Сайылыкка
Сайылыкпыт тиэргэнэ
Сирэм күөҕү тэлгэннэ.
Сибэккинэн киэргэннэ,
Силигилии симэннэ.
Ардах кэннэ халлаана
Аалай кустугу курданна,
Сөрүүн сүөгэй салгына
Сымала дыргыл сыттанна.
Самаан сылаас сайыҥҥа
Сайылыкпыт барахсаҥҥа,
Оҕо аймах мустаммыт
Оонньуурбутун таптыыбыт.
Петр Дмитриев - Туутук
Сирилэс тыаллаах, түптэлэс тымныылаах уһун кыһыммыт ааһан самаан сайын барахсан кэлэрэ саха омукка үйэттэн-үйэ тухары үөрүүлээх-көтүүлээх да буоллаҕа. Хас биирдии ыал муус кырыа кыһыҥҥы балаҕаныттан сайылыкка тахсыыта – Саҥа Дьылы көрсүүтэ туспа үтүө, туспа кэрэ-бэлиэ кэм. Аҕыс ыйы мэлдьи аргыардаах тымныыга, халыҥ кырыа хаарга сабыллан сыппыт хонуу, тыа барыта уһуктан саҥа чаҕыл күнү уруйдууллар.
Алаастар, үрэхтэр, сайылыктар хонуулара сымнаҕас күөх көбүөрүнэн тэлгэнэн күүтүүлээх хаһаайыннара көһөн кэлбиттэрин эҕэрдэлээн күөрэгэй ырыатынан, кэтэх тыаҕа кэҕэ чуор куолаһынан, саҥа аппыт сибэкки дыргыл сытынан көрсөллөр. Улахан дьоннор, оҕолор сайылыкка тахсаннар сүргэлэрэ көтөҕүллэр, санаалара саргыланар.
Күндүл халлаан күөнүттэн күн уота чаҕылыйан сып-сылааһынан сыдьаайар, тиит мас киистэтэ тахсан көҕөрөн чэлгийэр, хатыҥ чараҥ сэбирдэҕэ үүнэн ытарҕалыы иилинэн тэлибирии наскыйар. Сарсыарда эрдэттэн ымыы чыычаах – тиит күөрэгэйэ тыа саҕатыгар ыллаан дьырылатар, алааска хонуу күөрэгэйэ көтөн күөрэйэ-күөрэйэ дьурулаан ыллыыр, улахан күөллэр муустара ууллан балыктара ыыр.
Көтөр бииһэ – хаас, кус уонна анды үөрдэрэ көтөн суугунууллар, суккуллаллар. Кус, хаас, чөкчөҥө саҥата, кэҕэ этэрэ, чыычаах ырыата сүрэххэ кутуллар, сүргэни үөрдэр. Хонуу кырса көҕөрөр, сыттанар, кэрэ кэм.
"Ийэм сайылыга" Эрхаан толоруутугар
2018 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Ил Дархана Айсен Николаев Уурааҕынан
ыам ыйын 22 күнэ Сайылык күнүнэн биллэриллибитэ.
"Сайылык" Василий Еремеев толоруутугар
Сайылык – ыанньыйбыт ынах маҕырааһынынан, үөр сылгы кистээн дьырылатыытынан, оҕо-уруу көрдөөх ырыатынан, күргүөм күлүүтүнэн туола түһэрэ үчүгэй даҕаны. Сайылыкка хаҥыл сылгылар сырсыыларын, модун-дохсун оҕустар харсыһыыларын, ыраахха диэри унаарар түптэ дьикти сытын ким умнуо баарай?
Сайылыкка тахсыы биһиги кыраайбыт ыарахан усулуобуйатыгар сөп түбэһиннэрэн, мэччирэҥи, туһаныллар сирдэри көдьүүстэрин үрдэтэргэ көмөлөһөр.
Мэччирэҥнээх сайылыкка ынах, сылгы, сүөһү дөбөҥнүк уойар, ынах элбэх үүтү ыатар. Онон сайылыкка көһүү саха норуотун олоҕун биир туспа бэлиэтэ буолар.
2023 сыл көрдөрүүтүнэн бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 348 сайылык баара, олортон 332-тэ үүтү туттарыыга анаан үлэлээбитэ.
Сайылыктар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар бааллар. Саамай элбэх сайыҥҥы пиэрмэлээх улуустар: Уус-Алдан - 39 сайылыктаах, Сунтаар - 37, Мэҥэ Хаҥалас - 33, Чурапчы - 29, Амма уонна Хаҥалас улуустарыгар - 27-лии сайылыктаахтар.
