create a web page for free

Дьааҥы Табалааҕын талба талааннааҕа



Поэт уонна прозаик-очеркист, спортсмен, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ Степан Иннокентьевич Юмшанов 75 сааһыгар (1945-2004) аналлаах виртуальнай быыстапка.



Биографията уонна айар үлэтэ

Степан Иннокентьевич 1945 сыллаахха атырдьах ыйын 31 күнүгэр Үөһээ Дьааҥы улууһун Табалаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 
 
Верхоянскай куорат орто оскуолатын 1963 сыллаахха, Дьокуускайдааҕы педагогическай училище физкультура отделын 1967 сыллаахха, СГУ история уонна тыл факультетын 1976 сыллаахха үөрэнэн бүтэртээбитэ. Өр сылларга төрөөбүт улууһугар учууталынан, оройуоннааҕы спорткомитет, райпотребсоюз уонна Верхоянскай куорат норуодунай депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1996 с. «Саха сирэ» хаһыат аналлаах корреспонденынан ылыллыбыта. Бу сылларга суруналыыс быһыытынан чаҕылхай талаана арыллыбыта, сиппитэ-хоппута. Бастыҥ журналистар ахсааннарыгар киирэ охсубута. Президент Гранын ылбыта, Журналистар, Суруйааччылар союзтарыгар чилиэнинэн киирбитэ. 


Mobirise

10 кылаас үөрэнээччитэ С.И.Юмшанов.1963 с.

Ыстапаан кыайыылаах 1945 сылга самаан сайын барыыта, от-мас саһарбыт кэмигэр, атырдьах ыйын бүтэһик сарсыардатыгар, ийэтин Өлөксөөндүрэни, аҕатын Лэкиэнтэйи үөрдэн, күн сирин көрбүтэ. // Эверстова М. Е., Киһи дьылҕата төрүүрүгэр ыйыллар. [поэт, журналист Степан Иннокентьевич Юмшанов - Ыстапаан туһунан ахтыы] //Дьааҥы аартыга. - 2015. - Атырдьах ыйын 29 күнэ-С. 4-5

Mobirise

Саха сирэ хаһыат коллектива. 2000 с.

"Саха сирэ" хаһыакка "Чысхаан" диэн балаһаны арыйан хотугу улуустар экономикаларын уонна төрүт культураларын ааҕааччы сэргиэн курдук суруйбута, кэпсээбитэ. Өссө уутуйан, өссө иэйэн суруйар баҕалааҕа уонна олус сөбүлээбит коллективыгар махтанара.

Mobirise

С.И. Юмшанов айар үлэҕэ дьоҕурдааҕа оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар биллибитэ, поэт М.Д.Ефимов тэрийбит литературнай куруһуогар дьарыктаммыта. Бастакы хоһоонноро 1991 с. «Түһүлгэҕэ түмсүү» диэн хомуурунньукка бэчээттэммиттэрэ.

Дойдута, дьоно

Mobirise

Юмшанов, Степан Иннокентьевич
Дьааҥым ахтылҕана- Дьокуускай : НИПК "Сахаполиграфист", 1996

"Дьааҥым сирин киэҥ уорҕатыгар алтыһан ааспыт доҕотторум, билэр дьонум сорохторо сиидэлэнэн-талыллан музей, летопись бороҥ хаартыскалара, суурхай строкалара туоһулаан дьон өйдөбүлүгэр хаалыахтара. Оттон мин киһини киһи курдук, олорбут олож
хторун кэрэ кэрчиктэрин ойуулаан, бу кэпсээннэрбэр киллэриэхпин баҕарабын. Биһиги маннык дьоннордоохпут дэтэр, бэйэм эйгэм сырдык, ыраас мөссүөннэрин кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ киэн туттан өйдөрүн-санааларын сырдык тумулуга оҥоһуннуннар."
С.И.Юмшанов.

Mobirise


Кинигэҕэ Юмшановтар аҕа уустарын туһунан кэпсэнэр. Хорообо аҕа ууһун үүнэр эдэр ыччата бэйтин төрүттэрин, урууларын-аймахтарын билсэллэригэр, олохторун инники кэскилин туһугар өйдөрүн-санааларын түмэллэригэр ананар


Үлэни-спорду таптааҥҥын 
Эн ситэн,эн үүнэн тахсаҥҥын,
Айар тыл күүһүгэр уйдаран,
Эккинэн-хааҥҥынан таттаран - 
Туймаада хочотун булбутуҥ,
Доҕору-атаһы муспутуҥ.

