Дьокуускайга ахсыс төгүлүн «Сахалыы диктант» ыытыллыаҕа
Олунньу 13 күнүгэр СӨ Национальнай библиотеката уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын института «Сахалыы диктант» суруйарга ыҥыраллар.
08.02.2021
2014 сылтан бу акция Төрөөбүт тылга, сурукка-бичиккэ аналлаах декада чэрчитинэн сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин олохсутар, иҥэрэр сыаллаах ыытыллар.
Сахалыы диктаны библиотека биэс саалатынан суруйуохтара, ону таһынан акцияҕа улуустар кыттыһыахтара.
Диктант суруйуон баҕалаахтар, СӨ Национальнай библиотекатын Колл-киинигэр 455-855 нүөмэринэн суруйтараҕыт.
Сахалыы диктант олунньу 13 күнүгэр 13.00 чаастан (14.00 чаастан саҕаланар) Ленин пр, 40 (Октябрьскай уул. өттүттэн) ыытыллыаҕа.
Рубрики