Текст «Сахалыы диктанта» для самопроверки

Те, кто писал "Сахалыы диктант" онлайн, могут самостоятельно проверить себя.

19.02.2021

  сурэх.jpg


“Ол бэйэлээх туох алааһый, доҕор!” диэн эн, баҕар, сүөргүлүү саныаҥ. Кэбис, инньэ диэмэ, кырдьык да үчүгэй сир. Арыылаах тугун-ханныгын мин эйиэхэ, хараххар субу көстөн турар курдук, ойуулаан кэпсиэм этэ да, эрдэттэн билинэбин: сатыам суоҕа. Сорохтор оннооҕор хагдарыйбыт ньургуһуну эҥин бэйэлээхтик ситэрэн-хоторон хоһуйаллар эбээт. Оттон мин көҕөрөн-симэнэн турар алааһы ойуулаа диэтэллэр, бука, били биир хоһооҥҥо суруллубутун курдук, “күөх... күөх”... диэнтэн ураты тугу да булан этиэм суох этэ. Өйгөр саныыргын, хараххынан көрөргүн тылынан сатаан эппэттэн кыһыылаах туох баар үһүө! Чэ, ол да буоллар, этэргэ дылы, дугдуруй да оҕус, онон уустаан-ураннаан, ойуулаан-оһуордаан хоһуйбакка да эрэ, хайдах сатыырбынан кэпсээн көрүүм.

  Арыылаах балтараа көс кэриҥэ төгүрүмтэлээх, ортотугар үөтүнэн саба үүммүт булгунньахтаах алаас. Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, былыыр-былыр, эн биһиккиттэн хайабыт да күн сырдыгын көрө иликпитинэ, бу алаас бүтүннүүтэ сүүнэ улахан күөл эбитэ үһү, ол күөл ортотугар арай ити үөттээх булгунньах, арыы буолан, көстөрө эбитэ үһү. Ол иһин Арыылаах диэн ааттаабыттар. Алаас тула өттө бүтүннүүтэ үрдүк сыырынан иилэнэр, ол сыыр чабырҕайдарыгар тиийэ хара тыа үүнэн турар. Дэриэбинэ алаас хотугу өттүнээҕи халдьаайы үрдүгэр баар. Алаас илин сыырын кэтэҕинэн, дэриэбинэни аттынан “Таастаах” диэн улахан эйимнэрдээх, чөҥөрө чүөмпэлэрдээх таас үрэх сүүрдэр. Дэриэбинэттэн хотугулуу арҕаа хатыҥ чараҥ ойуурдар кэтэхтэригэр үгүс толооннор, быста-быста салҕанан, субуһан бараллар. Алаас оттонор, сүөһүлэр сайынын ити толооннорго мэччийэллэр. Уонна... уонна тугу этиэхпиний?

  Арыылаах туһунан кэпсээн бүттэҕим ити. “Кэпсииргинэн дьүүллээтэххэ, олус ураты үчүгэйэ да суох сир эбит” диэҕиҥ эн. Инньэ диэмэ. Эрдэттэн эппитим ээ: ойуулаан-оһуордаан сатаан кэпсээбэппин диэн. Кэпсээним эйиэхэ кэрэхсэппэтэх да буоллаҕына, онуоха алаас буруйа суох, мин буруйдаахпын. Онон эн Арыылаах кэрэ сир эбит диэн миэхэ бүк итэҕэйэн кэбиһэргэр эрэ тиийэҕин. Баҕар, эн бэйэҥ да сылдьыбытыҥ буолуо. Сылдьа илик буоллаххына, хайаан да сылдьаргар сүбэлиибин. “Саҥа дэриэбинэҕэ” барабын диэ да, ким баҕарар суолгун ыйан биэриэ.

Рубрики