Выпуск № 8 (декабрь 2023 г.)
Софронеева Елизавета Константиновна
Улусная общественная организация
"Иис-Уус умсулҕана"
Улусная общественная организация «Иис-Уус умсулҕана»
(«В мире искусства шитья»), Кобяйский улус
Наслежная творческая группа, занимающаяся рукоделием, народным творчеством. Действует с 2017 года. Основной идеей данного проекта является объединение творческих групп рукодельниц Кобяйского улуса путем передачи и обмена опытом, умений и навыков для всех желающих овладеть различными видами рукоделия, таких как: якутское традиционное лоскутное шитье с кантированием, изготовление национальных традиционных изделий из конского волоса в виде шляп, комаромахалок для защиты от комаров (дэйбиир), деталей конского убранства (үүн, тэhиин и т.д.).
Деятельность данного проекта направлена на мотивацию рукодельниц путем привлечения к участию в различных конкурсах, смотрах, выставках, таких как: районные смотры в рамках традиционных праздников «Ыhыах», районные смотры местного производства «Местное производство года», республиканская выставка-ярмарка «Якутия мастеровая», республиканская выставка «Лоскутная радуга», республиканское мероприятие «Олонхо ыhыаҕа». Постоянное участие на выставках декоративно-прикладного искусства и народного творчества показывает активный интерес участников творческих групп к занятию вышеперечисленными видами традиционного рукоделия. Участники творческих групп в рамках проекта «Иис-Уус умсулҕана» передают и распространяют свой опыт, умения и навыки на поселковых, республиканских уровнях.
КЭБЭЭЙИ
Солко долгун күөҕүнэн
Суорҕаннанар сайыннаах,
Кырса, куобах түүтүнэн
Кырыаланар кыһыннаах,
Элбэх күөллээх, алаастаах,
Эмис собо балыктаах –
Кэрэ кэскил кыраайбын
Кэбээйибин таптыыбын.
И. Петров
Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах уонна Кэбээйи улууһа 85 сыллаах бэлиэ күнүгэр-дьылыгар ананар улууспут нэһилиэктэрин олоҕун-дьаһаҕын, төрүт дьарыктарын кэпсиир көбүөр 2022 сыллаахха тигиллэн, таҥыллан дьон-аймах сэҥээриитин балачча ылла. Бу панноны көрөн турар киһиэхэ панно тугу кэпсиирин сырдататарга, бастатан туран улууспут историятын сэгэтэн сэһэргиир ирдэниллэр курдук. Кэбээйи улууһа 1937 сыллаахха саҥа тэриллэригэр ыаллыы сытар улуустартан ыраах кытыы сирдэрин-уоттарын быһан ылан, Кэбээйи бөһүөлэгэр кииннээн тэриллибитэ. Ол курдук Нам улууһуттан Кэбээйи, Куокуй, Тыайа, Сангаар, Сииттэ, Горнай улууһуттан Ньидьили үс нэһилиэгэ Чагда, Лүксүгүн, Арыттаах, Бүлүү улууһуттан Мукучу, икки Лүүчүн нэһилиэктэрэ Кэбээйи улууһугар диэн бэриллибиттэрэ, кэлин эбии Саккырыыр оройуонуттан Сэбээн Күөл, Уус Алдантан Ыал Уһуга, Батамай уонна Сиэгэн Күөл Намтан эбиллэн Сангаарга кииннээн кэҥээн промышленнай улуус тэриллэр. Ол иһин олох-дьаһах, төрүт дьарык быһыытынан да сирбит-уоппут айылҕатынан да сүрдээҕин уратылаһар. Манна Таас Дьааҥы дьапталҕалара киэҥ сири тайаан сыталлар, таастаах хайа быыһынан сүүрүгүрдэр ып-ыраас уулаах үрэхтэрдээх, үс улуу өрүспүт холбоһор холбороҥ хочолордоох, киэҥ нэлэмэн өлгөм үүнүүлээх Турбаахы Эбэ курдук ходуһалардаах, кумах куйаарыныы тукулааннаардаах, көмүс хатырыктаах балык баайдаах, сүүһүнэн ааҕыллар күөллэрдээх. Ол курдук Саха Сирин саамай киэҥинэн, уһунунан аатырар эбэлэриттэн биирдэстэрэ Ньидьили эбэбит буоллаҕа. Өссө биир саамай дириҥ күөлүнэн биллэр Сэбээн Күөл Таас Дьааҥы хайатын быыһыгар кратер оннута буолар.