Николай Босиков


С.И.Юмшанов туһунан 

Mobirise

Биһиги Ыстапааммыт : [суруйааччы, поэт С. И.
Юмшанов туһунан ахтыылар / бэчээккэ хомуйан бэлэмнээтэ Слепцова М. Г.]. - Баатагай :2005

Mobirise

Сэһэргэһиэх, Ыстапааммыт туһунан / [хомуйан оҥордо, киирии тылы суруйда Е. Г. Юмшанова]. -
Дьокуускай : Бичик, 2008

Mobirise

Верхоянский улус (район) / [ред. совет: В. Г. Павлов, С. Д. Рожин, Г. Т. Степанов (авт.-сост.)]. - Якутск : Медиа-холдинг Якутия, 2015

Mobirise

 Талыы-Талба Табалаах / [хомуйан оҥордулар, бэчээккэ бэлэмнээтилэр С. Х. Потапов уо. д. а.].
- Дьокуускай : Көмүөл, 2016

Mobirise

"Ахтылҕан сүүмэҕэ санаалар
Ми кутум ситимин салҕааннар
Өрүүтүн кэрэни туойдуннар..."

Үтүөкээн да киһи кэлэн барбытын сыл хонук аастаҕын axcын ахтылҕан күүһэ ыбылы тутан, суохтуур санааларыҥ кини сырдык мөссүөнүн эргитэн, хараххар, дууһаҕар көрөҕүн. оннук дьикти, кэрэ киһи этэ биһиги Ыстапааммыт. // Акимов Д. Н., Дьааҥылар билигин да суохтуубут. [поэт, журналист Степан Иннокентьевич Юмшанов - Ыстапаан туһунан ахтыы] //Дьааҥы аартыга. - 2015. - Атырдьах ыйын 29 күнэ-С. 6;

Mobirise

Истиҥник санаспыт доҕоро Степан Дадаскинов

Киһи умсугуйан олоҕу олордоҕуна Таҥара баайыттан өлгөмнүк өлүүлүүр. Бу этии Ыстапааҥҥа быһаччы сыһыаннаах дии саныыбын. Дьааҥы үтүө - мааны киһитэ, эргиччи талааннаах, эйэҕэс майгылаах Ыстапаан биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар өрүү тыыннаах. Кини олорон ааспыт олоҕун, айан хаалларбыт үлэтин үчүгэйдик билэбит, биһириибит уонна киэн туттабыт. Биллиилээх биир дойдулаахпыт ахтылҕаннаах Табалааҕар биһигини кытта куруук бииргэ баарын курдук саныыбыт. // Эверстова М. Е., Киһи дьылҕата төрүүрүгэр ыйыллар. [поэт, журналист Степан Иннокентьевич Юмшанов - Ыстапаан туһунан ахтыы] //Дьааҥы аартыга. - 2015. - Атырдьах ыйын 29 күнэ-С. 4-5;

Mobirise

Райпоҕа председателлиир кэмигэр

Сарсыарда 4-5 чааска уһуктан суруйбутунан барабын, биир олорууга тохтоло суох 20-30- 40 страницаҕа тиийэ тардан кэбиһэр буоллум, санааларым, тылларым ситимнэнэн бэйэлэрэ тахсан иһэллэр, -- диирэ // Горохов В., Харыан модьун өй-санаа кыаҕа сиппэтэ. [талааннаах суруйааччы, журналист С. И. Юмшанов туһунан ахтыы] // Саха сирэ. - 2005. - 2005. - Ахсынньы 7 к. - С. 1

Mobirise

В.Власовы, И.Гороховы кытта Дьааҥы ыһыаҕар

Кини баар чахчыны уот харахха этэринэн, күннээҕи кыһалҕаны туоратыыга сытыы суруйуулара дьоҥҥо тиийимтиэтинэн, суруйар ньыманы таба туттарынан уратылаах суруналыыс этэ. // Поэт, прозаик-очеркист, суруналыыс. [Степан Юмшанов төрөөбүтэ 70 сылыгар] //Кэскил. - 2015. - Балаҕан ыйын 8 күнэ-С. 14

Айымньылара

Mobirise

Юмшанов, Степан Иннокентьевич
Айаным аргыстара : (хоһооннор, ырыалар) / муз. ред. А. П. Решетникова]. - Баатаҕай :1995

Mobirise

Юмшанов, Степан Иннокентьевич
Төлкөм түөрэҕэ
: [хоһооннор] / Сахаполиграфиздат, 1998.

Mobirise

Юмшанов, Степан Иннокентьевич
Бэстиэн бэтиэхэлэрэ. - Дьокуускай : Бичик, 2001 -. - 20 см. 3 чааһа. - 2004

Mobirise

Юмшанов, Степан Иннокентьевич
Туманнаах тоҕойдор
. - Дьокуускай, 2004- . Ч. 1. - Дьокуускай : Сахаполиграфиздат, 2004

Mobirise

Юмшанов, Степан Иннокентьевич
Туманнаах тоҕойдор
. - Дьокуускай, 2004- . Ч. 2. - Дьокуускай : Бичик, 2005

Спорт

Mobirise

Көбүөргэ бүтэһик тахсыыта. Орто Халыма, 1984 с.

