Ыһыахха ыраламмыт санаа ситиһиинэн туолар
Күндү доҕоттор!
21.06.2020
Саха норуота түҥ былыргыттан илдьэ кэлбит үгэстэрдээх, сиэрдээх-туомнаах, онтон биирдэстэрэ сир-дойду ситэн, силигилээн турар кэмигэр Айыыларга сүгүрүйэр алгыстаах ыһыах буолар. Ыһыах Айыы итэҕэлин кытта быстыспат ситимнээх, бу саха омук төрүт өйдөбүлэ. Ис санаа сааһыланан, сиэр-туом ситтэҕинэ, Айыылар биһиэхэ сырдык санааны, күүһү иҥэрэллэр, билиҥҥи олоҕу кэлэр кэми кытта ситимнээн, үрдүккэ дабатан түөрэх түһэрэллэр. Бу ыһыахха ыраламмыт санаа, оҥоһуллубут дьыала барыта ситиһиинэн туолар диэн өбүгэлэрбит бигэ өйдөбүллээхтэрэ.
Быйыл, күөххэ үктэммиппит кэннэ, Билгэ Хаан сыла үүннэ. Бу билии-көрүү, саҥаттан саҥаны баһылыыр, саҥа үрдэллэри дабайыы сыла буолар. Ыһыах алгыһын, тойугун иҥэринэн, оһуохай үҥкүүлээн, ыһыах аһын амсайан, күүспүтүгэр күүс, санаабытыгар санаа, билиибитигэр билии эбинэн, дойдубут сайдыытыгар өссө үрдүк ситиһиилэри ситиһиэҕиҥ, таһымнары ылыаҕыҥ!
Саргылана Максимова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Национальнай бибилэтиэкэтин директора
Рубрики