Киэҥ Кэбээйибит олоҕун оломун дириҥ номоҕун дьүһүйбүт имигэс илиилээх, истиҥ сырдык иэйиилэрин иҥэрэн иистэммит иистэнньэҥ ийэ, дьиэтээҕи күннээҕи түбүктэрин бүтэрэн баран, бэйэтин ис санаатын сааһыланан иэйэн-куойан иһийэн, иннэтигэр сап уган кыҥаан, кичэйэн тигэ олорон тугу эрэ киҥинэйэн ыллаан ыла-ыла, айар кут умсулҕаныгар ылларан, куттуун-сүрдүүн сырдаан сылаанньыйа манньыйан, төрүттэрин санаан махтана сүгүрүйэн, өбүгэтин үгэһинэн мындырдыы олордоҕо... Биһиги бүгүн көбүөргэ көрөбүт тус-туһунан сюжеттардаах ааспыт олохпут кэрэһитэ кэрэ көстүүнү. Көрбүт эрэ барыта, бэйэтин төрөөбүт-үөскээбит тапталлаах сирин-дойдутун көрөөт билэр, үөрэ көрөр, ахтан-санаан ааһар, махтанар.
Манна көстөрүн курдук Таас Дьааҥы дьапталҕа арҕастарын быыһыгар, чөкө бүөмнээн бүгэн олорор Ламыҥха эбээннэрэ Сэбээн Күөлгэ таба иитиитэ төрүт дьарыктаах ураты культураларын төрүт үгэстэрин тутан олороллорун. Сиэгэн Күөл эмиэ, Алын Дьааҥы хайалардаах мааны айылҕалаах ыраас сүүрүктээх Тумара үрэҕэр алыһар, дьарҕаа балыктааҕынан биллэр. Иистэнньэҥ
"Хомоҕой хоһооммор,
Ылбаҕай ырыабар
Хоһуйуом Сиэгэммин,
Туойуом Тумарабын,
Ахтыаҕым хайаларбын,
Ып-ыраас ууларгын.
Экчи эрэниэм кэрэ дьылҕаҕар" диэн хоһуйар.
Былыргы Өксөкүлээх айаннаабыт дьаам суолун ортото, ол суолбутугар киирэр аартыгар Алдан Өлүөнэлиин силбэһиитигэр Батамай бөһүөлэгэ турар. Былыр хотуттан хостонуллубут сүлүүдэни тиэйбит бааржалар устан ааһаллара диэн олохтоохтор өйдүүллэрин дьүһүйбүт. Сииттэ өлгөм оттоох ходуһаларыгар сылгылар хаһан аһыы сылдьаллара – дьөһөгөй оҕолорун дьүһүйүү, кыһыҥҥы айылҕабыт биир кэрэ көстүүтэ буоллаҕа.
Кэбээйибит олохтоохторо үйэлээх төрүт дьарыктарынан – муҥханан балыктааһын күөл культурата диэнинэн биллэр. Ол курдук аатырыан аатырар элбэх ырыаларга ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Ньидьили эбэбит киэҥ туонатын тула үс нэһилиэк Чагда, Арыктаах, Лүксүгүн тэнийэн олороллор.
Муҥхалааһын төрүт үгэспит үс түһүмэҕин Арыктаах иистээхтэрин триптихтэригэр көрөбүт: үтүмэх үтэн муҥханы хаамтарыыны, боротуоктааһыны уонна чардаакка муҥха ийэтиттэн собону баһыыны.
