"Я оптимистка, предпочитаю видеть в луже не грязь, а отражение неба"
Утуйбатах түүммэр миэхэ,
Тыллар сиэттиһэн кэлэннэр
Хоһооҥҥо хомуллан киирдилэр,
Иэйиигэ кыбыллан хааллылар.
Ыйдаҥа уотугар көөчүктээн,
Онньоһон өйбөр түстүлэр.
Эмискэ сап курдук тиһиллэн,
Оһуордаан лиискэ түстулэр.
Сороҕор сасыһа оонньоннор,
Биири көрдөтөн сордууллар.
Табыллан таҥыллан испэккэ,
Ыһыллан атыны туойаллар...
09 августа 2016 г.
Якутск
Маҥан хаар үҥкүүлээн
Наҕыллык талбаарар,
Үрүмэ үруҥ хаар
Үөһэттэн кутуллар.
Сымнаҕас түү курдук
Сирэйбин таарыйан,
Сылаастык имэрийэн
Сиргэ туһэн тэлгэнэр.
Долгуйбат уу нуурал
Долгуҥҥа уйдаран,
Сырдык ыра санаа
Ымыыта эн буоллуҥ.
Үүт тураан олоҕу,
Тапталы, толору дьолу,
Бу курдук наҕыллык
Дьоҥҥо эн түстээтиҥ!
15 апреля 2017 г.
Якутск
Дьолу күн ахсын көрдүүбүт,
Хаһан кэлиэй диэн күүтэбит.
Ааһар күннэри түргэтэтэн,
Сайыны, сааһы ыҥырабыт.
Ол сылдьан өйдөөбөппүт
Олох диэн күндү бэлэҕин,
Хас биирдии ойбут күн
Хатыламмат үтүө өрүтүн.
Саппаҕырбыт да сарсыарда
Саҥаны кэрэни түстүүрүн,
Сатаан табан сырыттахха
Сырыыбыт да туһаланарын.
Кыраттан тымтан турбакка
Эйэлээхтик биһи олоруохха,
Сатаабат кыайбат санааны
Кыйдаан ыраах үүрэммит.
Күннэтэ бу кэлэр үөрүүнү
Кыра диэбэккэ ылыныахха,
Хомолтону хоонньуга кууспакка
Үөрэ- көтө өрүү сылдьыахха.
11 мая 2019 г.
Якутск
Made with Mobirise website builder