Олоҥхо - олоҕум аргыhа
Бу күннэргэ бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Олоҥхо күннэрэ тэриллэн ыытыллаллар, олоҥхоҕо аналлаах араас тэрээhиннэр тэрилтэлэринэн, култуура дьиэлэринэн, оскуолаларынан ыытыллаллар. Ол чэрчитинэн сөп түбэhиннэринэн эhиэхэ, библиотека үлэhиттэригэр, норуот талааннаахтарын, олоҥхоhуттары, дорҕоон тойуксуттары, түhүлгэлээх үҥкүүhүттэри кытта хайдах үлэлээбитим, репертуардарын үйэтитиигэ устудьуон эрдэхпиттэн үлэлээбитим туhунан, олоҥхону үйэтитиигэ, кинигэнэн бэчээттээн таhаарыыга үлэм-хамнаhым туhунан бэрт кылгастык сырдата түhэргэ холоннум.
Мин үйэм тухары норуот тылынан уус-уран айымньытын, ордук олоҥхону, хомуйуунан, бэчээттээн таһаарыынан уонна чинчийиинэн дьарыктанным. Үгүс элбэх олоҥхоһуттары, норуот ырыаһыттарын, оһуохайдьыттары, норуот талаанннаахтарын кытта алтыстым. Саха сирин үгүс улуустарыгар, кинилэр нэһилиэктэригэр сылдьыбытым, фольклор айымньыларын хомуйбутум. Бииргэ үлэлэспит олоҥхоһуттарым толорууларын магнитофоҥҥа устан, сурукка-бичиккэ тиһэн, кинигэлэрин бэчээккэ бэлэмнээн таһаарыыга үлэлээтим. Кинилэр толорууларын наука эйгэтигэр тиэрдиигэ тиритэ-хорута үлэлээтим.
Мин иннибэр үлэлээбит биллиилээх фольклористар Г.В. Ксенофонтов, Сэһэн Боло хомуйбут фольклорнай матырыйаалларын түмэн, “Эллайада”, ”Нуучча Лиэнэҕэ кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо” диэн кинигэлэри бэчээккэ бэлэмнээн хаалларбыттара, билигин наука эйгэтигэр киэҥ ааҕааччы биһирэбилин ылаллар.
Оччотооҕуга кинигэни бэчээттээн таһаарыы судургута суоҕа, элбэх инстанциялары, кэпсэтиилэри, идеологияҕа сөп түбэһэр экспертизаны, цензураны, редакциялааһыны ааһыахтааҕа. Онно холоотоххо, система уларыйбытын кэннэ, билиҥҥи кэмҥэ кинигэни бэчээттээн таһаарыы судургу соҕус буолла. Ол да иһин мин биир бэйэм быйыл алтынньы ыйга диэри 166 кинигэ, хомуурунньук, үөрэх пособиетын авторын, хомуйан оҥорооччутун, редакторын быһыытынан бэчээттээн таһаарыыга кытынным. Мин фольклорга үлэм библиографиятын эhиги библиотекаҕыт электроннай картотекатыттан уонна П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэhитэ В.Н. Павлова оҥорбут “Якутский героический эпос” библиографиятыттан көрүөххүтүн сөп. Киниэхэ махталым муҥура суох. Норуот аатырбыт ырыаhыта С.А. Зверев – Кыыл Уола библиографиятыгар киирии ыстатыйаны миэхэ итэҕэйэн суруттаран турар.
Түгэнинэн туhанан, мин үйэ аҥаардаах үлэбин-хамнаспын, кинигэлэрбин киэҥ эйгэҕэ сырдатыыга СӨ Национальнай библиотека кыраайы үөрэтэр салаатын үлэhиттэрэ миэхэ мэлдьи көмөлөhөллөрүгэр махтанабын. Национальнай уонна краеведческай пуонда салаатын библиотекардарын кытта устудьуон эрдэхпиттэн алтыстым, наадалаах кинигэлэрбин бэрт түргэнник булан биэрээччилэр. Таhаарбыт кинигэлэрбин сүрэхтээhиҥҥэ мэлдьи көмөлөhөллөр, иилээн-саҕалаан ыыталлар, туох наада буоларынан мэлдьи көмөлөhөллөрүгэр дириҥ махталбын тиэрдэбин.
