«Төрөөбүт дойдум» кыраайы үөрэтээччилэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс биллэриллэр

17.01.2023
WhatsApp Image 2023-01-17 at 09.39.09.jpeg

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ уонна «Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин» кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ «Төрөөбүт дойдум» кыраайы үөрэтээччилэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэһи биллэрэллэр.

Күрэс сыала-соруга:

1.      Сахалыы ыстатыйаны суруйууну, норуот духуобунай уонна материальнай ускуустубатын нэһилиэстибэтин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитиини көҕүлээһин, сайыннарыы;

2.      Ыччат төрөөбүт тылынан хомоҕойдук, таба суруйуутун өйөөһүн;

3.      Саха тылын эйгэтин кэҥэтии.

Кытталлар: 18-24, 25-35 саастаах уонна улахан дьон.

Ирдэбиллэр:

1.      Күрэс тиэмэтигэр сөп түбэһэр ыстатыйа эбэтэр хаартыскалары ыытаҕыт.

Хаартыскаҕа ирдэбил:

Хаачытыбата үчүгэй уонна сытыары тутан түһэриллибит буолуохтаахтар. Саха сиригэр олохтоох төрүт омук (саха, долган, чукча, дьүкээгир, эбээн, эбэҥки) үгэстэрин, култуураларын, төрүт дьарыктарын (бултааһын, уһаныы, иистэнии, туойунан оҥоруу о.д.а), малларын-салларын, симэхтэрин, тутууларын көрдөрөр буолуохтаахтар.

Ыстатыйа суруйуутугар ирдэбиллэр:

1. Ыстатыйа дириҥ ис хоһоонноох, сахалыы баай тыллаах-өстөөх, Саха сиригэр олохтоох төрүт омук үгэһин, култууратын, төрүт билиитин (бултааһын, уһаныы, иистэнии өбүгэттэн утумнаммыт ньымалара), былыргы оонньуулар туһунан тиэрдэргэ холоммут, таба суруйуу быраабылатын тутуспут буолуохтаах. Ох тыллары, өс хоһооннорун, таабырыннары, сомоҕо домохтору туттуу биһирэнэр.

2.      Саха сиригэр олохтоох төрүт омуктар сайдыыларыгар улахан кылааттарын киллэрбит этнографтар, археологтар, устуоруйаны үөрэппит чинчийээччилэр, суруйааччылар, норуот уһулуччу талааннаахтарын олохторун-дьаһахтарын, үлэлээбит үлэлэрин биллэр да, биллибэт да чахчыларын туһунан сырдатыы.

3.      Билиҥҥи кэмҥэ омук култууратын, тылын-өһүн, этнографиятын аныгы ньымалары туһанан сайыннарааччылары сырдатыы.

4. Төрөөбүт тыл суолтатын ырытыы, тыллары, сир аатын анаарыы. Сахалыы саҥарыы, ааҕыы дэгэтин сайыннарыыга сүбэлэр.

5. Норуот тылынан уус-уран айымньытын хомуйуу.

Сүрүн ирдэбиллэр:

Ыстатыйа чинчийээччилэр, этнографтар, кыраайы үөрэтээччилэр үлэлэригэр тирэҕирбит буолуохтаах.

Бэчээттэммитинэн уонна электроннай көрүҥүнэн киириэхтээх. Ааптар хаартыската баар буолара ирдэнэр.

Бичигэ (шрифт) сахалыы буукубалардаах буолара булгуччулаах.

Кыттааччы аата, ааптарын аата, аадырыһа, төлөпүөнэ толору ыйыллыбыт буолуохтаах.

Ыстатыйалар хаартыскалардаах буолуохтаахтар. Хаартыскаҕа кимнээх түспүттэрэ чуолкай ыйыллыахтаах.

Ыстатыйалар http://sakhaetigentyla.ru саайка тахсыахтара. Ааптар үлэтин бу күрэскэ ыытта да, http://sakhaetigentyla.ru саайт эрэдээксийэтэ саайка таһаарарыгар сөбүлэҥин биэрэр.

Үлэлэргитин маннык аадырыска ыытаҕыт: ostyoryja_2019@mail.ru

Бөлөх аайы кыайыылаахтары (1, 2, 3 миэстэлэр, анал ааттар) быһаарабыт. Күрэххэ кыттыбыттарга туоһу сурук, кыайыылахтарга дьупулуом, өйдөбүнньүк бириис бэриллэр.  

Болдьоҕо: 2023 с. Тохсунньу 1 күнүттэн Олунньу 18 күнүгэр диэри.

Түмүгү иһитиннэрии: http://sakhaetigentyla.ru саайка уонна «Саха суола» телеграмм ханаалга тахсыаҕа. Бу телеграмм ханаалга кыттааччылар сурутуулаах буолаллара ирдэнэр https://t.me/sakhasuola https://vk.com/sakhaetigentyla

Ыйыталаһарга: 89142681196.

Кыттааччы сайаапкатыгар аата-суола, олорор сирэ, сааһа, идэтэ, үлэтин аата, суотабайа, Е-mail аадырыһа суруллар. 



Рубрики