"Сайылык" Мария Соболева толоруутугар
Саас сайылык дьиэҕэ көһүөх иннинэ, саха дьоно кыһыны этэҥҥэ туораатыбыт диэн аал уоттарын оттон, дьиэ иччитигэр махтаналлара. Сарсыарда эрдэ туран тэлгэһэлэрин иннин ыраастыыллара. Дьиэ баҕанатыгар хатын сэбирдэҕин кыбытан, хотон аанын иннигэр түптэ уматан, бастыҥ ынахтарын хотонтон таһааран арчылыыллара. Дьиэлээх дьонтон аҕа саастаах киһи сүөһүлэрэ киэҥ сыһыыга тахсан элбэх үүтү, аһы биэрэ турдуннар диэн алгыс этэрэ. Онтон дьиэлээх тойон көһөрүгэр бэлэмнэнэн таһаҕастарын сыарҕаҕа тиэйэн баран, бүтэйин ааныгар кэлэн дэйбииринэн кириэс охсоро.
Айанныылларыгар эр киһи ойоҕунуун инники бараллар, оҕолор кинилэри кэннилэриттэн батыһаллар. Улаханнык айдаарбакка эрэ, элбэх саҥата-иҥэтэ суох көһөллөр, тоҕо диэтэххэ, улаханнык саҥардахтарына хотон, дьиэ иччитэ соһуйар эбит.
Сайылыктарыгар көһөн тиийэн оҕолор тоҕус сиргэ түптэ уматаллар. Титиик иһигэр бастыҥ баҕанаҕа алгыс ото-маһа бэлэмнэнэр. Алгыһы ыал аҕата эбэтэр эмээхсин толоруон сөп. Уот оттон баран сир-дойду иччитэ Аан Алахчын Хотунтан, баҕаналар иччилэриттэн, титиик иччититтэн көрдөһөн, сылгы сиэлинэн уматан сыт таһаараллар. Онтон чоҕу ылан хотон ортоку баҕанатыгар аҕалан, эмиэ сыт таһааран ыраастыыллар.
Ынахтарын титииккэ баайан баран дьиэлээх тойон дэйбииринэн арчылыыр. Күрүөтүн аанын сабар. Ынахтары баайталаан, бастакы ыаммыт үүтү ньирэйдэргэ биэрэр. Онтон дьиэҕэ киирэн алгыс этэр. Дьахталлар дойду иччитигэр анаан бэлэмнээбит саламаларын хотоннорун иһигэр ыйыыллар. Титиик баҕанатын таһыгар уот оттон титиик иччитин арыылаах алаадьынан, саламаатынан аһаталлар.
"Дайыына" бааһынай хаһаайыстыба
Нам улууһа, 2019 сыл
Сайылык : икки оонньуулаах пьеса, 1 ч. 8 мүн.
Сайылык : киносценарий, 39 мүн.
Сайылык
С.Данилов тыл., Т.Стручков мат.
Санаабар бу илэ көһүннэ
Сайылык алтан от сыһыылар.
Үчүгэй, үчүгэй күн үүннэ
Үүт туран, үүт тураан халлааммар.
Тумулга сайылык фермата -
Түптэ күөх буруота унаарар,
Кыталык кыргыттар
Кыргыттар лыах буолан дайдылар.
Санаабар биир ырыа дьиэрэйэр
Сайылык аныгы ырыата
Нап-намыын, нап-нарын үлүгэр
Намчытык тайаарар, доҕоттоор.
Ылаарда мин дууһам дьоллоно
Ыллыыбын мичээрдээх ырыабын
Амарах, амарах дьоннордоох
Ахтыылаах кыраайбын санааммын.
"Сайылык" сахалыы киинэ 1992 сыл
Сайылыгым барахсан
И.Ефремов т.
Сайылыгым барахсан дьэдьэн уга киэргэллээх,
Хатыҥ чараҥ алардаах, отон уга оһуордаах,
Бэстээх курдук мырааннаах.
Сайылыгым барахсан тула өттө эргиччи
Нуолур солко тыалардаах, дьиримирдиир долгуннаах
Дьикти ыраас уулардаах.
Сайылыгым барахсан сибэккинэн симэммит
Сиэдэрэйкээн көрүҥнээх, күндү көмүс күөмэйдээх
Күөрэгэйдиир чыычаахтаах.
Сайылыгым барахсан кэрэ дьикти бэйэлээх
Кэккэлэспит дьиэлэрдээх, төрөлкөйдүүр төрүөхтээх
Төрүт үтүө фермалаах.
Сайылыгым барахсан астаах сүөгэй быйаҥнаах,
Ача күөҕэ сайыннаах, үөрүү-көтүү аргыстаах
Тунал ыһыах уйгулаах.
Сайылыгым барахсан ырыа, үлэ аргыстаах -
Ыанньыксыттыыр ыччаттаах,
Барытыгар дьоҕурдаах бастыҥ, маяк дьоннордоох.
© Саха Өрөспүүбүлүкэтин "Национальнай бибилэтиэкэтэ", 2024 сыл.
Best AI Website Maker