Бу күннэргэ олоҥхо декадата саҕаламмытынан сибээстээн, миэхэ улуустартан, культура управлениеларыттан, оскуолалартан, библиотекаттан норуот айымньытын, олоҥхону сурукка-бичиккэ түhэрэн үйэтитиигэ хайдах үлэлээбиппин, ханнык олоҥхоhуттары кытта алтыспыппын ыйыталаhаллар, аныгы сиэринэн тэйиччиттэн да буолар видеонан, интернетинэн сибээстэhэллэр, кэпсэттэрэллэр. Дьэ, ол иhин үйэ аҥаардаах үлэбин анааран көрөргө холонобун. Туох-ханнык иннинэ эдэрдэр мин тугу таппыппын, тугу сыыспыппын өйдүүллэригэр, бэйэлэрэ саҥа саҕалаан эрэр үлэлэригэр фольклору хомуйууга, киэҥ эйгэҕэ тиэрдиигэ, наука туһугар туох үйэлээҕи билиҥҥи кэмҥэ оҥоруохха сөбүй диэн толкуйдаан көрөллөрүгэр уонна туһаналларыгар туһалаах буолуон сөп.
Саха фольклористикатыгар Г.М. Васильев бэйэтин өр сыллаах норуот айымньытын хомуйууга, норуот талааннаахтарын кытта үлэтин уопутун “Живой родник” диэн үлэтигэр сырдатан турар. Кырдьаҕас фольклорист үрдүк үөрэҕи бүтэрэн кэлэн баран, Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ суруйааччылар сойуустара норуот ырыаһыттарын кытта үлэтин, кинилэри суруйааччылар сойуустарыгар ылыыны, сэбиэскэй тиэмэҕэ аналлаах ырыаларын-тойуктарын сурукка-бичиккэ түһэрэн үйэтитиилэрин сүрүннээбитин, онуоха кини биир бастакынан үлэлэспитин, Саха сирин суруйааччыларын маҥнайгы сийиэстэригэр норуот ырыаһыттарын айар үлэлэригэр аналлаах дакылааты оҥорбутун сиһилии суруйбута. Кини дакылаатын түмүгүнэн биллиилээх норуот ырыаһыттара, олоҥхоһуттар Д.М. Говоров-Олоҥхоһут Миитэрэй, Н.А. Абрамов-Кынат, И.И. Бурнашев-Тоҥ Суорун, Н.И. Степанов-Ноорой, Е.Е. Иванова, П.П. Ядрихинскай- Бэдьээлэ, С.А. Зверев-Кыыл Уола, М.Т. Шароборин-Кумаарап, Е.Г. Охлопков Саха сирин Суруйааччыларын маҥнайгы сийиэстэригэр ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэннэринэн ылыллыбыттара. Маныаха Георгий Митрофанович дакылааччыт да быһыытынан, кинилэри кытта сирэй үлэлэспит киһи буоларынан оруола улахан этэ. Фольклорист кинилэри суруйааччылар сойуустарыгар чилиэнинэн ылыы норуот ырыаһыттарын айар көхтөрүн үрдэппитин туһунан кинигэтигэр анаан-минээн суруйбута.
Кырдьаҕас фольклорист норуот ырыаһыттарын С.А. Зверев, Н.А. Абрамов, Е.Е. Иванова курдук талааннаах дьону кытта өр сылларга бииргэ айымньылаахтык үлэлээбитин туһунан суруйбута биһиэхэ, фольклористарга, үтүө холобур буолар. Кини биирдиилээн талба талааннаахтары кытта туһулаан үлэлээбитэ чуолаан миэхэ, фольклор айымньыларын хомуйуунан саҥа дьарыктанан үлэлээн эрэр киһиэхэ, үтүө холобур буолбута.
