солбуйааччы Афанасий Ноев, Өймөкөөн улууһун баһылыга Иннокентий Сивцев, Култуура уонна туризм сайдыытын салалтатын начаалынньыга Аксинья Сивцева арыйдылар.
Саха сирин биир сүрүн тэрээһинин – Олоҥхо ыһыаҕын ыытарга көмөлөһө, сүбэ-ама биэрэ былаас уорганнарын, култуура тэрилтэлэрин уонна билим түмсүүлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кэллилэр.
Кэмпириэнсийэни Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата, Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ, Өймөкөөн улууһа, ХИФУ Олоҥхо үнүстүүтэ, Олоҥхо Ассоциацията уонна Олоҥхо тыйаатыра тэрийдилэр.
Тэрээһин маҥнайгы күнүгэр Алдан оройуонун култуураҕа уонна ускуустубаҕа салалтатын начаалынньыга Анастасия Помалейко уонна Саха сиригэр култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстыыр Департамент исписэлииһэ Майя Амбросьева дакылааттара бэлиэтэннилэр. Ол курдук кинилэр 2018 сыллаахха Алдан оройуонугар Олоҥхо Ыһыаҕын ыыппыт уопуттарын атастастылар.
ХИФУ философия хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ, философия билимин дуоктара Андрей Саввинов, Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуурарын үнүстүүтүн культурология хаапыдыратын профессора Галина Попова Уус Нера учууталларын уонна үөрэнээччилэрин кытта көрүстүлэр, оҕону үөрэтии туһунан сэһэргэстилэр. Оскуола оҕолоро учууталларын кытта Олоҥхоҕо сыһыаннаах үлэлэрин кэпсээтилэр. Ону таһынан кэмпириэнсийэ иитинэн араас маастар-кылаастары ыыталлар.
СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистири солбуйааччы Афанасий Ноев этэринэн, хомуска үөрэтэр маастар-кылаас олус сэргэхтик ааста. Маастар-кылааһы Аан дойду норуоттарын хомустарын түмэлин уонна киинин быыстапкалыыр салаа сэбиэдиссэйэ Туяра Жиркова ыытта. Маны таһынан, кырыымпаҕа, күпсүүргэ үөрэтэ диэн анаан-минээн Мэҥэ Хаҥаластан Дмитрий Ченянов кэлбит. Халадаай ырбаахыны хайдах тигэргэ Дьокуускай куорат 3 №-дээх оскуолатын технология учуутала, Амма улууһун маастара Варвара Соловьева үөрэтэр. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай үнүбэрситиэт профессора, тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктара Константин Степанов саха төрүт аһын уонна Олоҥхо Ыһыаҕын кэмигэр дьону аһатыы туһунан кэпсээтэ.
«Ити курдук Өймөкөөн улууһун олохтоохторо, Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийээччилэрэ кэмпириэнсийэ үлэтин олус сэргээтилэр», - диэтэ Ноев.
Кэмпириэнсийэ иккис күнэ кулун тутар 15 күнүгэр буолуоҕа. XVI Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа 2023 сыл от ыйын 1-2 күннэригэр Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр «Көмүс күрүө» этнокультура комплексатыгар ыытыллыаҕа.
СӨ Национальнай библиотекатын Медиакиинэ