Күндэ төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах хоһоон күрэҕин түмүгэ
А.А. Иванов-Күндэ төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах хоһоон күрэҕэр дьон көхтөөхтүк кытынна.
Дьүүллүүр сүбэҕэ «Күрүлгэн» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Афанасий Гуринов-Арчылан, «Чолбон» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, Саргылана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ үлэлээтилэр.
Дьүүл түмүгэ маннык буолла: I үрдэл – «Күндэ күндүтэ туохханый?», Е.Е. Находкин-Дьуоргуй Тыгыалыма (Өймөкөөн, Төрүт); II үрдэл – «Күндэҕэ», А.Е. Васильева (Таатта, Чычымах); III үрдэл – «Күндэ түптэтэ», И.Ф. Васильев-Тэгэ (Бүлүү, 1-кы Күүлэт).
П.Г. Сивцев-Арыылаах Уола (Горнай, Орто Сурт) – «Чолбон» сурунаал анал биһирэбилин; Е.Г. Калачев-Дьүккүөр Дьөгүөр (Бүлүү, Сыдыбыл) «Кыым», «Күрүлгэн» сыл аҥаардаах сурутууларын ыллылар.
Кыайыылаахтар ахсынньы 16 күнүгэр Саха тыйаатырын Алампа аатынан саалатыгар ыытыллар тэрээһиҥҥэ анал суругу, өйдөбүнньүк бэлэҕи тутуохтара. Тэрээһин тосхоло
Тэрийээччилэр: Сунтаар улууһун Л.А. Попов аатынан киин бибилэтиэкэтэ, Сунтаар улууһун дьаһалтата, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация, «Кыым» хаһыат эрэдээксийэтэ.