«Олоҥхо таҥаһын алыптаах дьиктитэ» тэрээһиҥҥэ ыҥырабыт
01.12.2023
Ахсынньы 2 күнүгэр күнүс 15.00 чаастан СӨ Национальнай библиотекатыгар Олоҥхо декадатынан уонна «Кыhын саха сириттэн саҕаланар» фестиваль чэрчитинэн төрүт өбүгэлэрбит кэтэр кыһыҥҥы соннорун көрдөрөр «Олоҥхо таҥаһын алыптаах дьиктитэ» диэн тэрээһиҥҥэ ыҥырабыт.
Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытыахтара «Уран иис» түмсүү салайааччыта, устуоруйа билимин хандьыдаата, дассыан Светлана Петрова уонна «Өбүгэ суола» научно-просветительскай түмсүү салайааччыта, Сибиир агыйах ахсааннаах норуоттарын чинчийэр гуманитарной институт научнай үлэһитэ Александра Прокопьева.
Саха далбара уонна уолан эр киһитэ дьоро мааны кэмнэргэ, саха таҥаһын хаамыытыгар уонна кыһыҥҥы тымныы кэмнэргэ кэтиллэр таҥастарын, «Уран Саха» ювелирнай фирма уонна аатырбыт уустар Иннокентий Егоров, Петр Алексеев үрүҥ көмүс, алтан киэргэллэрин илэ хараххытынан көрөн-сэргээн, сэргэх кэпсээни истэн, «Уран Иис» талааннаах иистэҥньэҥнэрэ тикпит ат маанылаах симэхтэрин көрөн, дуоһуйан бараргытыгар ыҥырабыт.
Көрөөччүлэр мааны сахалыы таҥастаах кэлэргит биһирэнэр.
Буолар сирэ: пр. Ленина, 40 (Октябрьскай уул. өттүнэн), 2 этээс фойета.
«Уран иис» түмсүү үлэлэрин бу сигэнэн киирэн билсиҥ: https://new.nlrs.ru/open/101277.
Рубрики