Кэм кэрэһиттэрэ (1930–1970 сс. хаһыаттар кэпсииллэр)
Ханнык баҕарар бибилэтиэкэҕэ хаһыат-сурунаал пуондата ааҕааччы интэриэһин тардар. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтин периодика саалатыгар (сал. А.П.Галущак) мэлдьитин ааҕааччы сылдьар: урукку да кэмнээҕи, билиҥҥи да периодиканы интэриэһиргээн ааҕар, үөрэтэр, чинчийэр.
04.03.2021
2020 сылга хамсык ыарыы туран бибилэтиэкэ сабыллан, ааҕааччыларга кэккэ ыарахаттар үөскээбиттэрэ. Ол эрэн, Электроннай бибилэтиэкэ өҥөтүнэн туһаныы элбээбитэ, олус элбэх докумуон, кинигэ, хаһыат сканируйданан, оцифровкаланан, Электроннай бибилэтиэкэҕэ (сал. А.Г.Бурнашева) бу иннинээҕи сылларга киирбитэ олус улахан төһүү күүс буолбута. Бу өҥө баар буолан, ааҕааччыларбыт ахсаана урукку сыллардааҕар аҕыйаабакка, бэл диэтэр, өссө элбээбитэ, электроннай кинигэлэри, хаһыаттары ааҕааччылар элбэхтик туһаммыттара.
Хамсык ыарыы турбутунан сибээстээн, тэрилтэлэргэ үлэ эрэһиимэ эмиэ уларыйыылары ирдээбитэ. Ол курдук, үлэһиттэри ыраахтан олорор үлэлиир эрэһиимҥэ көһөрүү, кинилэри үлэнэн хааччыйыы боппуруостара турбуттара. Национальнай бибилэтиэкэ салалтата (дириэктэр С.В.Максимова) бу балаһыанньаҕа үлэһиттэр үксүлэрэ ыраахтан олорон үлэлииллэригэр усулуобуйаны тэрийэргэ элбэх кыһамньытын уурбута. Ол түмүгэр исписэлиистэр дьиэлэригэр үлэлииллэригэр араас үлэ көрүҥнэрин кылгас кэм иһигэр тобулан, наардаан, аттаран туруортаабыта. Бу үлэлэртэн биирдэстэринэн өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын библиографиялааһын буолбута. Ол аата, ыстатыйа ааптарын, ис хоһоонун арыйан, кылгас библиографическай суруйууну оҥоруу.
Бу үлэ хайысхатынан 60-тан тахса үлэһит дьарыктанан, билигин 300 тыһыынча кэриҥэ библиографическай суруйууну оҥордулар. Ол курдук, 1932–1970 сыллардааҕы “Кыым”, “Социалистическая Якутия”, “Эдэр бассабыык”, “Молодой коммунист”, "Молодежь Якутии", “По ленинскому пути” уо.д.а. хаһыаттарга бэчээттэммит Саха сирин туһунан ыстатыйалар, суруйуулар барыта тус-туспа испииһэккэ киллэриллэн, «Указатели содержания” диэн хос ааттанан, номнуо уонтан тахса ыйынньык Национальнай бибилэтиэкэ Электроннай бибилэтиэкэтигэр киирэн, ааҕааччы туһанарыгар бэлэм. Инникитин өссө да киллэриллэ туруохтара.
Биһиги ыраахтан олорон үлэ кэмигэр бу үөһээ суруллубут өрөспүүбүлүкэ периодикатын чопчу 1932–1970 сыллары ылбыппыт төрүөтэ – бу ыйыллыбыт сылларга Саха сирин туһунан өрөспүүбүлүкэ периодикатыгар бэчээттэммит суруйуулар бүгүҥҥү күҥҥэ ханнык да библиографическай ыйынньыктарга киирбэтэхтэр, матырыйаал көрдүүр ааҕааччы хас биирдии хаһыаты арыйталаан, өр кэм олорон элбэх бириэмэтин аныан наада. Оттон 1931 сылга диэри Саха сирин туһунан матырыйааллар, ол иһигэр хаһыаттартан, сурунааллартан биллиилээх кыраайы үөрэтээччи-библиограф Н.Н.Грибановскай “Библиография Якутии” диэн фундаментальнай библиографическай ыйынньыгар киирбиттэрэ, кэлин 1971 сылтан ыстатыйалар “Саха АССР бэчээтин летопиһыгар – Летопись печати Якутской АССР” диэн библиографическай ыйынньыктарга киирбиттэрэ.
Онон, 1932–1970 сс. өрөспүүбүлүкэ периодикатыгар Саха сирин туһунан бэчээттэммит матырыйаалы билигин электроннай испииһэктэртэн (указателлэртэн), Национальнай бибилэтиэкэ Электроннай бибилэтиэкэтин нөҥүө киирэн булуохха сөп (nlrs.ru). Хаһыаттары бибилэтиэкэҕэ кэлэн, хас биирдиилэрин арыйа олорбокко, билигин ханна баҕарар олорон, ааҕыахха сөп. Оттон чопчу ханнык сылга, ханнык нүөмэргэ ааҕааччы наадыйар ыстатыйата бэчээттэммитин билигин эмиэ түргэнник, дэбигис булуо. Бу манна бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оҥорбут библиографическай ыйынньыктара төһүү күүс буолуохтара диэн биһиги эрэнэбит. Биллэн турар, хаһыат элбэхтик туһаныыттан алдьанара, тырыттара да баар суол. Онон, урукку сыллардааҕы хаһыаттары харыстыыр да туһуттан бу маннык ыйынньыгынан ааҕааччы туһаннаҕына, хаһыат ордук харыстаныа, өр сылларга тиийиэ этэ.
Эльвира Максимова, эрэгийиэннээҕи библиография отделын сэбиэдиссэйэ, ааптар хаартыскалара
edersaas.ru
Рубрики