Степан Юмшанов олорбут олоҕун баһыйар улахан аҥаарын спорка анаабыт. Бэйэтэ айылҕаттан бэриллибит күүстээх буолан, тустууга кутун туттарбыт.Төрөөбүт Дьааҥытын, Сахатын сирин уонна Орто Азия республикаларыгар үөскээбит күүстээх дьоннору уон тарбаҕын курдук билэрэ. Кэнники уонча сылларга улахан күрэхтэһиилэр түһулгэлэригэр: Москваҕа, Санкт-Петербурга, Красноярскайга баран, себүлээн үлэлээбит "Саха сирэ" хаһыатын сорудаҕын толорон кэлэр этэ. Урут, тус бэйэтин үбүнэн аатырбыт бөҕөстөр күрэхтэһиилэрин көрөөрү Грузияҕа тиийтэлиирэ. Көҥүл тустууга Саха сирин боруонса призера, республика тыатын сирин үс төгүллээх чемпиона, Хотугу зона сүүрбэччэ төгүллээх чемпиона уонна призера. // Дадаскинов С. Е., Аламаҕай киһи этэ.... [журналист, суруйааччы, спортсмен С. Юмшанов туһунан] //Саха сирэ. - 2005. - Тохсунньу 14 к.-С. 4

Mobirise

Юмшанов, Степан Иннокентьевич
Тустуук уол Дохсун : оҕолорго аналлаах поэма. - Дьокуускай : Бичик, 2002

Ыарахаттартан ча5ыйбакка, иннин диэки баран иһэр эдэр тустуук Дохсун уол. Орто саастаах оролорго ананар.

Mobirise

Үөһээ Дьааҥы тустуутун историятыгар биллэр суолу хаалларбыт, биир дойдулаахтарын ытыктабылын ылбыт көбүөр маастардарын туһунан кинигэ.

Mobirise

Юмшанов, Степан Иннокентьевич
Арай кини баара буоллар... : [очеркалар]. - Дьокуускай : ПКФ "Мега-плюс", 2007

Бу кэриэстэбил кинигэ Саха Республикатын Суруйааччыларын, Россия Журналистарын союзтарын чилиэнэ С.И.Юмшанов саха биллиилээх тустууктарын туһунан суруйууларыттан түмэн оҥоһулунна.

Mobirise


Кинигэҕэ саха бөҕөстөрө хайдах кыра эрдэхтэриттэн сайдан, кэлин тустуунан эрчиллэн киэҥ россия чемпиона буолбуттарын туһунан кэпсэнэр. 

Mobirise

История спортивной борьбы Якутии, 1956-2016 / [сост.] Р. Кривогорницын. - Якутск : ИП Кривогорницын Р. Ю., 2016

                                     

Книга рассказывает об истории становления и развития спортивной борьбы в Якутии с 1956 по 2016 годы

Mobirise

Оскуола бастакы тустууга. Верхоянскай к.

Mobirise

Общественнай тренер С.И.Юмшанов Табалаах тустууктарын кытта

Mobirise

Олимпийскай чемпионнар А.Ивановы, Р.Дмитриевы кытта.
1997 с.

Ахтыылара, уочаркалара

Mobirise

Дьааҥылар дьоһун ыһыахтара : 1994 сыл, бэс ыйын 25-27 кк., Верхоянскай к. - Батагай : Якутполиграфиздат, 1994

Mobirise

Юмшанов, Степан Иннокентьевич
Ааспыт кэмнэр кэрчиктэрэ : көрдөөх кэпсээннэр, ахтыылар, очеркалар. - Дьокуускай : Сахаполиграфиздат, 2001

Mobirise

Юмшанов, Степан Иннокентьевич
Куруук бииргэ санаһан. - Дьокуускай : Сахаполиграфиздат, 2003

Санаан ааһаар дуу, миигин.
Доҕор дьонтон хомойор,
Туоххаһыйар, хоргутар
Чуумпу курус киэһэҕэр
Санаан ылаар дуу, миигин.
Астаах остуол айдаана,
Айхал тыллаах куйдаана
Ааһар чуҥкук кэмигэр,
Ахтан ылаар дуу, миигин.
Олох бары далбарын,
Ойуу-бичик мандарын
Көрсөн салпыт тугэҥҥэр,
Санаан ылаар дуу, миигин. 

Дууһаҥ олус тууйуллар,
Тулаҥ бүттүүн суураллар
Хобдох курус түүнүгэр
Оргууй миигин ын-ыраар.
Тиийиэм айыы арчылаах,
Дьикти сырдык ыралаах,
Хоһоон, ырыа кэһиилээх,
Куруук өспөт эрэллээх.
Санньыар киэһэ сарыала
Саҕахтарга кыыһыыта,
Санааларгын сырдатан,
Санаан ылаар дуу, миигин.



 С.И. Юмшанов тиһэх хоһооно

ГКУ РС(Я) "Национальная библиотека РС(Я)"  

    Составители:
    • Отдел национальных и краеведческих фондов, 
    • Региональный культурно-образовательный центр.

    В выставке использованы материалы из фондов Национальной библиотеки
    РС (Я,
    Электронной библиотеки
    НБ РС (Я)