НА СО Саха сиринээҕи филиалын аспирантуратыгар үөрэнэр сылларбар уонна ТЛИ Институтун фольклор секторыгар үлэлиир кэмнэрбэр Г.М. Васильевы кытта чугастык алтыспытым. Кини кимнээҕи кытта ордук алтыһан үлэлээбитин туоһулаһар этим. С.А. Зверев-Кыыл Уолунуун Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн алтыһан үлэлээбитин ахтара. Кини “Айхал, эйиэхэ Аар тайҕа” диэн тойугун сурукка-бичиккэ түһэрэн үйэтиппитин кэпсиирэ, норуот ырыаһытын айар лабораториятын, онуоха фольклорист кыттыытын туһунан кэпсиирэ миэхэ кэрэхсэбиллээх этэ. Ол туһунан “Живой родник” кинигэтигэр кичэмэллээн суруйбута норуот ырыаһыттарын кытта айымньылаахтык үлэлииргэ олук охсоро. Г.М.Васильев, идэтийбит үөрэхтээх фольклорист буоларын быһыытынан, норуот ырыаһытыттан бэйэтэ да, кэргэнэ Ф.И. Федорова да суруйбут “Айхал, эйиэхэ Аар тайҕа” биэс варианнарын барытын НА СО Саха сиринээҕи филиалын архивыгар сыа-сым курдук тутан, харайан туттарбыт этэ. Ону кэлин Кыыл Уола төрөөбүтэ 100 сылын туолар юбилейыгар бэлэмнээн таһаарбыт “Сарсын, сарсын сарсыарда” хомуурунньукпутугар биэс варианын барытын түмэн киллэрбиппит. Баай уопуттаах фольклорист норуот тылынан айымньыта сурукка-бичиккэ киирэригэр хас уонна уларыйарын, хас суруйуу ахсын сонун тыл-өс, саҥа уобарас, хоһуйуу баар буолан иһэрин, хас биирдии вариаҥҥа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга такайбыта.
Мин бэйэбин Г.У. Эргис олохтообут фольклористарын оскуолатын утумнааччы курдук сананабын. Кини П.А. Ойуунускайдыын Тыл уонна культура институтун тэрийиигэ маҥнай этии киллэрсибит дьонтон биирдэстэрэ. 1935 с. П.А. Ойуунускай дириэктэрдээх Тыл уонна культура института тэриллэригэр Георгий Устинович соҕуруу аспирантураҕа үөрэнэ сылдьара. Ол да буоллар, кини этиитинэн фольклор сектора тэриллибитэ. Сектор сэбиэдиссэйинэн суруйааччы Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон анаммыта. Сэһэн Боло, А.А. Саввин Бүлүүтээҕи, Хотугу фольклорнай-диалектологическай экспедицияларга таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Георгий Устинович Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ аспирантуратын бүтэрбэккэ эрэ доруобуйатынан сыыллан кэлбитэ. Киевкэ аан дойдуга биллэр бөдөҥ учуонайга академик А.Е. Крымскайга аспирантураҕа үөрэммитэ уонна фольклору хомуйуу уонна чинчийии методологиятын баһылаабыта. Сэрии ыар сылларыгар Г.У. Эргис пединститукка преподавателлаабыта, фольклор туһунан лекцияны аахпыта уонна фольклор айымньыларын хомуйууга практиканы салайбыта. Кэлин пединститукка аахпыт лекцияларын түмэн, үөрэнээччилэрэ, коллегалара Н.В. Емельянов, П.Е. Ефремов “Очерки по якутскому фольклору” диэн билигин да ХИФУ устудьуоннара үөрэнэ сылдьар кинигэлэрин «Наука» кинигэ кыһатыгар бэчээттэппиттэрэ. Оттон фольклор айымньыларын хомуйууга аналлаах «Спутник якутского фольклориста» уонна «Памятка собирателям советского фольклора» диэн пособиеларын ТЛИНЧ институтугар үлэлиир сылларыгар бэйэтэ бэчээттэппитэ. Биһиги иннинээҕи да, билиҥҥи да фольклористар Г.У. Эргис бу пособиеларынан сирдэтэн, норуот тылынан уус-уран айымньыларын сурукка-бичиккэ түһэриигэ бары кэриэтэ үлэлээбиппит. Бу өттүнэн ыллахха, Г.У. Эргис барыбыт кэриэтэ учууталбыт буолар.
