Бүгүн — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ
Олунньу 13 күнэ— сахалартан бастакы тыл үөрэхтээх учуонай, уhулуччулаах сырдатааччы, саха маассабай суругун-бичигин төрүттээччи, сахалыы тылынан бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут, бэчээттэтэн таһаарбыт Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ.
1996 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнин Михаил Николаев ыйааҕынан С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ Төрөөбүт тыл, сурук бичик күнүнэн биллэриллибитэ.
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ бу күҥҥэ уонна саха тылын наукатыгар биллэр суолу хаалларбыт Сардаана Егиноваҕа аналлаах виртуальнай быыстапкалары, «Саха тылын төһө билэҕин?» тургутугу бэлэмнээтэ, Историческай дьиэ маҥнайгы этээһигэр ааҕар саалаҕа кинигэ быыстапкатын туруорда.
Электроннай бибилэтиэкэҕэ «Саха тыла/якутский язык» диэн саха тылыгар сыһыаннаах кинигэлэри, хаһыаттары хомуйан таһаарда, ону таһынан манна СӨ үтүөлээх артыыһа Майя Петровна Слепцова саха суруйааччыларын айымньыларын ааҕыыларын истиэххэ сөп.
Олунньу 12 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сахалыы таба суруйууну олохсутар уонна иҥэрэр сыаллаах «Сахалыы дьыктаан» аахсыйа ыытылынна.
Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, 19.00 чаастан «Саха» НКИХ ханаалыгар Төрөөбүт тылга уонна сурукка-бичиккэ аналлаах «Талбан» биэриини көрүҥ. Биэриигэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ кыттыахтара.
Ежегодно 13 февраля в Якутии отмечается День родного языка и письменности. Праздник был учрежден указом первого президента республики Михаила Николаева в 1996 году.
Дата приурочена ко дню рождения первого якутского лингвиста-ученого выдающегося просветителя, демократа, основоположника массовой письменности, автора первых учебников на якутском языке Семена Новгородова.
Национальная библиотека Якутии ко Дню родного языка представила виртуальную выставку и выставку, посвященную памяти лексиколога Сарданы Дмитриевны Егиновой, тематические подборки «Саха тыла/якутский язык», «Эбээ Маайа ааҕар» - аудиозаписи произведений якутских писателей, читает заслуженная артистка РС (Я) Майя Петровна Слепцова, подготовила тест на знание якутского языка, на первом этаже Исторического здания в читальном зале отдела обслуживания национально-краеведческими фондами представлена выставка книг и словарей.
Также 12 февраля в республике состоялась ежегодная просветительская акция «Сахалыы диктант», которая проводится ежегодно совместно с Институтом языков и культуры народов Северо-Востока РФ СВФУ.
Сегодня, 13 февраля, в 19.00 часов на канале НВК «Саха» смотрите передачу «Талбан», посвященную Дню родного языка и письменности.