Саха таҥаһыгар сыалдьа уонна кыабака симэҕин суолтата
СӨ Национальнай библиотекатын научнай үлэһитэ Ангелина Кузьмина көҕүлээн салайар Саха сиригэр төрүт олохтоох омуктар тылларын, култуураларын сырдатар, үөрэтэр уопсастыбаннай «Дьүкээбил» бырайыагын биэриитэ таҕыста. Биэриигэ саха таҥаһын түҥ былыргыттан кэлбит сыалдьа уонна кыабака симэҕин суолталарын билиэххит.
Кыабака – киһи кииниттэн аллараа өттө (часть тела ниже пупка). Кыабаканы сыалдьа саба бүөлүүр. Сыалдьа (сыалыйа) – эр киһи, дьахтар ис-тас таҥаһа: кыһыҥҥы, сайыҥҥы, күһүҥҥү. Үксүн баай эр киһи уонна дьахтар сыалдьата оҕуруо уонна алтан киэргэллээх.
1940-с сылларга А.П. Окладников Үлүөхүмэҕэ (Олохунаҕа) атахтарын икки ардыгар чороон ууруулаах саха эр киһи көмүүтүгэр бэлиэтээн суруйбут: “Украшение натазника с бисерным поясом, на передней части которого имелась бахрома из пучка кожаных полос» [Окладников, 1955, с. 285–286]. Сыалдьа уонна тирии бытырыыс былыргы кэми ыйаллар. Көрүҥ, үөрэтиҥ, тарҕатыҥ!
Сигэтэ: https://youtu.be/4kb0hD_94ho
Уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа тыл үөрэхтээхтэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр, учууталлар, чинчийээччилэр биир сомоҕо буолан үлэлии сылдьаллар.