Г.У. Эргис 1947 с. «Дьулуруйар Ньургун Боотур-Ньургун Боотур Стремительный» олоҥхону сахалыы-нууччалыы тылбаастаан, комментарийдаан, киирии ыстатыйаны суруйан, маҥнайгы академическай таһаарыыны оҥорбута уонна ити үлэтинэн научнай дакылаат оҥорон, саха фольклористарыттан аан-маҥнай учуонай аатын ылбыта. Кини итинтэн ыла саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын научнайдык үөрэтиигэ олоҕун анаабыта. Н.В. Емедьянов, В.Т. Петров, С.П. Ойунская быһаччы салалтатынан кандидатскай диссертацияларын суруйбуттара, фольклористика наука быһыытынан үөскүүрүгэр, сайдарыгар быһаччы оруоллаахтар. П.Е. Ефремов, төһө да кандидатскай диссертациятын көмүскээбэтэр, үгүс фольклорнай экспедицияларга кыттыбыта, фольклор академическай таһаарыыларыгар тылбаасчыт, бэлэмнээн таһаарааччы быһыытынан көхтөөхтүк кыттыбыта. Кини долганнар уонна хотугу сахалар фольклордарын үөрэтиигэ дьоһуннаах кылааты киллэрбитэ. Дьэ, ол да иһин проф. Н.Н. Тобуроков ТЛИ Институтун директоры научнай үлэҕэ солбуйааччынан үлэлиир кэмигэр аттестацияҕа Прокопий Елисеевиһи үс кандидакка биэрбэппин диэн сыаналаабыта уос номоҕо буолбута.
Г.У. Эргис кэнниттэн саха фольклористикатын үөрэтиигэ кини үөрэнээччитэ Н.В. Емельянов эстафены туппута уонна өр сылларга айымньылаахтык үлэлээбитэ. Кини маҥнай өс хоһооннорун үөрэппитэ, кандидатскай диссертациятын көмүскээбитэ, олоҥхо сюжеттарын чинчийиигэ олохтоохтук үлэлээбитэ уонна докторскай диссертациятын научнай дакылаатынан Улан-Удэҕэ ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Кини быһаччы салалтатынан мин олоҥхоһуттары үөрэтиинэн дьарыктаммытым уонна Алма-Ата куоракка М. Ауэзов аатынан Литература уонна искусство институтугар кандидатскай диссертациябын “Искусство якутских олонхосутов” диэн тиэмэҕэ ситиһиилээхтик көмүскээбитим. Кэлин 1997 сыллаахха Улан-Удэҕэ “Монголоведение, буддология, тибетология” институтугар “Сказительство в системе фольклорной традиции народа саха” диэн тиэмэҕэ докторскай диссертациябын көмүскээбитим.
Николай Васильевич фольклор секторын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир сылларыгар Москва уонна Санкт-Петербург (оччотооҕуга Ленинград дииллэрэ) куораттар институттарын аспирантураларыгар Ю.Н. Дьяконованы, С.Д. Мухоплеваны, В.М. Никифоровы ыытан үөрэттэрбитэ уонна секторга фольклорист быһыытынан Николай Васильевич салалтатынан үлэлээбиттэрэ. Онон кинилэри эмиэ Эргис оскуолатын утумнааччылар кэккэлэригэр киллэрэбит.