Баҕадьалар сүрүн төрүт дьарыктара сүөһү, сыспай сиэллээҕи иитии буолан сайыҥҥы сырал куйаас күн түбүктэрин, ходуһаҕа оттооһун түгэнин көрөбүт.
Оттон Лүксүгүҥҥэ өр кэмҥэ кырымахтаах күөх кырсаны дэлэччи иитэр кыыл фермата сүрүн дьарык буола сылдьыбыта үйэтитиллибит. Тыайа нэһилиэгэр хороҕор муостааҕы иитии кыһыҥҥы хотоҥҥо көстүүтүн иистэнньэҥ, оччотооҕу кэмҥэ сылы эргиччи үрүҥ илгэни үрүлүтээччи – бастыҥ ыанньыксыттарга махталын биллэрбит.
Бүтүн Саха Сирин күөх уотунан гааһынан хааччыйбыт Мастаах нэһилиэгэр умайбыт бастакы факелын кытта өссө Куокуйга эмиэ газ аан бастаан арыллыбытын история чахчылара икки нэһилиэкпит панноларыгар туоһуланар.
Мукучу нэһилиэгэ, былыргы аата этэринии, сайыҥҥы титииктэрдээх сайылыктара дьүһүйүллүбүт.
Арыылаах аата да быйаҥнааҕын курдук, сайын үгэнигэр, үүт-сүөгэй аллар алаас отугар ынах сүөһү мэччийэн, толору кутуллубут үрүҥ астаах ыаҕайалара саахымат аттарыы олбоххо тоҕуоруспуттар.
Кэбээйи үс өрүс кутуллар холбороҥ хочотун күөллэригэр үөскүүр балыгын соҕотуопкалыырга балык собуота тэриллэн балыксыт артыалларынан сүнньүнэн Хаалбыстар туруу үлэһит балыксыттара Ньидьили эбэттэн собону үгэннээн хото таһаараннар, былааннарын лаппа толороннор балыгы тууһаан, тоҥорон ледниктарга харайан "Рыбак" катерынан таһан государствоҕа туттараллара барыта бу панноҕа көстөр.
Чагдаҕа кэнники сылларга ынах сүөһү аҕыйаан, сылгы ахсаана эбиллэн, оттуурга-мастыырга кыһыҥҥы өттүгэр тыа дьонугар трактор көлө өҥөтө абырыырын ойуунан кэпсииллэр.
Сахабыт сиригэр кэмиттэн кэмигэр сатыылыыр уот кураан, сут дьыллар өҥ дьыллардыын солбуһан ааспыттарын, биһиги киэҥ нэлэмэн, сүүһүнэн хоннохтоох, өҥ хочобутугар – Турбаахы Эбэбитигэр, элбэх улуустартан көһөн кэлэн, сайыны быһа оттоон, дьыл тахсар отторун булунан, сорохтор ол сылдьан билсэн сөбүлэһэн ыал буолан үөрэн-көтөн махтанан баралларын мэктиэтигэр, Кэбээйи паннотугар күһүҥҥү от үлэтин үмүрүтүү түгэнэ көстөр.
Сангаар улууспут киинэ буолан, үгүс омук тоҕуоруһар куораттыҥы бөһүөлэккэ тиийэ сайдан, таас чох хостонон шахта тиҥинэччи үлэлээн, ньиргийэн олорор кэмнээҕэ. Хостонор таас чохпут өрүс суолунан тиэллэн “СевМорПуть” пароходтарын уонна күн бүгүҥҥэ диэри республикабыт араас улуустарын оттугунан кыһыннары-сайыннары хааччыйа олороро аттаһыллан ойууламмыт. Бу курдук "Иис Уус Умсулҕана" улуустааҕы түмсүүбүт тапталлаах дойдубутун хоһуйан, иэйэн-куойан өбүгэлэрбитигэр махталбытын дьүһүйбүт бэлэхпит буолар.
Built with Mobirise website creator