bootstrap website templates

Олох дьолун ыллыыбын...

Иван Еремеевич Иванов - Уйбаан Ороһуунускай
төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах
виртуальнай выставка

Атырдьах ыйын 9 күнүгэр 1945 с. Үөһээ Бүлүү улууһугар Ороһу нэһилиэгэр поэт, суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи, топономист, Россия географическай уопсастыбатын чилиэнэ, Айылҕа харыстабылын туйгуна, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун, Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо,
норуот эмчитэ Иван Еремеевич Иванов - Уйбаан Ороһуунускай күн сирин көрбүтэ.

Иван Еремеевич Иванов - Уйбаан Ороһуунускай төрүччүтэ

Mobirise

Оҕо сааһа «Кустук» холкуоска Дьаархан диэн алааска аапсыта.
Уйбаан Ороһуунускай ааҕааччыларга ырыа анаан суруйар поэт быһыытынан талаана, дьоҕура бэрт эрдэттэн биллибитэ.
Кини 4 кылааска үөрэнэр сылларыттан хоһоону суруйууга холоммут, ол курдук «Маай» диэн аан маҥнайгы хоһооно «Бэлэм буол» хаһыакка тахсыбыта.

Суруйар талааннаах уол республиканскай куонкурска «Хоннохтоох хотуурдаах уолаттар» диэн ыстатыйанан кыттан, 3-с миэстэни ылбыта. «Костер» сурунаал биллэрбит Бүтүн Союзтааҕы уус-уран айымньы куонкурсугар «Хаптаҕастыы сылдьан хаптарбыт» диэн кэпсээнинэн кыттан, 1 миэстэни ылан, «Орленок» лааҕырга баран сынньаммыттаах.   

Mobirise

 Ваня Иванов көхтөөх юнкор быһыытынан «Бэлэм буол» анал бирииһинэн - «Смена» фотоаппаратынан бириэмийэлэнэн турар. 

Mobirise

Кини СГУ саха тылын уонна литературатын салаатыгар туттарсан киирэн, 1971 с. бүтэрбитэ. Устудьуоннуу сылдьан Е.П. Шестаков-Эрчимэн салайар «Сэргэлээх уоттара» литературнай куруһуогар дьаныһан дьарыктаммыта. Аспирантураҕа үерэммитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин уонна сирдэрин ааттарын дириҥэтэн үөрэппитэ. Бу хайысхаҕа 2 кинигэни уонна хас да ыстатыйаны суруйбута. 

Mobirise

Ороһуунускай У., Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин ааттара. (топонимика) - Бүлүү: [и. с.], 1992

Mobirise

Ороһуунускай У., Үөһээ Бүлүү сирдэрин ааттара. (топонимика) - Ньурба: [и. с.], 1993

Mobirise

Ороһуунускай У., Үөһээ Бүлүү улууһун топонимиката - Дьокуускай: , 2000

И.Е. Иванов үөрэҕин бүтэрээт, саха тылын уонна литературатын учууталынан, оскуола дириэктэринэн, Ньурбатааҕы драматическай театр дириэктэринэн, сопхуос профкомун бэрэссэдээтэлинэн, М.А. Алексеев аатынан республиканскай гимназия учууталынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.   

Mobirise

Исидор Барахов аатынан орто оскуола 120 сыла. (ахтыылар) - Покровскай: Хангаласская улусная типография, 1996

Mobirise

Ороһуунускай У., Учууталлар барахсаттар. (очеркалар, ыстатыйалар) - Дьокуускай: Кудук, 1998 

Mobirise

Ороһу орто оскуолатын 65 сыла. (1930-1995) - Якутскай: Сахаполиграфиздат, 1995

Mobirise

Ороһуунускай, Уйбаан.
Биьиги Бараахаппыт 

пьеса, ахтыылар, ыстатыйалар / Уйбаан Ороһуунускай. - Дьокуускай : Бичик, 1998. - 46 с.  
Бу кинигэ уһулуччулаах судаарыстыбаннай үлэһит И.Н. Барахов 100 сааһын туолуутугар ананар. 

И.И. Аргунова «Поэзия аартыгын сандаарда» биобиблиографческай ыйынньыгар (Үөһээ Бүлүү, 2005) суруйарынан, И.Е. Иванов-Ороһуунускай - 41 кинигэ ааптара, ырыанньык бэйиэт быһыытынан 171 хоһооно ыллам ырыа буолан көппүт эбит. «Кэрэчээнэ», «Сахаайа», «Алгыстаах ырыалар» диэн ырыанньыктар ааптардара. 

Mobirise

Ороһуунускай У., Бүлүүбүтүн өрөһүйүөҕүҥ. (хоһооннор) - Дьокуускай: Ситим, 1994 

Mobirise

Ньурба уоттара. хоһооннор уонна кэпсээннэр хомуурунньуктара - Бүлүү: Бүлүү оройуонун тип., 1991

Mobirise

Ороһуунускай У., Үөрдүн хотун Бүлүүм. (хоһооннор) - Үэһээ Бүлүү: [и. с.], 1993

Mobirise

Ороһуунускай У., Үөһээ Бүлүүм - үрдүк үөрүүм!. [хоһооннор, ырыалар] - Дьокуускай: Бичик, 2005

Mobirise

Ороһуунускай У., Үөһээ Бүлүүм үрдээтин. [хоһооннор] - Үэһээ Бүлүү: [и. с.], 1992

Иллэҥ иэйии киирдэҕинэ,
Истиҥ санаа күүрдэҕинэ,
Тулаҥ тупса түһүөҕэ, 
"Тугун бэрдэй!" - дэтиэҕэ - 
Оччоҕуна баҕарыаҥ
Олох дьолун ыллыаххын,
Сүрэххиттэн талаһыаҥ,
Сибэккилии тыллыаххын... 

Mobirise

Ороһуунускай У., Кэрэчээнэ. [ырыанньык] - Дьокуускай: [и. с.], 1992

Mobirise

Ороһуунускай У., Сахаайа. (Ырыанньык) - Дьокуускай: , 1996

Mobirise

Алгыстаах ырыалар. ырыанньык - Сангаар: "Дабаан", хаһыат редакцията, 2013 

Mobirise

И.Е.Иванов-Ороһуунускай айымньыларыгар ыйынньык - Ньурба: , 1997 

Mobirise

Маны таһынан Уйбаан Еремеевич оҕолорго анаан тэттик кэпсээннэри суруйара.

Ороһуунускай У., Дьикти капкаан

Оҕолорго кэпсээннэр, зарисовкалар, хоһооннор - Үөһээ Бүлүү: [и. с.], 1993

 

Mobirise

Якутские песни о Великой Отечественной войне: для хора: к 75-летию Великой Победы

Издание представляет собой тематический сборник песен якутских мелодистов, самодеятельных композиторов и первого якутского композитора М. Жиркова, посвященный Великой Отечественной войне. Сборник адресован руководителям и участникам самодеятельных хоровых коллективов, любителям хорового пения. Может использоваться в учебной практике.

Айылҕаттан бэриллибит дьикти күүс

© ГКУ РС(Я) "Национальная библиотека РС(Я)"
Составители: Готовцева Туйаара Николаевна, ведущий библиотекарь 
Отдела национальных и краеведческих фондов,
Софронова Сардаана Александровна, библиотекарь
Регионального культурно-образовательного центра.
В выставке использованы материалы из фондов Национальной библиотеки РС (Я),
Электронной библиотеки НБ РС (Я).