Билигин мин салалтабынан кандидатскай диссертацияларын А.А. Кузьмина, А.Н. Данилова, В.А. Ноговицын, Л.П. Герасимова, О.Н. Дмитриева, Н.А. Оросина көмүскээтилэр, сорохторо Г.У. Эргис төрүттээбит фольклор секторыгар айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар. Кинилэр төрдүс сүһүөх саха фольклористара буолалллар. Н.В. Павлова төһө да научнай салайааччыта Алтай учуонайа Киндикова да буоллар, үрдүк үөрэҕи бүтэриэҕиттэн, фольклор секторыгар С.Д. Мухоплева салалтатынан лаборантан саҕалаан научнай үлэһиккэ, наука кандидатыгар тиийэ үүннэ-сайынна. Г.У. Эргис оскуолатын утумнааччы буолар.
Н.В. Емельянов ахтарынан, Г.У. Эргис ТЛИНЧ Институтугар үлэлии кэлиэҕиттэн, “Программа минимум” уонна “Программа максимум” диэн сыал оҥостон үлэлээбит. “Программа минимум” диэн туох-ханнык иннинэ саха фольклорун дьиҥ толорооччулартан наука ирдэбилинэн сурукка-бичиккэ түһэрэн ылыы эбит. Оттон “Программа-максимум” диэн норуот айымньытын научнайдык үөрэтии боппуруоһун туруорбут Г.У. Эргис уонна кини үөрэнээччилэрэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри “Программа-минимум” уонна “Программа-максимум” былааннарын толорууга айымньылаахтык үлэлээн кэллилэр.
Мин, уопсай үлэттэн туора турбакка, фольклористика туруорар боппуруостарын күүһүм тиийэринэн, өйүм хоторунан үлэлээн кэллим. Уратыта диэн мин фольклорист учуонай быһыытынан олоҥхо-ыһыах-оһуохай диэн саха культуратын үс мэҥэ өйдөбүллэрин тэҥҥэ тутан үлэлээн-хамсаан кэллим. Манна сыһыаннах монографиялары, хомуурунньуктары, олоҥхо кинигэлэрин, ахтыылары, научнай-популярнай ыстатыйалары суруйан, оҥорон бэчээттэттим, М.З. Мартынов (Сунтаар), И.Е. Кардашевскай (Хаҥалас), В.О.Каратаев, В.С.Васильев (Бүлүү), Д.А.Томская (Верхоянскай). В.Д.Егоров-Айах Баһылай, Д.С. Сергеев, С.С. Егоров (Ньурба) олоҥхолорун магнитофоҥҥа устубутум, сорохторун сурукка-бичиккэ таһааран, кинигэҕэ киллэрэн наука эйгэтигэр таһаардым. Бу биир киһи холугар балачча элбэх үлэ курдук көрөбүн. Мин үгүс түбүктээх, сындалҕаннаах үлэбэр кыыһым Т.В. Илларионова уонна үөрэнээччилэрим Н.А. Оросина, А.Н. Данилова, А.А. Кузьмина, Н.В. Павлова көмөлөһөллөр. Кинилэргэ дириҥ махталбын тиэрдэбин.
Мин үйэ аҥаара норуот тылынан айымньытын хомуйарбар аҕа көлүөнэ, туох-ханнык иннинэ биһиги барыбыт учууталбыт Г.У. Эргис туруорбут соруктарын 70-с сыллартан саҕалаан толорорго дьулуспутум. Биһиги иннибитинээҕи фольклористар үгүстэрэ норуот айымньытын илиинэн норуот талааннааҕын тылыттан суруйаллара. Ол олус сындалҕаннаах үлэ этэ. Фольклор айымньытын толорооччу тута толорор дьоҕурдаах. Ханна да тохтообокко этэн субурутар, ону тылыттан тылыгар суруйар бэрт уустук, киһи эрэ барыта кыайбат үлэтэ. Дьэ, ол иһин, ким хайдах сатыырынан фольклор айымньыларын сурукка-бичиккэ түһэрэрэ. Идэтийбит фольклористар норуот талааннааҕа тугу эппитин тылыттан тылыгар суруйарга кыһаллаллара. Кистэл буолбатах, сорох фольклорист-хомуйааччылар норуот талааннаахтарыттан истибиттэрин тупсаран-чочуйан да суруйаллара. Билигин Гуманитарнай институт фольклористара норуот айымньытын текстологическай өттүнэн үөрэтиигэ ылсыһан эрэллэрэ кэрэхсэбиллээх.
Биһиги кэммитигэр магнитофонунан устуу киирбитэ. Ол олоҥхону толоруу олоҥхоһут хайдах эппитинэн сурукка-бичиккэ түһэрэр кыах үөскээбитэ. Ол эрээри магнитофонтан сурукка-бичиккэ таһаарарга тулууру уонна дьүккүөрдээх үлэни эрэйэр. Дьэ, ол иһин, үгүс магнитофоннай суруйуулар сурукка-бичиккэ тахсыбакка сыталлар. Фольклорнай экспедицияҕа норуот талааннаахтарыттан магнитофоҥҥа уһуллубут фонозапистары оцифровкалаан, компьютернай технологияҕа киллэрэн үйэтитии боппуруоһун быһаарар бириэмэ ирдэбилэ буолла. Кыаллар буоллаҕына, 70-80-с сылларга магнитофоҥҥа устуулары тилиннэрэн, паспордаан, жанрдарынан, толорооччуларынан, устубут дьонунан наардаан, чөлүгэр түһэрэн баран, сайтка таһааран, уопсай туттууга киллэрэн, наука эйгэтигэр таһаарар бириэмэ ирдэбилэ буолла.
Мин саныахпар, СӨ Национальнай библиотека саҥа саламтата электроннай библиотека систематын, ситимин тэрийиигэ олус таhаарыылаахтык үлэлээн эрэрэ бу карантин кэмигэр көhүннэ. Электроннай библиотекаҕа киирэн, талбыт литератураҕын дьиэҕэр олорон ылан туhаныахха сөп. Аны ИГИ-лэри кытта дуогабар түhэрсэн, Научнай киин архыыбыгар баар рукописнай тиэкистэри оцифровкалаан, сайтка таhааран, киhи барыта туhанарын курдук тэрийиэхтээхтэр. Дьэ, оччоҕуна саха фольклористара 75 сыл хомуйбут фольклорнай матырыйаалларын уу харахпытынан көрөн, ааҕан, научнай үлэлэрбитигэр туhанар кыахтаныахпыт. Итиэннэ билигин мультимедийнай кинигэлэри бэлэмнээн таhаарар кыах үөскүүр. Онон саха фольклорун үөрэтиигэ, сурукка-бичиккэ таhаарыыга саҥа саҕахтар арыллыахтара. Ол аата биhиги үлэлээбит үлэлэрбит кэлэр көлүөнэлэргэ үйэтийиэхтэрэ, норуот үйэлэр тухары илдьэ кэлбит олоҥхолоро, ырыата-тойуга, оhуохайа саҥалыы дуораhыйыахтара, эдэр учуонайдар дириҥник үөрэтэллэригэр кыахтар арыллыахтара. Онуоха СӨ Национальнай библиотеката дьоhуннаах хардыыны оҥорор.
Эhигини барыгытын Олоҥхо декадата саҕаламмытынан истиҥник эҕэрдэлиибин, олоҥхону үйэтитиигэ, ыччаттарга, чинчийээччилэргэ тиэрдиигэ айымньылаах үлэни барҕалыыбын.
В.В. Илларионов – филологичекай наука доктора, профессор, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата.
2020 сыл, сэтинньи 15 к